Муус устар 15 күнүгэр, аан дойдутааҕы култуура үлэһиттэрин күнүн чэрчитинэн Дойдуунускай нэһилиэгин култууратын дьиэтигэр үгэскэ кубулуйбут хоту эҥэр култуура үлэһиттэрин спартакиадата буолан ааста. Бу күн Төҥүлү, Мэҥэ, Араҥас, Дьабыыл, Мөҥүрүөн, 3-с Мэлдьэхси уонна дьиэлээх хаһаайыттар, Дойдуунускай нэһилиэктэрэ мустаннар, 3 хамаандаҕа арахсан волейбол, «Көрдөөх стартар» күрэхтэһиилэргэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Түмүккэ ыһыылаах-хаһыылаах, олус көхтөөх, сэргэх, тыҥааһыннаах, өрө көтөҕүүлээх күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн волейбол күрэҕэр 1 миэстэни I-гы сүүмэрдэммит хамаанда кыайыылаах, 2 миэстэ — II-с сүүмэрдэммит хамаанда, 3 бочуоттаах миэстэ — III-с сүүмэрдэммит хамаанда тахсаннар анал мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар.
«Көрдөөх стартар» күрэхтэһиитигэр 1-кы миэстэ — III-с хамаанда, 2-с миэстэ — II-с хамаанда, 3-с миэстэ — I-кы хамаанда ылары ситиһэн анал мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар.
Бу үөрүүлээх күнү бэйэлэрин эҕэрдэ нүөмэрдэринэн: Томтор кэрэ кыргыттара ВИА-нан доҕуһуоллатан, Мотрена Олесова, Александра Кычкина, Анна Харитонова, Төҥүлү кыргыттара трионан кэрэ ырыаларынан, Балыктаах култууратын үлэһиттэрин көрдөөх үҥкүүнэн тэрээһини киэргэтэн, ситэрэн биэрдилэр.
Маны сэргэ, түмсүбүччэ биир идэлээхтэр күүстээх күрэхтэһии кэнниттэн сылаас миин, шашлык амсайан, дэлэй астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрэн-көтөн, сынньанан, оонньоон-көрүлээн, үҥкүүлээн, сэргэхсийэн, эһиил Матта кулуубугар түмсүөх буолан тарҕастыбыт.