Быйылгы «Күһүн, күһүн — көмүс күһүн!» — быыстапка-дьаарбаҥкаҕа нэһилиэкпит ытык мааны дьонугар — тыыл ветераннарыгар уонна сэрии сылын оҕолоругар анаан үгэскэ кубулуйбут «Полка добра» акцияҕа быйыл олохтоох оскуола 1-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, оскуола коллектива, ону сэргэ нэһилиэк олохтоохторо үтүө санаанан салайтаран кыһыҥҥы хаһаастарыттан бэлэмнээбит кэһиилэрин бэлэх ууннулар. Биһиги нэһилиэкпит 4 тыыл ветераныгар, 9 сэрии сылын оҕолоругар быйылгы акция кэһиилэрин үөрэ-көтө түҥэттибит.
Нэһилиэкпит ытык-мааны кырдьаҕастарыгар, тыыл ветераннарыгар:
Заровняева Вера Григорьевнаҕа.
Черкашин Егор Николаевичка.
Габышева Парасковья Прокопьевнаҕа.
Стручков Иван Егоровичка.
Ону сэргэ «Полка добра» акция кэһиилэрин нэһилиэкпит ытык-мааны кырдьаҕастарыгар, сэрии сылын оҕолоругар үөрэ-көтө түҥэттибит:
Габышева Марфа Николаевнаҕа.
Анна Христофоровна, Николай Семенович Винокуровтар дьиэ кэргэҥҥэ.
Габышева Мотрена Игнатьевнаҕа.
Протодьяконов Афанасий Никифоровичка.
Куприянова Розалия Николаевнаҕа.
Максимова Дария Архиповнаҕа.
Харитонова Марфа Петровнаҕа.
Ноговицына Елена Васильевнаҕа.
Күндү, ытык-мааны ветераннарбыт! Баҕарабыт эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, быстыбат күүһү-уоҕу, баҕа санааҕыт барыта барҕара туолуохтун. Алгыспыт үтүөтэ, санаабыт сырдыга эһиэхэ тиийиэхтин!