Муус устар 5 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр дойдубутугар дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр оҕо саас, нэһилиэкпитигэр аҕа сылларын чэрчитинэн, Саха Республикатыгар аҕа уонна уол оҕо анал күннэригэр аналлаах «Уол аҕатынаан» үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Александр Валерьевич Куприянов 2024 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи 2-с нүөмэрдээх дьаһалынан Мэҥэ нэһилиэгэр 2024 сылы «Аҕа сылынан» биллэрбитэ. Нэһилиэкпитигэр дьиэ кэргэҥҥэ оҕо иитиитигэр эрэ буолбакка, уопсастыбаҕа аҕа оруолун аатын үрдэтиигэ аналлаах, үгүс туһааннаах үлэлэр, тэрээһиннэр ыытыллан, араас таһымнаах дьаһаллар ылыллан улэ – хамнас тэриллэр. Бу курдук сылбыт анал бэлиэлэринэн салайтаран, сиэттэрэн бары биир санааҕа түмүллэн үлэлиибит, айабыт – тутабыт.
Үөрүүлээх тэрээһини эҕэрдэ тылынан саҕалаата «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Александр Валерьевич Куприянов уонна үтүө үгэскэ кубулуйбут нэһилиэкпит үбүлүөйдээх саастарын туолбут ытык-мааны ветераннарбытыгар эҕэрдэ сурук, анал бэлиэ туттарда:
70 сааһыгар үктэммит ытык-мааны ветераммытыгар Владимир Ильич Мохначевскайга – үлэ ветераныгар, Мэҥэ сопхуоска уһун сылларга эҥкилэ суох электригынан үлэлээбит, Саха Республикатыгар 2000 сылга 2000 үтүө дьыала норуот хамсааһыныгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайыныгар, 3 кыыс тапталлаах аҕатыгар, элбэх сиэн амарах эһээтигэр.
65 сааһын туолбут Бимба Бимбаевич Цыденжаповка – үлэ ветераныгар, Саха Республикатын автотранспортын туйгунугар, «Максим Горькай сопхуос 50 сыла» анал бэлиэ хаһаайыныгар, 2 оҕо амарах аҕатыгар, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтигэр.
60 сааһын томточчу туолбут Дмитрий Иннокентьевич Рожиҥҥа – Тыа хаһаайыстыбатыгар эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбит ытык-мааны ветераммытыгар.
60 сааһын туолбут Илья Вячеславович Владимировка – Саха Республикатын олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба Бочуоттаах үлэһитигэр, Саха Республикатыгар 2000 сылга 2000 үтүө дьыала норуот хамсааһыныгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайыныгар, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор, 5 оҕо амарах аҕатыгар, элбэх сиэн тапталлаах эһээтигэр.
Нэһилиэкпитигэр Аҕа сылын чэрчитинэн нэһилиэк, түөлбэ общественнай олоҕор саамай көхтөөхтүк кыттар аҕаларбытын түөлбэ салайааччылара эҕэрдэлээн эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттардылар:
Салҕыы үөрүүлээх тэрээһини «Уол аҕатынаан» «Звездочка» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин икки ардыларыгар күрэхтэһии ситэрэн биэрдэ. 8 түһүмэхтээх күрэхтэһиигэ кытыннылар «Звездочка» оҕо уһуйаанын быйылгы выпускник уолаттара Роберт, Илья Николаевич Андросовтар, Данил, Егор Анатольевич Лихондилар, Амир Фадеев убайынаан Евгений Дьяконовтыын.
Күрэхтэһиини иилээн-саҕалаан ыытта «Звездочка» оҕо уһуйаанын физкультура уонна муусука дьарыктарын салайааччыта, Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна Елена Ивановна Стручкова.
«Уол аҕатынаан» күрэхтэһиигэ дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр — Стручков И.И., Куприянов А.В., Кычкина Л.В.
Олус интэриэһинэй түһүмэхтэрдээх, илин-кэлин түсүһүүлээх, ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһии түһүмэхтэринэн түмүгэ:
I-кы түһүмэх «Мэһэйдэри туорааһын»
1-кы миэстэ Данил Лихонди (18,23 сөк.)
2-с миэстэ Амир Фадеев (18,44 сөк.)
3-с миэстэ Роберт Андросов (26,24 сөк.)
II-с түһүмэх «Бириэмэҕэ анньыныы»
1-кы миэстэ Е.А. Лихонди (39 төгүл)
2-с миэстэ Е.Г.Дьяконов (30 төгүл)
3-с миэстэ И.Н.Андросов (20 төгүл)
III — с түһүмэх «Уолаттар, аҕалар мас эрбээһиннэрэ»
1-кы миэстэ Данил, Егор Лихондилар, 2-с миэстэ Роберт, Илья Андросовтар, 3-с миэстэ Амир Фадеев, Евгений Дьяконов.
IV-с түһүмэх «Уолаттар, аҕалар быа сүөрүүлэрэ».
1-кы миэстэ Амир Фадеев, Евгений Дьяконов.
2-с миэстэ Данил, Егор Лихондилар.
3-с миэстэ Роберт, Илья Андросовтар.
V-с түһүмэх «Уолаттарга тоһоҕо саайыыта»
1-кы миэстэ Амир Фадеев.
2-с миэстэ Роберт Андросов.
3-с миэстэ Данил Лихонди.
VI-с түһүмэх «Ырааҕы ыстаныы»
1-кы миэстэ Амир Фадеев, Евгений Дьяконов (3м 73).
2-с миэстэ Данил, Егор Лихондилар (2м 90).
3-с миэстэ Роберт, Илья Андросовтар (2м 35).
VII-с түһүмэх «Мээчигинэн ырааҕы быраҕыы»
1-кы миэстэ Амир Фадеев, Евгений Дьяконов.
2-с миэстэ Данил, Егор Лихондилар.
3-с миэстэ Роберт, Илья Андросовтар.
VIII-с түһүмэх «Эстафета».
1-кы миэстэ Амир Фадеев, Евгений Дьяконов, 2-с миэстэ Данил, Егор Лихондилар, 3-с миэстэ Роберт, Илья Андросовтар.
Уопсай түмүккэ 12 очколаах Амир Фадеев, Евгений Гаврильевич Дьяконов 1-кы миэстэни ылары ситиһэн чемпион үрдүк аатын ыллылар.
14 очколаах Данил, Егор Анатольевич Лихондилар 2-с миэстэҕэ тахсан үөрүүлэрэ үксээтэ.
22 очколаах Роберт, Илья Николаевич Андросовтар 3-с бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр.
Кыайыылаахтарга анал мэтээллэр, грамоталар туттарылыннылар, ону сэргэ олохтоох култуура дьиэтин коллектива оҕолорго сэмэй бэлэхтэрин анаатылар.
Үөрүүлээх тэрээһини ырыанан-тойугунан киэргэтэн-ситэрэн биэрдилэр:
Трио ырыанан Евгений, Гаврил Дьяконовтар, Вадим Шепелев.
Ылбаҕай ырыатынан Рима Фадеева.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта Лилия Долгунова.
Бу курдук Саха Республикатыгар Аҕа уонна уол оҕо анал күннэригэр аналлаах «Уол аҕатынаан» тэрээһиммит өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Эркин курдук эрэнэр аҕаларбытын, инники кэскиллэрбитин — уолаттарбытын уол оҕо уонна аҕа күнүнэн итиитик-истинник эҕэрдэлиибит. Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик туругу, энчирээбэт эрчими, булгуруйбат модун санааны баҕарабыт. Чугас дьоҥҥут этэннэ буоллуннар, үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилэннин, иннигит диэки эрэллээхтик хардыылаан иһин!