«Тыа ыалын тиэргэнэ»

Атырдьах ыйын 12 күнүгэр нэһилиэкпит ытык-мааны, дьоһун ыала «Үлэ албан аат» 3-с степеннээх орденын кавалера, РФ уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, «Үөрэҕириини сайыннарыыга кылаатын иһин» РФ мэтээлин кавалера, «Саха-Азия оҕолоро» фонда стипендиата, «Старшай учуутал», СР үөрэх үлэһиттэрин 10 съеһин делегата, СР үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотун маастара, «Педагог-маастар» Александра Николаевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотун маастара, «Мэҥэ аат» улуус бочуот кинигэтигэр киирбит, сыана бэтэрээнэ, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна искусствоҕа кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, норуот уоһуттан түспэт, Балыктаахпыт бөһүөлэгин гимнэ буолбут «Балыктаах киэһэтэ» ырыа автора Павел Васильевич Габышевтар дьиэ кэргэн бэйэлэрэ айан, оҥорон таһаарбыт «Тыа ыалын тиэргэнэ» авторскай бырайыактарынан саҕалааһын үлэни билиһиннэрэр сыаллаах нэһилиэкпит олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар   семинар тэрийэн ыыттылар.

Семинар үөрүүлээх аһыллыытыгар Майаттан, Хорообуттан, Павловскайтан, Дьокуускай куораттан кэлбит аймахтарын, үөрэнээччилэрин, нэһилиэк олохтоохторун уонна ыалдьыттарын сахалыы сиэринэн өбүгэбит маанылаах аһынан алаадьынан көрүстүлэр,  дьиэ хаһаайына Павел Васильевич аал уотун оттон, уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан, алгыс этэн аһатта.

Сиэн кыргыттара Нарыйаана Романова, 11 саастаах, фортепианоҕа оонньоон, Сахайаана Романова, 7 саастаах, хоһоон ааҕан музыкальнай эҕэрдэлэрин бэлэх ууннулар. Педагогическай үлэ ветерана Свинобоева Татьяна Петровна Александра Николаевна, Павел Васильевич Габышевтар дьиэ кэргэн туһунан, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын, ситиһиилэрин тустарынан киэҥник сырдатта.

Салҕыы Габышевтар дьиэ кэргэн олоххо киллэрбит бырайыактарын Александра Николаевна семинар кыттыылаахтарыгар сиһилии кэпсээтэ уонна тэлгэһэтин кэлбит ыалдьыттарга экскурсиялаан көрдөрдө. Тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр сорох от-мас мээнэ үүммэт, ол эрээри ханнык да үүнээйи сөптөөх көрүү-харайыы түмүгэр куйаас дойдуттан итэҕэһэ суох силигилиэн сөбүн илэ харахтарынан көрөн итэҕэйдилэр. Ол курдук Габышевтар дьиэ кэргэн тэлгэлэрин иһигэр 3 теплицалаах, 10 парниктаах. Онно ревень, топинамбур, хортуоппуй, клубника, лук-батун, сүбүөкүлэ, моркуоп, кабачок, помидор, хаппыыста, дыня, арбуз, оҕурсу, перец сладкий, перец острый, салат, петрушка, укроп оҕуруот астарын ону таһынан хас да суол көрүҥ моонньоҕон, 2 суол хаптаҕас, 3 суол жимолость, 2 көрүҥ охта, ирга, сибирскай яблоня, малина, альпийскай смородина, рябинокизильчик, вишня песная, барбарис, боярышник, рябина, облепиха, акация, черемуха, бузина талахтарын, 2 суол көрүҥ хатыҥ, бэс, харыйа мастарын, бэйэлэрэ оҥорбут беседкаларын, араас дьэрэкээн мас оҥоһуктарын чуолаан быйыл Павел Васильевич маһынан оҥорбут ол курдук Андрей Чикачев  хартыынатын матыыбыттан «Баҕа санаа», «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» оҥоһуктарын уонна үөрэнээччилэрэ аҕалбыт  мас оҥоһугун көрөн кэлбит дьон экскурсияны олус интириэһиргээн көрдүлэр, иһиттилэр, сөхтүлэр.  

Александра Николаевна, Павел Васильевич тэлгэһэлэрин, үлэлэрин-хамнастарын көрөн-истэн баран бэйэлэрин санааларын, эҕэрдэлэрин тириэртилэр:

Куприянов Александр Валерьевич – «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин  тэриллиитин баһылыга.

Кириллина Наталья Егоровна – Павловскайтан кэлбит үлэ ветерана, Александра Николаевна эдьиийэ.

Скрябин Федор Васильевич –Хорообуттан сылдьар СР норуотун маастара, СР норуотун уус-уран ньыматын маастара.

Андреев Петр Васильевич – Хорообуттан кэлбит Павел Васильевич бииргэ төрөөбүт эдьиийин оҕото, мас ууһа.

Габышева Парасковья Прокопьевна – РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, учууталлар учууталлара.

Дохунаева Александра Петровна, Свинобоева Татьяна Петровна, Харитонова Марфа Петровна – бииргэ үлэлээбит коллегалара, педагогическай үлэ ветераннара.

Гоголев Роман Иннокентьевич – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотун маастара, Мордискина Антонина Николевна – «Лесной» түөлбэ салайааччыта.

«Аартык» түөлбэ олохтоохторун аатыттан Трифонова Елизавета Алексеевна.

М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын коллективын аатыттан профсоюз председателэ Молукова Сардана Степановна уонна Александра Николаевна үөрэппит оҕолорун төрөппүттэрин аатыттан Винокурова Любовь Васильевна.

Олохтоох култуура дьиэтин аатыттан директор — Кычкина Любовь Васильевна

Ону сэргэ нэһилиэкпит кэрэттэн кэрэ көстүүлээх, тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэннээх ыалларга экскурсияҕа сырыттылар. Ол курдук Ньургун Владимирович, Яна Ильинична Габышевтар дьиэ кэргэн агропаркаларыгар ыалдьыттаатылар.

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотун маастарын Роман Иннокентьевич Гоголев, Татьяна Васильевна Дьяконова сибэккинэн симэммит тэлгэһэлэрин сөҕө-махтайа кэрийдилэр, мас ууһа Роман Иннокентьевич  мастерскойдарыгар киирэн элбэҕи билистилэр, иһиттилэр, оҥоһуктарын  көрдүлэр.

 Антонина Николаевна, Николай Петрович Мордискиннар дьиэ кэргэн тиэргэннэригэр экскурсиялаатылар.   

Бу курдук  Александра Николаевна, Павел Васильевич Габышевтар дьиэ кэргэн бэйэлэрэ айан, оҥорон таһаарбыт «Тыа ыалын тиэргэнэ» авторскай бырайыактарынан саҕалааһын үлэни билиһиннэрэр сыаллаах семинардарын сүрдээх сэргэхтик тэрийэн ыыттылар. Түмүккэ кэлбит ыалдьыттар дэлэй астаах, итии чэйдээх сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, санааларын атастаһан, үөрэн-көтөн, астынан, элбэҕи билэн тарҕастылар.

Александра Николаевна, Павел Васильевич Габышевтар үтүө холобурдарын батыһан нэһилиэкпитигэр тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэннэр элбии, үксүү турдуннар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *