«Үлэ — үөрүү, үлэ дьол, үлэ үүнэр сайдар суол!» улуустааҕы ыһыахха көхтөөх кыттыыны ыллыбыт.

Бэс ыйын 21 күнүгэр «Ураһалаах» алааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физкультурнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылыгар, Арассыыйаҕа учуутал уонна аҕа сүбэһит, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар аналлаах «Үлэ — үөрүү, үлэ дьол, үлэ үүнэр сайдар суол!» улууспут ыһыаҕар нэһилиэкпититтэн 54 киһилээх делегация кыттыыны ылла.

Улуус салалтата, ыҥырыылаах ыалдьыттар, үөрэҕирии, үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһит дьоно, спорт бастыҥнара ыһыах үөрүүлээх чааһыгар сэлэлээн хаамыыга кытыннылар.

«Үлэнэн оҥоһуллар Уйгу, үлэнэн салаллар Саргы» театрализованнай дьүһүйүүгэ «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла «Аҕам алааһа» ырыанан, «Мичээр» ыччат үҥкүү коллектива эҕэрдэ үҥкүүнэн көхтөөхтүк кытынныбыт.

Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын быыстапкатыгар Яна Ильинична, Ньургун Владимирович Габышевтар дьиэ кэргэттэрэ бэйэлэрин хаһаайыстыбаларынан билиһиннэрэн дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ыллылар.

«Мэҥэ Уус» маастардар уус-уран оҥоһуктарын быыстапка-дьаарбаҥкатыгар Валентина Борисовна Березкина кылтан-сиэлтэн, Ньургун Иннокентьевич Гоголев тимиртэн оҥоһуктарынан, Мария Иннокентьевна Гоголева, Анна Васильевна Кычкина, Антонина Николаевна Мордискина саха төрүт ньыматынан тигиллибит дьахтар кыһыҥҥы сонун кэмпилиэгинэн, Ирина Даниловна Афанасьева линогравюра, живопись оҥоһуктарынан ситиһиилээхтик кытыннылар.

«Мэҥэ Уус» маастардар уус-уран оҥоһуктарын быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Валентина Борисовна Березкина «Бастыҥ кылтан — сиэлтэн оҥоһук» көрүҥэр 1-кы миэстэни, Ньургун Иннокентьевич Гоголев «Дьахтар кэрэ киэргэлэ-симэҕэ» көрүҥҥэ анал ааты ылары ситистилэр.

«Оһуор-дьарҕаа ойуулаах, сиэдэрэй симэх киэргэллээх» саха таҥаһын күрэҕэр Анна Васильевна Кычкина, Мария Иннокентьевна Гоголева, Антонина Николаевна Мордискина кыттыыны ыллылар. Кинилэр айан таһаарбыт саха маанылаах соннорун дьон-сэргэ биһирээн, киһи сөҕөр үлэлэрин оҥорбуттарын бэлиэтээтилэр.

«Оһуор-дьарҕаа ойуулаах, сиэдэрэй симэх киэргэллээх» саха таҥаһын күрэҕэр Анна Васильевна Кычкинаҕа «Кэрэ көстүүлээх саха таҥаһа» анал аат иҥэрилиннэ.

«Ыллыаҕыҥ-туойуоҕуҥ, чабырҕахтаан чаҕаарыаҕыҥ!» саха норуотун уус уран айымньыларынан күрэхтэргэ Дария Николаевна Андросова чабырҕах күрэҕэр «Чобуо чабырҕах», норуот ырыатын күрэҕэр «Кэскиллээх ырыаһыт» анал ааттары ылан үөрүүтэ үксээтэ.

 «Саха сайдам ыала» эдэр тыа ыалын күрэҕэр Яна Яковлевна, Айтал Борисович Васильевтар дьиэ кэргэн оҕолорунаан ситиһиилээхтик кыттаннар «Хоһуун ыал» үрдүк ааты сүктүлэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аҕа баһылыгын биһирэбилигэр хапсаҕайга уонна мас тардыһыытыгар нэһилиэктэр икки ардыларыгар «МэҥэбиллЭр» күрэхтэһиигэ Максим Горькай совхоз сүүмэрдэммит хамаандатыгар мас тардыһыы көрүҥэр биһиги нэһилиэктэн Игорь Дьяконов, Андрей Винокуров, Уйгун Гоголев, биир дойдулаахпыт Василий Шепелев, хапсаҕай көрүҥэр Софрон Софронов илин-кэлин түсүһэн, кыттыбыт хамаандалары барыларын кэннигэр хаалларан «МэҥэбиллЭр» күрэхтэһии муҥутуур кыайыылаахтара ааты сүктүлэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕа баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов анал мэтээллэри, 500 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификаты дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда.

Бу курдук элбэх ситиһиилэрдээх, үөрэн-көтөн улуус тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Быйылгы улууспут ыһыаҕын тэрээһиннэригэр, быыстапкаларыгар, күрэхтэргэ кыттыбыт нэһилиэкпит аатын ааттаппыт дьоммутугар, ыччаттарбытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит, мэлдьи бу курдук түмсүүлээх, куруутун инники күөҥҥэ буолуоҕуҥ! Кыайыылаахтарга өссө төгүл итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит.

Комментарии 2

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *