Өйдөбүнньүк күн.

80 сыл анараа өттүгэр балаҕан ыйын 6 күнүгэр ытык дьоммут, биир дойдулаахтарбыт дойдуларыттан Укаанньа сайылыгыттан күүс өттүнэн Кэбээйигэ көһөрүллүүгэ айаҥҥа туруммут күннэрэ…

Бу историяҕа киирбит өйдөбүнньүк күнү кинилэр кэнчээри ыччаттара, сыдьааннара түмсэн, ытык дьоннорун ахтан — санаан, кинилэр сырдык ааттарын ааттаан, билиҥҥи сырдык олохторун иһин турууласпыттарын умнубаттарын бэлиэтин, сүгүрүйүү, махтал биллэрэн ахтыы, өйдөбүнньүк күнэ тэрийдилэр.

Көрсүһүү кыайыы искибиэригэр Кэбээйигэ сылдьыбыт дьоммутугар анаан 2021 сыллаахха Алаҕартан төрүттээхтэр оҕолоро-аймахтара кыттыһан оҥотторбут өйдөбүнньүк стела таһыгар түмсэн, кэриэстэбил мүнүүтэттэн саҕаланна. Көрсүһүү түһүлгэтин «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич киирии тылынан арыйда.

Ытык дьоннорун тустарынан, ол иһигэр Алаҕар нэһилиэгин К.Е.Ворошилов аатынан холкуостан 52 ыал (152 киһи) Кэбээйи улууһун I Сииттэ нэһилиэгэр көһөрүүгэ түбэһэн 1942 сыллаахха оруобуна бу күн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр айаҥҥа туруммуттарын, баарсанан устан анаммыт сирдэрин булаахтаабыттарын, онно хайдах тоҥон-хатан, аччыктаан-хоргуйан, эрэйи эҥэрдэринэн тэлбиттэрин, сорохторо суорума суолламмытарын, хайдах дойдуларыгар эргиллэн кэлэн эйэлээх олоххо олорбуттарын туһунан харах уулаах, киһи эрэ уйадыйар история чахчыларыгар олоҕуран, сүрдээх долгутуулаах иһитиннэриилэри оҥордулар:

1. «Көһүү чахчылара» — Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кэмигэр күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ барбыт дьоннорун туһунан иһитиннэриини оҥордо үлэ бэтэрээнэ Мохначевскай Егор Семенович.

2. Ытык дьоммутун өлөр өлүүттэн быыһаабыт, дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр күүс-көмө буолбут «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Никон Михайлович Харитонов туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыны оҥордо үлэ бэтэрээнэ Чалкин Семен Семенович.

3. Сэрии ыар сылларыгар сахалары хоргуйууттан, сыыһа дьаһаллартан быыһаабыт үтүө салайааччы Винокуров Илья Егорович туһунан иһитиннэриини оҥордо педагогическай үлэ бэтэрээнэ Говорова Мавра Иннокентьевна.

Салгыы култуура дьиэтигэр итии чэйдээх сандалы тула олорон кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин төрөппүттэрин туһунан ахтан-санаан туран кэпсэттилэр. Көрсүһүүгэ Кэбээйигэ дьонун кытта сылдьыспыт, билигин Дьаҥхаады нэһилиэгэр олорор 83 саастаах педагогическай үлэ бэтэрээнэ Афанасьева Анна Алексеевна ахтыытын олус долгуйа, уйадыйа иһиттилэр.

Көрсүһүүгэ кэлбит ыалдьыттар төрөппүттэрин сырдатар матырыйааллаах, хаартыскалаах кэлэн ирэ-хоро кэпсэтэн сүрдээҕин дуоһуйдулар. Инникитин ахтыылары эбии хомуйан, мунньан төрөппүттэрин ааттарын үйэтитэр сыаллаах кэлэр кэнчээри ыччакка анаан кинигэ таһаарар биир санааҕа кэллилэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *