«Айхаллан үлэ киһитэ».

Муус устар 28 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ сылын чэрчитинэн, нэһилиэкпитигэр  эйэ, үлэ, маай бырааһынньыгын көрсө «Айхаллан, үлэ киһитэ!» бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар үлэни өрө туппут, мэлдьитин инники күөҥҥэ сылдьыбыт уонна сылдьар үлэһит дьоммут аатын ааттаан, ахтан, санаан туран иһитиннэриини оҥордо «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыгын солбуйааччыта  Иван Егорович Мохначевскай.

Эйэ, үлэ, маай бырааһынньыгынан   музыкальнай эҕэрдэтин тириэртэ Вера Фадеева.

Үлэни өрө тутар, уйгуну-быйаҥы уһансар үөрүнньэҥ үлэһит киһини чиэстээн  «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын Куприянов Александр Валерьевич махтал суруга, анал бэлиэ туттарылыннылар: Харитонов Модест Матвеевичка, Дьяконов Василий Гаврильевичка- олохтоох ОДьКХ операторыгар, Ноговицын Александр Дмитриевичка- олохтоох ОДьКХ операторыгар, Кычкин Эдуард Михайловичка-олохтоох ОДьКХ операторыгар, Макаров Сергей Сергеевичка — «Сахаспецтранс» тракториһыгар, Ноговицына Наталья Гаврильевнаҕа- «Хаххах» кооператив учетчицатыгар, Кычкина Лариса Лаврентьевнаҕа-олохтоох ветучасток сэбиэдиссэйигэр, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ветеринария управлениетын ветеринарнай бырааһыгар.

Үөрүүлээх күҥҥэ юбилейнай саастарын туолбут кэрэ-бэлиэ кэмнэринэн  ытык-мааны дьоммутугар өйдөбүнньүк  сувенир, эҕэрдэ сурук туттарда «Мэҥэ нэһилиэгэ»тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыгын солбуйааччыта  Иван Егорович Мохначевскай:

85 сааһын туолбут убаастыыр киһибит  үлэ ветерана, өр сылларга олохтоох участковай балыыһаҕа үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык – мааны бэтэрээммит — Габышева Мотрена Игнатьевнаҕа.

75 саастарын туолбут дьоһун мааны ветераннарбытыгар:

Педагогическай үлэ ветерана, Саха Республикатын  үөрэҕин туйгуна,  Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа бочуоттаах үлэһитэ  — Мавра Иннокентьевна Говороваҕа;

Үлэ ветерана, Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуотун маастара , «Мэҥэ Хаҥалас улууһугар култуура уонна искусство сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына,  норуот биһирэбилин ылбыт «Балыктаах киэһэтэ» ырыа автора — Павел Васильевич Габышевка.

70 саастарын туолбут ытык мааны  дьоннорбутугар:

Өр сылларга Майатааҕы киин балыыһаҕа үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык – мааны бэтэрээммит —  Наталия Ивановна Мохначевскаяҕа.

Үлэ ветерана, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Республикатын бочуоттаах землеустроителя — Дмитрий Дмитрьевич Стручковка.

65 саастарын туолбут үтүө – мааны дьоннорбутугар:

 — Үлэ ветерана, «Эркээйи» хаһыат общественнай корреспондена, 2022 сыл түмүгүнэн «Эркээйи» хаһыат «Сыл бастыҥ общественнай корреспондена уонна сурутааччыта» анал аат хаһаайката — Мария Алексеевна Захароваҕа.

 — Балыктаах орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала,  Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа бочуоттаах үлэһитэ — Анна Филаретовна Бурнашеваҕа.

-Үлэ ветерана, «Мэҥэ» совхозка үгүс сылларга үтүө суобастаахтык экспедиторынан, суоппарынан үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык- мааны  ветераммыт —  Петр Лаврентьевич Кычкиҥҥа.

— Үлэ ветерана, “Максим Горькай”, “Мэҥэ”совхозтар тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык- мааны  ветераммыт —  Егор Гаврильевич Стручковка.

—  Үлэ ветерана, “Максим Горькай”, “Мэҥэ”совхозка үгүс сылларга үтүө суобастаахтык суоппарынан үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык- мааны  ветераммыт — Фома Фомич Ноговицынҥа.

— Үлэ ветерана, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын туйгуна — Семен Семенович Кычкинҥа. 

60 саастарын томточчу туолбут  ытыктыыр — убаастыыр дьоннорбутугар:

—  Үлэ ветерана, “Максим Горькай”, “Мэҥэ”совхозка үгүс сылларга үтүө суобастаахтык ыанньыксытынан үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык- мааны  ветераммыт —  Мотрена Петровна Сотниковаҕа.

— Сыана ветерана, Саха Республикатын культуратын туйгуна, «Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэ хаһаайына — Прибылых Иван Николаевичка.

Бу ааттаммыт бар дьоммутун кэрэ бэлиэ кэмнэринэн  сиэттэрэн, баҕа санааҕыт барҕара туоллун, ыра санааҕыт ыпсан истин, туппуккут тубустун, толкуйдаабыккыт тобулуннун, бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьаргытыгар ис сүрэхтэн баҕа санаабытын этэбит, биһигинниин мэлдьи бииргэ буолуҥ, этэҥҥэ уһуннук дьоллоохтук олоруҥ диэн алгыс тылбытын аныыбыт!

Өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ сылын чэрчитинэн, нэһилиэкпитигэр  эйэ, үлэ, маай бырааһынньыгын көрсө «Айхаллан, үлэ киһитэ!» тэрээһин кэнсиэригэр бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр:

«Үрүйэ» үҥкүү коллективын толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүүтэ».

Нэһилиэкпит эдэр ыччат уолаттарын толоруутугар Лэкиэс репертуарыттан «Доҕотторум».

Чабырҕахтаан чаҕаардылар  «Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх. «Чаа-Буо» – аныгылыы чабырҕах.

Антонина, Иван Прибылыхтар толорууларыгар «Ыксатыма даа эн, эдэр саас».

«Талба» үҥкүү коллективын толоруутугар «Колумбийскай үҥкүү».

Рима Фадеева толоруутугар Саина репертуарыттан «Сааскы киэһэ».

«Звездочка» оҕо уһуйаанын коллективын толоруутугар  «Ферма кыргыттара».

«Бэтиэхэлээх кыргыттар» көр — күлүү бөлөҕүн толоруутугар сыанка «Парикмахер».

Нэһилиэкпит эдэр ыччаттарын толоруутугар Флеш -моб «Бары бииргэ».

Ылбаҕай ырыанан бэйэтин эҕэрдэтин бэлэх уунна Семен Кычкин.

«Иэйии кытыла»  хоһоонньуттар түмсүүтүн толоруутугар авторскай хоһооннорунан уус – уран ааҕыы.  

«Сайдыына» вокальнай ансаамбыл толоруутугар «Дапсы» бөлөх репертуарыттан «Дьиэрэһий».

Ылбаҕай  ырыаларын бэлэхтээтилэр олохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба коллективын уолаттара.

Айыллаана Максимова толоруутугар казахскай үҥкүү.

Оскуола учууталларын  толоруутугар  «Балыктааҕым — мин дойдум».

 «Звездочка» оҕо уһуйаанын коллективын толоруутугар флеш-моб «Үлэ — олох аргыһа».  

Олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба  эр дьон коллективын толорууларыгар «Ыллыыбын эһиэхэ анаан».

«Аартык» оскуола үлэһиттэрин үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар  “Чороонноох үҥкүү”.

Вадим Шепелев толоруутугар «Тус хоту».  

«Мичээр» ыччат үҥкүү коллективын толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүүтэ».         

Бу курдук бары бииргэ түмсэн «Айхаллан, үлэ киһитэ!» тэрээһиммитигэр нэһилиэкпитигэр араас сылларга чаҕылхай көрдөрүүлээх, бастыҥ улэлээх, сэмэй кылааттарын киллэрбит бар дьоммутун ахтан-санаан аастыбыт, эйэ, үлэ, маай бырааһынньыгын бары биир киһи курдук түмсүүлээхтик, өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтибит. Бука барыгытыгар кыттыыгыт иһин махтал сылаас тылларын аныыбыт, эһиэхэ уҕараабат эрчими, чэгиэн-чэбдик буолууну баҕарабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *