«Сомоҕолоһуу, сайдыы аартыгынан»

Бүгүн, сэтинньи 3 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр «Сомоҕолоһуу, сайдыы аартыгынан» диэн сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ил-Эйэ, сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэтин тириэртэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Куприянов Александр Валерьевич.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпит ыччаттара 3 хамаанда туруоран үрүҥ хаар көбүөрүгэр «Хомуур хапсаҕайга» күөн көрүстүлэр. Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн «Бэргэн» хамаанда: Докторов Андрей, Бродников Сатал, Гоголев Ньургун, Иванов Константин кыайыы өрөгөйүн билэннэр 1 миэстэни ылары ситистилэр. «Сомоҕо» хамаанда: Габышев Ньургун, Барабанов Михаил, Ноговицын Семен, Мохначевский Иван — 2 миэстэ, «Ситим» хамаанда: Винокуров Андрей, Говоров Дьулус, Дьяконов Евгений, Васильев Айтал — 3 миэстэҕэ тахсаннар анал мэтээллэринэн, сэмэй бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар.

Бу бэлиэ күҥҥэ омук дойдуларынан, Россия араас куораттарынан, Сахабыт сирин кэрэ бэлиэ муннуктарынан биирдиилээн, доҕоттордуун, дьиэ кэргэнинэн сылдьыбыт айан умнуллубат кэрэ түгэннэрин көрдөрөр «Тохтоо дьикти түгэн!» хаартысканан быыстапкаҕа биллэриибитин чугастык ылынан, ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, араас дойдуларга сылдьыбыт түгэннэрин олус интириэһинэйдик оҥорон аҕалан билиһиннэрдилэр:

Салҕыы хамаандалар өйү сытыылыыр «Мин дойдум — Сахам сирэ» квест оонньууга илин-кэлин түһүстүлэр.

Түмүккэ бары этаптары эриэ-дэхси ааһан 13мүн 37сөк. бириэмэни көрдөрөн «Бэргэн» хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста, 15мүн 32сөк. бириэмэлээх «Ситим» хамаанда — 2 миэстэ, 15мүн 44сөк. бириэмэлээх «Сомоҕо» хамаанда — 3 миэстэни ылары ситиһэннэр анал грамоталарынан, сэмэй бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Үтүө тылларынан арыалланан бүгүҥҥү тэрээһин ил-эйэ оһуохайынан түмүктэннэ.

Тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт ыччаттарбытыгар, хаартысканан быыстапкаҕа кыттыбыт дьоннорбутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Куруук бу курдук активнай позициялаах, үөрэ-көтө инники күөҥҥэ сылдьыҥ! Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *