Рубрика «Без рубрики»

«Күлүмүрдээ, лаглайбыт күөх харыйа!»

Республикабыт үрдүнэн сылын аайы тэриллэн ыытыллар «Кыһын Саха Сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн, ахсынньы ый 1 күнүгэр нэһилиэкпитигэр саҥа дьыллааҕы күөх харыйа уота күлүмүрдүү сандаарар үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста. Саҥа дьылы көрсөөрү, елка маһын туруордубут, араас өҥнөөх оонньууру онно тиһэн ыйаатыбыт. Бары бииргэ мустаммыт, кэрэчээн харыйабытын киэргэтэн биэрдибит.  Харыйабыт уота чаҕылыйа сандаарыан иннинэ, эрдэттэн бэйэ илиитинэн …

«Сахабыт Сиригэр Олоҥхо дьоро киэһэтэ».

Сэтинньи 25 күнүгэр А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Сахабыт Сиригэр Олоҥхо күнүн бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах олоҥхону толорооччулар, үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр, олоҥхо эйгэтигэр айымньылаахтык үлэлиир биир санаалаахтар түмсэн Олоҥхо күнүн бэлиэтээтилэр. Дьоро киэһэҕэ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин 1 солбуйааччыта, Олоҥхо иккис уон сылын тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр …

«Сахабыт Сиригэр Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан анал стипендиялары туттарда».

Сэтинньи 25 күнүгэр Сахабыт Сиригэр Олоҥхо национальнай күнүгэр Саха Республикатын Ил Дархана Айсен Николаев СР бырабыытылыстыбатын киэҥ куоҥ мааны саалатыгар бастыҥ олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары, норуот маастардарын уонна тимир уустарын ыҥыран чиэстээн-бочуоттаан анал 300000 солк стипендиялары туттарда. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан олоҥхоһуттартан 2-с Тыыллыма нэһилиэгиттэн олоҥхону толорооччу, СР культуратын туйгуна Гаврил Васильевич Спиридонов, норуот маастардарыгар Майа сэлиэнньэтиттэн СР …

«Идэһэ киэһэтэ — 2024».

Сэтинньи 22 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр  сылын аайы үгэскэ кубулуйбут түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар   «Идэһэ киэһэтэ — 2024»  быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһин буолан ааста. Сир сир аайы кыыдааннаах кыһыммыт тиийэн кэлэн, кыстыкка бигэтик үктэнэн, идэһэ туттан, уһун кыһыммытын туоруурга бэлэм буоллубут. Онон сиэттэрэн,  «Идэһэ киэһэтэ — 2024» тэрээһиммитигэр быйылгы идэһэттэн эт арааһыттан быыстапка, сылгы оһоҕоһун ыраастааһыҥҥа, туйах …

«Улуустааҕы аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах уус – уран көрүү бэстибээлэ»

  Сэтинньи 19 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха  Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Мэҥэ – Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар аналлаах “Дойдуунускай”, “Мөҥүрүөн”, “ Мэҥэ”, «Араҥас», “Төҥүлү”, “Доллу”, ”Дьабыыл” нэһилиэктэрэ кыттыылаах «Оҕо саас, дьиэ-кэргэн уйгулаах олоҕун уруйдаан туойабыт!» девизтээх  улуустааҕы  аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах уус – уран көрүү бэстибээлэ буолан ааста. Бу күн дьүүллүүр сүбэҕэ …

«Кэхтибэт кэс тыл уйата- Улуу Олоҥхо»

 Сэтинньи 15 күнүгэр М.П. Габышев аатынан оскуола үөрэнээччилэрин кытта «Олоҥхоһут — оскуолаҕа» бырайыагынан  уонна олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэнньэни кытта, улууспутугар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн ыытыллар «Уруйдан Улуу Олоҥхо, Манчаары Дойдутугар!» девизтээх «Кэс тыл уйата — Улуу Олоҥхо» -«Саха» НКИХ 3 төгүлүн тэрийбит «Олоҥхо баттл» телевизионнай бырайыагын муҥутуур кыайыылааҕа, СР култууратын туйгуна, тойуксут, Саха сирин үтүөлээх оһуохайдьыта …

«Ыҥырар ыллыктаах – Ыллыкчаан, сэргэх сэһэннээх — Сэргэхчэй»

 Сэтинньи 8 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр чэбдик салгыннаах күммүт күндээрбитинэн, ыраас хаар үллүктээх кырыа кыһын салаллыбыт кэмигэр ырыа куттаах, үҥкүү алыптаах «Ыллыкчаан» оҕо көрдөрүүлээх үҥкүү уонна «Сэргэхчэй» фольклор ансаамбылларын иитиллээччилэрэ үҥкүү, ырыа дьоро киэһэтин тэрийэн ыыттылар.  Кэтэһиилээх кэрэ кэнсиэр бииртэн биир сэргэх, солун нүөмэрдэрэ мустубут көрөөччүлэр, төрөппүттэр сүргэлэрин көтөхтө. Киһи эрэ сэргиир үҥкүүлэрин, ырыалары, фольклорнай …