Алтынньы 23 күнүгэр, “Арчыына” түмсүү, (салайааччы Рожина Надежда Федоровна) ыаллыы сытар Төҥүлү нэһилиэгин “Доруобуйа” түмсүүтүн кытта көрсүһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, хардарыта уопут атастаһан кэллилэр.

Дьяконова Евдокия Васильевна арбуз үүннэриитин туһунан, интэриэһиргээн кэлбит истээччилэргэ, арбуһу хайдах прививкалаан (атын үүнээйигэ сыһыаран), тымныыга тулуурдаах гына үүннэрэр туһунан кистэлэҥнэрин билиһиннэрдэ, баай уопутуттан үллэһиннэ. Ону сэргэ хайдах олордор, хайдах көрөр-истэр туһунан сиһилии кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ, боппуруостарга эппиэттээтэ.

Төҥүлү нэһилиэгин “Доруобуйа” түмсүү сылаастык итии чэйдээх көрсөн, бэйэлэрин уус-уран үлэлэрин, сиэлтэн, кыбытык иис оҥоһуктарын ыалдьыттарга көрдөрдүлэр. Уран тарбахтаах, иэйиилээх иистэнньэҥнэр, бэйэлэрин оҥоһуктарын хайдах уратытык оҥорор уопуттарын билиһиннэрдилэр.

Көрсүһүү сылаас, истиҥ тылларынан эрэ буолбакка, түмсүү ылбаҕай ырыаларынан түмүктэннэ.

Төҥүлү нэһилиэгин “Доруобуйа” уонна биһиги нэһилиэкпит “Арчыына” түмсүүлэр икки өттүттэн истиҥ көрсүһүү тэрийбиттэрэ, сүбэ-ама уонна бэйэлэрин баай уопуттарын үллэстибиттэрэ хайҕаллаах суол. Кэлэр кэмҥэ, да маннык көрсүһүүлэр, санаа атастаһыылар уонна бииргэ үлэлииргэ аналлаах тэрээһиннэр, өссө да салҕанан иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.


