Ырыа дьоро киэһэтэ.

Күн бэлиэлээх аһаҕас кэм кулун тутар ыйа үүнэн кэллэ. Ону тэҥэ сандал саас саҕаланыыта үтүө үгэскэ кубулуйбут дьоро күн — кэрэ аҥаардар аан дойдутааҕы күннэрэ чугаһаан тиийэн кэллэ! Сааскы маҥнайгы бырааһынньык чэрчитинэн, кулун тутар 6 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Константин Степанов, Святослав Эверстов уонна Дуолан Трофимов нэһилиэкпит кэрэ аҥардарыгар анаан ыллаан-туойан, ыалдьыттаан эҕэрдэ кэнсиэрдэрин бэлэх ууннулар.

Саалаҕа мустубут нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр сахабыт сирин эдэр, кэскиллээх, чаҕылхай ырыаһыттара Дуолан Трофимов, Константин Степанов, Святослав Эверстов нарын, кэрэ куоластарынан, бииртэн биир ылбаҕай ырыаларынан бу дьоро киэһэни киэргэттилэр. Көрөөччүлэр сахалыы сайаҕас ырыаларга уйдаран, үөрэ-көтө үҥкүүлээн, кэрэ, нарын ырыаларга тэҥҥэ ыллаһан, сынньанан, сэргэхсийэн тарҕастылар.

Ыалдьыттарбыт нэһилиэкпит кэрэ аҥардарыгар куруук эдэр эрчимнээх, нарын дууһалаах, кэрэ мөссүөҥҥүтүн ыһыктыбакка биһигини үөрдэ-көтүтэ сылдьыҥ диэн алгыстарын тиэртилэр. Эһиги баар буолан — олох салҕанар, олох кэрэтийэр, дьыл кэмэ тупсар диэн тылларынан бүгүҥҥү эҕэрдэ кэнсиэри түмүктээтилэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *