Алтынньы 20 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр “Ахтан – санаан ааһыаҕыҥ күргүөмнээх үлэ кэмнэрин ! ” нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээбит бары ветеран үлэһиттэрбитигэр, трактористарга, суоппардарга , ону сэргэ күн бүгүн үлэлиир «Хаххах» кооператив коллективыгар , фермер ыччаттарбытыгар, ветучасток ветераннарыгар , билиҥҥи коллективка уонна бары кэтэх хаһаастыбалаах нэһилиэкпит олохтоохторугар анаан итии чэйдээх сандалы тула сынньалаҥ тэрээһин буолан ааста.
Бүгүҥҥү тэрээһин итии чэйдээх сандалы тула олорон ирэ – хоро кэпсэтии, үлэлээн ааспыт кэмнэри ахтан- санаан сэһэргэһии , үөрэ – көтө сынньаныы, оонньуу, ырыа – тойук тула ааста. Тэрээһин бары кыттыылаахтарыгар истин эҕэрдэни тириэртилэр:
«Ийэбинээн» эдэр ийэлэр кыргыттарынаан үҥкүү
Олохтоох орто оскуола коллективын аатыттан «Балыктааҕым , мин дойдум» в. Гоголев тыла , К.Цыпандина мел.
Соло Варя Аманатова репертуарыттан «Алаас кыыьа»
Алын сүһүөх кылаастар кыргыттарын толоруутугар «Биьиги маамабыт»
Олохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба коллективын толоруутугар «Ыллыыбын эһиэхэ анаан»
«Ай — тыас» фольклорнай бөлөх толоруутугар «Дьөһөгөй»
“Мүчүк”фольклорнай ансаамбыл толоруутугар былыргылыы чабырҕах “Диэхтэрэ диэхтиибин”(салайааччы – ССРС култууратын туйгуна, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина А.Д.)
«Сайдыына» ырыа бөлөҕүн толоруутугар «Хомус тыаһа»
Трио толоруутугар А. Варламова тыла, мелодията «Аҕам алааһа»
Эҕэрдэ тыл уонна үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн үбүлүөйдээх бэлиэ кэмнэринэн эҕэрдэ суругу, анал бэлиэлэри туттарда “Мэҥэ нэһилиэгэ” тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич :
65 саастарыгар саастарыгар үктэммит убаастабыллаах ытык – мааны дьоммутугар:
Осипова Марфа Николаевнаҕа – үлэ ветерана, күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ, “Доруобуйа”кулууп, нэһилиэк общественнай олоҕор активнай кыттааччы
Сотников Егор Васильевичка – үлэ ветерана, уһун сылларга “Максим Горькай”, “Мэҥэ”совхозтарга эҥкилэ суох үлэлээбит ветеран суоппар , нэһилиэк общественнай олоҕор саамай активнай кыттааччы , видеосьемка , монтаж үлэлэригэр саамай тутаах киһибит. Элбэх оҕо тапталлаах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.
60 сааһыгар үктэммит убаастабыллаах , ытык – мааны
Никитин Валерий Федоровичка – үлэ ветерана , уһун сылларга «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга эҥкилэ суох үлэлээбит ветеран суоппар, элбэх уол оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.
Үлэни өрө тутан, уйгуну – быйаҥы уһансар үөрүнньэҥ үлэһит киһини үрдэтэр , уруйдуур үтүө мааны күҥҥэ эҕэрдэ тылларын тириэртилэр:
Араас көрдөөх оонньуулар ыытыллан кыайыылаахтар сэмэй бириистэринэн бэлиэтэннилэр.
Үҥкүү, ырыа – тойук хойукка диэри ньиргийдэ.
Соһуччу үөрүүлээх түгэнинэн бырааһынньыктааҕы босхо лотерея оонньотуута буолла.Ол курдук соһуччу түгэннэр кыайыылаахтарынан таҕыстылар:
Олохтоох култуура дьиэтэ олохтообут “1 төгүл эҕэрдэ сурук таһаартарыыга полиграфия өҥөтө”сүүйүү кыайыылааҕынан буолла Евгений Протодьяконов
Олохтоох култуура дьиэтэ олохтообут «1 төгүл 10 шт цветной хаартыска таһаартарыыга полиграфия өҥөтө» бирииһи сүүйдэ Дьяконова Евдокия Васильевна
Ноговицын Семен Александрович олохтообут «1 төгүл Балыктаах – Төҥүлү – Балыктаах маршрутунан такси босхо услугата» бирииһи сүүйдэ Захарова Анна Гаврильевна
Ноговицын Александр Прокопьевич олохтообут «1 төгүл «Вода» массыына босхо услугата – дьиэҕэ – уокка туттарга 3 бочка ууну куттарыы » бирииһи сүүйдэ Рожина Надежда Федоровна
Олохтоох дьаһалта (Баһылык Куприянов А.В.) олохтообут “ Бэйэ ылан бэлэмнээбит мууһу дьиэ таһыгар дылы 1 төгүл трактор тиэйэн таһаарыытыгар босхо услуга” бирииһи сүүйдэ Гоголев Роман Иннокентьевич
Бродников Илья Николаевич олохтообут «1төгүл Балыктаах – Дьокуускай – 1 конец маршрутка такси босхо услугата » бирииһи сүүйдэ Дьяконова Тамара Гаврильевна
Скрябин Василий Васильевич олохтообут «Чааһынай гаражка 1 хонукка босхо массыына туруоруу» бирииһи сүүйдэ Скрябина Анисия Даниловна
М.П.Габышев аатынан орто оскуола ( директор Иванов Е.Н.) олохтообут “Бэйэ ылан бэлэмнээбит мууһу дьиэ таһыгар дылы 1 төгүл трактор тиэйэн таһаарыытыгар босхо услуга” бирииһи сүүйдэ Березкина Валентина Борисовна
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөхтүк кыттыбыт бар дьоммутугар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махталбытын биллэрэбит. Куруук бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ, чэгиэн – чэбдик доруобуйаны , этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!