Ахсынньы 8 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Балыктаах бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, улуус бочуоттаах гражданина, 1950-60-70 сылларга Максим Горькай аатынан совхозка ыанньыксытынан үлэлээбит, Республикаҕа тиийэ аатырбыт, Бочуот знага орден кавалера, ССРС Верховнай Сэбиэтин депутата, коммунистическай үлэ ударнига, социалистическай үлэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, ыччат наставнига, персональнай пенсионер, күн күбэй ийэ, эбээ Черкашина Ксения Гаврильевнаҕа анаммыт культура уонна искусство колледжын үһүс куурсун студентката, сиэнэ Светлана Баишева дипломнай үлэтин чэрчитинэн «Үлэттэн дьолу булбута …» театрализованнай дьүһүйүү тэрээһин буолан ааста.
Театрализованнай дьүһүйүүнү иилээн-саҕалаан ыытта Ксения Гаврильевна сиэнэ Дмитрий Баишев.
Черкашина Ксения Гаврильевна эдэр сааһыгар сыралаах үлэҕэ үлэлээбит, олорон ааспыт олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, аймах-билэ дьонноро, Төҥүлүтээҕи култуура киинин иһинэн үлэлиир уус-уран самодеятельность коллектива, олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрэ холбоһуктаах «Үлэттэн дьолу булбута …» театрализованнай дьүһүйүүнү ылбаҕай ырыаларынан, кэрэ, нарын үҥкүүлэринэн сиэттэрэн дириҥ ис хоһоонноохтук арыйан, олорон ааспыт Балыктааҕын дьоно-сэргэтэ сүрэхтэригэр сылаастык иҥэрэн, уйадыйа долгуйа олус чугастык ылыннылар.
«Үлэттэн дьолу булбута …» театрализованнай дьүһүйүүнү Евдокия Баишева уус-уран ааҕыытынан саҕалаата.
Дьүһүйүүгэ Ксения Гаврильевна оруолун итэҕэтиилээхтик оонньоон, «Ньирэйдэрбин үүрэммин» ырыанан саҕалаан көрдөрдө сиэн кыыһа Светлана Баишева.
Салгыы дьүһүйүүнү киэргэттэ Вера Фадеева Варя Ларионова — Ый Кыыһа репертуарыттан «Кэрэ куо» ырыанан.
Эдэркээн Ксения Баһылайынаан ыал буолар түгэннэрин олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрэ Ольга Иванова репертуарыттан «Доҕорум, ыл кэлиий…» ырыанан сырдаттылар.
Салгыы кыыһа Евдокия, күтүөтэ Илья Баишевтар А.Шестаков тылыгар «Доҕорбор» дуэтынан ырыаны толорон, дьон-сэргэ ытыктыыр, убаастыыр нэһилиэкпит дьоһун ыала буолбут туоһутун бигэргэттилэр.
Рима Фадеева Милена Борисова репертуарыттан «Ийэбэр» ырыаны толорбутун көрөөччүлэр ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.
Бииртэн биир чаҕылхай музыкальнай нүөмэрдэр толоруллан театрализованнай дьүһүйүүнэн Ксения Гаврильевна үлэлээн ааспыт үлэтин, олоҕун киэҥник сырдаттылар, ол курдук маннык музыкальнай нүөмэрдар толорулуннулар:
Рима Фадеева толоруутугар Семен Данилов тылларыгар «Кимий? Диибин…» ырыа.
Антонина Иван Прибылыхтар толорууларыгар Владимир Кузьмин тылыгар уонна мелодиятыгар «Ньургуһуннар» ырыа.
Дмитрий Васильев толоруутугар Лэкиэс репертуарыттан «Сайылык» ырыа.
Вера Фадеева толоруутугар Семен Данилов тылларыгар «Сайылык» ырыа.
«Кылыыҥкай» үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар үҥкүү «Ферма кыргыттара».
Театрализованнай дьүһүйүү түмүктүүр чааһын Антонина, Иван Прибылыхтар ылбаҕай ырыанан, Ксения Гаврильевна оҕолорун «Ийэбэр» уус-уран ааҕыыларынан, кыыһа Евдокия Васильевна «Оҕолорум» хоһоонунан, үгүс араас таһымнаах аан дойдутааҕы күрэхтэр кыттыылааҕа, лауреата сиэнэ Валера Фадеев «Любовь уставших лебедей» жестовай ырыанан, сиэн уола Дмитрий Баишев уус-уран ааҕыынан, сиэн кыыһа Светлана Баишева «Эбээбэр» хоһоонунан, Ксения Гаврильевна оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэнэ Саян Баишев «Эбээбэр» ырыанан киэргэтэн, ситэрэн-хоторон, дьүһүйүүнү толору арыйан биэрдилэр.
Театрализованнай дьүһүйүү кыттыылаахтарыгар, бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ мустубут бар дьоҥҥо-сэргэҕэ эҕэрдэ тылларын тириэртилэр:
«Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич.
Олохтоох култуура дьиэтин директора Кычкина Любовь Васильевна, Евдокия Васильевна бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ.
Түмүккэ Ксения Гаврильевна кыыһа Евдокия Васильевна «Үлэттэн дьолу булбута …» театрализованнай дьүһүйүүгэ кэлэн кыттыыны ылбыт бар дьонугар махтал тылларын анаата.
Бу курдук Ксения Гаврильевна оҕолоро, сиэттэрэ, аймах-билэ дьонноро нэһилиэкпит киэҥ туттуута – үлэни өрө тутан үрүҥ илгэни үрүлүтэн ыанньыксытынан, ыччаттарга наставнигынан таһаарыылаахтык, сырдык сулус буолан сыдьаайан үлэлээбит ССРС Верховнай сэбиэтин депутата, “Бочуот знага”орден кавалера ытыктыыр, убаастыыр киһибит Ксенья Гаврильевна Черкашина туһунан «Үлэттэн дьолу булбута…» театрализованнай дьүһүйүү туруоран, күн күбэй ийэлэрин, эбээлэрин төрөөбүт дойдутугар – сүүһүнэн уот лаампалаах, ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо холбонор, Мэҥэ сирэ бастыҥа – Балыктаахпытыгар көрдөрөн, Ксенья Гаврильевна туһунан өйдөөн – санаан, сырдык аатын үйэтитэн ахтан ааһар түгэни анаан – минээн тэрийдилэр. Ксенья Гаврильевна түбүктээх үлэтин таһынан, нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттарын салҕаан оҕолоро, сиэттэрэ күн бүгүн туохха дьоҕурдаахтарын, талааннаахтарын дуоһуйа көрөн- истэн олус астынныбыт, сэргээтибит, хайҕаатыбыт. Бу курдук оҕолор, сиэттэр, хаан – уруу аймахтар эбээҕит- эһээҕит сирдээҕи дьолу толору билэн, олорон- үлэлээн ааспыт төрөөбүт дойдуларын аатын үрдүктүк тута сылдьаргытыгар, сибээһи быспаккытыгар ис сүрэхтэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ – үөрэххэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.