Сэтинньи 19 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Мэҥэ – Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар аналлаах “Дойдуунускай”, “Мөҥүрүөн”, “ Мэҥэ”, «Араҥас», “Төҥүлү”, “Доллу”, ”Дьабыыл” нэһилиэктэрэ кыттыылаах «Оҕо саас, дьиэ-кэргэн уйгулаах олоҕун уруйдаан туойабыт!» девизтээх улуустааҕы аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах уус – уран көрүү бэстибээлэ буолан ааста.
Бу күн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
Скрябина Мария Прокопьевна — дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Решетникова Евдокия Саввична -Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ.
Максимова Маргарита Михайловна — улуус бастыҥ общественнига, үлэ бэтэрээнэ.
Пахомова Наталья Гаврильевна _ улуустааҕы култуура управлениетын методиһа.
Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытыгар кэлбит ыалдьыттарга анаан эҕэрдэ тылын тириэртэ “Мэҥэ нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Куприянов А.В.
Петр Дохунаев ырыанан музыкальнай эҕэрдэтин тириэрдэн, кэлбит ыалдьыттар сүргэлэрин көтөхтө.
Эҕэрдэ тылын тириэртэ Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Решетникова Е.С.
Чугас ыаллыы сытар нэһилиэктэр уус уран самодеятельность кыттыылаахтарын, өбүгэбит саҕаттан илдьэ кэлбит ыалдьытымсах сиэринэн, “Доруобуйа”( салайааччы Ноговицына М.И.) уонна “Арчы”( салайааччы Рожина Н.Ф.) саха мааны аһынан – алаадьынан, саламаатынан, быырпаҕынан айах туттулар, үөрэ – көтө көрүстүлэр.
Бу күн нэһилиэкпит ытык – мааны ветераннара быйылгы уус – уран көрүү бэстибээлин балаһыанньатыгар сөп түбэһиннэрэн “Сиэннэрбэр — бэлэҕим” темаҕа оҥоһуктарынан, илиинэн оҥоһуктарынан уонна коллекциянан уус уран быыстапкаҕа кыттыыны ылан, талааннаах, сылаас илиилэринэн айан таһаарбыт кэрэ оҥоһуктарын кэлбит дьон сэргии, сэҥээрэ көрдүлэр, үрдүктүк сыаналаатылар.
Салгыы нэһилиэкпит ытык – мааны бэтэрээннэрэ 7 ирдэнэр нүөмэрдээх концертнай программаларын арыйан, утуу – субуу, иэйэн – куойан туран, бэрт сэргэх, бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар:
«Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин коллективын толоруутугар отечественнай бальнай үҥкүү. (Салайааччы Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ Стручкова С.С.)
Вера Фадеева толоруутугар Варя Ларионова репертуарыттан «Кыракый кыысчааным» ырыаны.
«Мүчүк» фольклорнай ансаамбыл толоруутугар фольклорнай композиция. (Салайааччы ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина А.Д.)
«Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбылын толоруутугар Омук уолун тылыгар, Г .Шахурдина мел.одиятыгар «Айхаллан алгыстаах ырыабар» ( салайааччы Саха Республикатын култууратын туйгуна Прибылых И.Н.)
Олохтоох автордар суруйууларыгар «Төрөөбүт дойдубун таптыыбын» — хоһоонунан дьүһүйүү. Эһиги болҕомтоҕутугар автордар: Саргылана Стручкова, Мария Захарова, Сардана Стручкова .
Сыаҥка «Жорик-пупсик». Оруолларга: Антонина Прибылых,Тамара Дьяконова, Дмитрий Стручков.
«Талба» сыана ветераннарын үҥкүүһүттэрин бөлөҕүн толоруутугар «Крушино».
Кэнсиэри иилээн — саҕалаан ыытта Антонина Прибылых.
Дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан лауреат үрдүк аатын ылары ситистилэр:
Вера Фадеева Варя Ларионова репертуарыттан»Кыысчааммар» сольнай ырыата
Омук уолун тыла, Г. Шахурдина мелодията «Айхаллан алгыстаах ырыабар» ырыанан «Ситим»вокальнай ансаамбыл ( салайааччы Прибылых И.Н.)
Дипломант үрдүк аатын сүктүлэр:
«Мүчүк»фольклорнай ансаамбыл толоруутугар фольклорнай композиция ( салайааччы Скрябина А,Д.)
«Талба»ветераннар үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар «Крушино» үҥкүү ( салайааччы Стручкова С.С.) Грамотанан бэлиэтэннилэр:
Уус — уран ааҕыы «Төрөөбүт дойдубун таптыыбын» автордар Стручкова С.С., Захарова М.А., Стручкова С.В.
Нэһилиэктэр бэтэрээннэрин сүбэлэрин бэрэссэдээтэллэригэр махтал суруктар туттарылыннылар.
Бу күн кэлбит нэһилиэктэр кэнсиэр иннинэ талааннаах дьоннорун иллэҥ кэмнэригэр дьарыктарын сэһэргиир видеороликтары, анал презентациялары көрдөрөн көрөөччү болҕомтотун тартылар.
Бары нэһилиэктэр кэнсиэрдэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна, 7 нэһилиэктэн аҕам саастаах дьон өрө көтөҕүллэн ыллаатылар – туойдулар, үҥкүүлээн тэлээрдилэр, сыанкалаан да ыллылар, хоһоон ааҕан чаҕаардылар, олохтоох култуура дьиэтин алыптаах тыыныгар уйдаран күүстэригэр күүс – сэниэ эбиннилэр, дьиҥнээх доҕордоһуу түһүлгэтэ төрүттэннэ.
Улуустааҕы аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах уус – уран көрүү бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт Мэҥэ нэһилиэгин аҕам саастаахтарын уус уран кэнсиэрэ, уус уран оҥоһуктар быыстапкалара бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Быйылгы бэстибээлгэ көхтөөх кыттыыны ылбыт бары ытык – мааны дьоммутугар уонна дьүүллүүр сүбэни итии аһынан күндүлээбит оскуола (директор Иванов Е.Н.), «Звездочка» оҕо уһуйаанын ( сэбиэдиссэй Кычкина А.С.), олохтоох дьаһалта (баһылык Куприянов А.В.) коллективтарыгар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махталбытын тириэрдэбит. Бу курдук мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыҥ, нэһилиэкпит салгыы сайдарын туһугар түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Чэгиэн – чэбдик, доруобай буолуҥ, куруутун сүбэ – ама, өйөбүл буола сылдьыҥ!