Архивы за месяц Сентябрь, 2024

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн!

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыт күнүгэр аналлаах тэрилтэлэр уонна нэһилиэк ветераннарын хамаандаларын икки ардыларыгар «Өркөн өй» — ток шоу күрэх буолан ааста. Бүгүҥҥү тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытын музыкальнай нүөмэрдэринэн киэргэттилэр: «Сахам сирэ» ырыанан Рима Фадеева. «Оһуохай» үҥкүүнэн «Ыллыкчаан» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Мария Кычкина). Салгыы өйү …

«ППМИ — 2025».

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин дьаһалтатын көҕүлээһининэн, кэлэр 2025 сылга Республикаҕа «Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа» (ППМИ-2025) бырайыагынан конкурска кыттыы саҕаламмытынан, нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолан ааста. Мунньаҕы «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич иилээн-саҕалаан ыытта. «Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа» (ППМИ-2025) туһунан баһылыгы солбуйааччы Мохначевский Иван Егорович …

«Дары золотой осени — 2024»

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Майаҕа «Дары золотой осени» инбэлииттэр обществоларын улуустааҕы тэрээһинэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ уопсайа улуус 7 нэһилиэгэ кыттыыны ыллылар, биһиги нэһилиэктэн 8 киһилээх «Эрэл» түмсүү делегацията бэрт түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик кыттан үөрэн-көтөн кэллилэр. Ол курдук, биһиги нэһилиэктэн Турантаева Елена Егоровна, Гоголева Ньургуяна Романовна сэлээппэ күрэҕэр кыттыыны ыллылар. Гоголева Ньургуяна Романовнаны бу күрэххэ …

Акция «Полка добра — 2024».

Быйылгы «Күһүн, күһүн — көмүс күһүн!» — быыстапка-дьаарбаҥкаҕа нэһилиэкпит ытык мааны дьонугар — тыыл ветераннарыгар уонна сэрии сылын оҕолоругар анаан үгэскэ кубулуйбут  «Полка добра» акцияҕа  быйыл олохтоох оскуола 1-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, оскуола коллектива, ону сэргэ нэһилиэк олохтоохторо үтүө санаанан салайтаран кыһыҥҥы хаһаастарыттан бэлэмнээбит кэһиилэрин бэлэх ууннулар. Биһиги нэһилиэкпит 4 тыыл ветераныгар, 9 сэрии сылын …

«Күһүн, күһүн – көмүс күһүн!»

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын спортивнай саалатыгар олохтоох култуура дьиэтэ уонна Балыктаах орто оскуолатын коллектива холбоһуктаах тэрийиилэринэн «Күһүн, күһүн – көмүс күһүн!»  күһүҥҥү дьаарбаҥка буолан ааста. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар «Доруобуйа» түмсүү (сал. Ноговицына М.И.) мустубут дьону-сэргэни, оҕолору арыылаах алаадьынан күндүлээтилэр, оскуола үөрэнээччилэрэ «Күһүн, күһүн — көмүс күһүн!» театрилизованнай дьүһүйүүнү, «Сайдыына» вокальнай …

«Первоклассник» акция.

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуура үлэһиттэрин профсоюһун көҕүлээһиннэринэн култуура эйгэтигэр үлэлиир коллегаларбыт оҕолоро быйыл оскуола боруогун атыллаан, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ буолбуттарынан итиитик-истинник эҕэрдэлээн туран, бэртээхэй бэлэх оҥорбуттарын балаҕан ыйын 16 күнүгэр коллективпытыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт. Төрөппүттэр, оҕолор үөрүүлэрэ үгүс. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуура үлэһиттэрин профсоюһугар соһуччу үөрүүлээх түгэни бэлэхтээбиккитигэр махтал сылаас тылларын аныыбыт. Түгэнинэн туһанан, оҕолорбутугар Амир Фадеевка, …