«Улуустааҕы аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах уус-уран көрүү бэстибээлэ».

Алтынньы ый 6 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Арассыыйаҕа уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит, Саха Республикатыгар үлэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар аналлаах улуустааҕы аҕам саастаах  дьон уус-уран көрүү  бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар  Мэҥэ нэһилиэгин аҕам саастаахтарын уус-уран кэнсиэрэ буолан ааста.

Бу күн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

Максимова Маргарита Михайловна — дьүүллүүр сүбэ председателэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин председателэ.

Скрябина Мария Прокопьевна — ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Иванов Станислав Александрович — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа.

Бу күн нэһилиэкпит ытык-мааны ветераннара мустан, 7 ирдэнэр нүөмэрдээх концертнай программаларын арыйан, утуу-субуу, иэйэн-куойан туран, бэрт сэргэх бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар:

«Мүчүк» фольклорнай ансаамбыл толоруутугар былыргылыы чабырҕах «Диэхтэрэ диэхтиибин», (салайааччы ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина А.Д.)

Улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетатын хас да төгүллээх лауреата, дипломана Вера Фадеева толоруутугар соло, Анастасия Варламова тылыгар уонна мелодиятыгар «Майя-Алдан».

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэнэ Елена Прокопьева хоһоонунан уус-уран ааҕыы «Үлэттэн дьоллонуу».

«Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин бөлөҕүн толоруутугар олохтоох участковай балыыһа үҥкүүһүттэрин коллективын репертуарыттан көрдөөх үҥкүү «Палубаҕа».

Туйара Стручкова-Огдооччуйа репертуарыттан көрдөөх сыаҥка «Дьиэҕэ үлэ», оруолларга: Эбээ-Тамара Дьяконова, сиэн уол — Егор Афанасьев.

Анастасия Варламова тылыгар уонна мелодиятыгар трио толоруутугар «Аҕам алааһа», (салайааччы Саха Республикатын култууратын туйгуна Прибылых И.Н.)

«Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин бөлөҕүн толоруутугар «Хомусчуттар», (салайааччы Саха Республикатын култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Стручкова С.С.).

Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта Сардана Стручкова.

Дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан лауреат үрдүк аата ылаары ситистилэр:

«Талба» үҥкүү коллективын толоруутугар «Палубаҕа» көрдөөх үҥкүү.

«Мүчүк» фольклорнай ансаамбыл толоруутугар «Диэхтэрэ диэхтиибин» былыргылыы чабырҕах, (салайааччы Скрябина А.Д.)

Трио толоруутугар «Аҕам алааһа», (салайааччы Прибылых И.Н.)

Дипломант үрдүк аатын сүктүлэр:

Вера Фадеева толоруутугар соло, Анастасия Варламова тылыгар уонна мелодиятыгар «Майя-Алдан».

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэнэ Елена Прокопьева хоһоонунан уус-уран ааҕыы «Үлэттэн дьоллонуу».

Туйара Стручкова-Огдооччуйа репертуарыттан көрдөөх сыаҥка «Дьиэҕэ үлэ», оруолларга: Эбээ-Тамара Дьяконова, сиэн уол — Егор Афанасьев.  

Улуустааҕы аҕам саастаах  дьон уус-уран көрүү  бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт  Мэҥэ нэһилиэгин аҕам саастаахтарын уус-уран кэнсиэрэ бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Быйылгы бэстибээлгэ активнай кыттыыны ылбыт бары ытык-мааны дьоммутугар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махталбытын тириэрдэбит. Бу курдук мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыҥ, бу курдук бөһүөлэкпит чэчирии сайдарын туһугар түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Чэгиэн-чэбдик, доруобай буолуҥ, куруутун сүбэ-ама, өйөбүл буола сылдьыҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *