
Алтынньы 16 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр оҕуруот үүннэриитин киэҥник баһылаабыт Дьяконова Евдокия Васильевна нэһилиэк олохтоохторугар анаан арбуз үүннэриитин туһунан маастар-кылаас тэрийэн ыытта.



Евдокия Васильевна нэһилиэкпит биир активнай позициялаах Далбар хотуна, “Доруобуйа” түмсүүгэ 10 сыл устата утумнаахтык дьарыктанар, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы Максим Горькай, “Мэҥэ” совхозка 15 сыл устата ньирэй көрөөччүнэн уонна ыанньыксытынан, салгыы 17 сыл устата Балыктаах орто оскуолатыгар остолобуой сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит, 2014 сылтан күн бүгүн нэһилиэк дьаһалтатын техническэй үлэһитэ, нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар 3 төгүл дьокутаатынан талыллан, ситиһиилээхтик үлэлэспит ытык-мааны бэтэрээммит, уус-уран самодеятельность активнай кыттыылааҕа, нэһилиэккэ, түөлбэҕэ ыытыллар бары тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччыта, күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ.



Кулун тутар 31 күнүгэр Евдокия Васильевна ыыппыт маҥнайгы маастар-кылааһыгар кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит олохтоохторо истэн-сэргээн, ылыммыт билиини практикаҕа туттан, бу сыл сайыныгар арбуһу ууннэрбит дьон уопуттарын билиһиннэрдэ. Ону сэргэ бу күн маастар-кылааһы интэриэһиргээн кэлбит истээччилэргэ Евдокия Васильевна арбуһу хайдах прививкалаан (атын үүнээйигэ сыһыаран) тымныыга тулуурдаах гына үүннэрэр туһунан кистэлэҥнэрин билиһиннэрдэ, баай уопутуттан үллэһиннэ. Евдокия Васильевна хас сайын аайы кэргэнинээн Гаврил Ивановичтыын, оҕолорунаан тэлгэһэлэригэр араас от-мас үүнээйиилэри, сэдэх мастары, сибэкки арааһын, оҕуруот астарын, элбэх сир аһын сылын аайы өлгөмнүк үүннэрэллэрин, тэлгэһэлэрин, дууһаларын ууран туран киэргэппиттэрин улахан экранна нөҥүө көрдөрөн сиһилии кэпсээтэ.



Сайын устата Дьокуускай куораттан, Уус-Алдантан, Төҥүлүттэн, Маттаттан уонна нэһилиэкпит олохтоохторо интэриэһиргээн, ыалдьыттаан кэлэ сылдьыбыт кэми дуоһуйа кэпсээтэ. Истээчилэргэ маастар-кылаас нөҥүө сүбэ-ама биэрдэ, боппуруостарга эппиэттээтэ, бастыҥ сортаах арбузтары амсатта.



Маастар-кылааска Евдокия Васильевнаҕа махтанан эҕэрдэ тылларын тириэртилэр: Ксения Васильевна Прибылых, Анисия Даниловна Скрябина, Мария Павловна Колесова, Надежда Федоровна Рожина уонна Мария Алексеевна Захарова.





«Арбуз өлгөмнүк үүнүүтүн кистэлэҥнэрэ» маастар-кылааһы иилээн-саҕалаан ыыппыт оҕуруотчут Далбар Хотуҥҥа Евдокия Васильевнаҕа туһалаах сүбэлэрин иһин сылаас махтал тылларын аныыбыт. Аныгыс сыл сайыныгар нэһилиэкпит оҕуруотчуттара сахабыт сирин сайынын манньытар минньигэс аһын арбуһу үүннэриэхтэрэ диэн эрэнэбит.
