«Сомоҕолоһуоҕуҥ, Мэҥэ ыччата!»

Сэтинньи 10 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтэ уонна «Мэҥэ ыччаттара» түмсүү көҕүлээһиннэринэн аан дойдутааҕы ыччат күнүн көрсө «Сомоҕолоһуоҕуҥ, Мэҥэ ыччата!»  диэн девизтээх нэһилиэкпит ыччаттара түбүктээх үлэлэриттэн быыс булан бэртээхэй кэнсиэр тэрийэн ыыттылар. Ыччаттарбыт эҕэрдэ нүөмэрдэри кыһаллан бэлэмнээбиттэр, ону таһынан спонсордар күүстэринэн туруоруллубут бириистэрдээх көрдөөх оонньуулары тэрийэн сынньалаҥ киэһэтэ бэрт сэргэхтик ааста. Бу киэһэ көрөөччүлэр дуоһуйа, астына, сылаас ытыстарын тыаһын бэлэхтээн бииртэн биир солун эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдүлэр:

Кэнсиэри «Мичээр” үҥкүү коллектива “Эҕэрдэ” үҥкүүнэн аста.

 Бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ Гаврил Дьяконов — Николай Никифоров тыла уонна мелодията “Олох устун”

Туйаара Стручкова — Огдооччуйа репертуарыттан сыанка “Таҥханы таҥхалыахха”, оруолларга: Огдооччуйа-Татьяна Иванова, оҕо-Дария Андросова.    

Ким саамай бааттаах эбитий”  оонньуу көрөөччүлэри кытта ыытылынна. Бу оонньууга кыайыылааҕынан буолла Лидия Свинобоева.  Спонсор — “Мэҥэ нэһилиэгэ” тыа сирин тэриллиитин дьаһалтата ( Баһылык Куприянов Александр Валерьевич.) олохтообут анал бирииһин – харчынан бириэмийэтин үөрэ- көтө тутта.

 “Мичээр” үҥкүү коллективын толоруутугар “Арчы” үҥкүүтэ.

Вадим Шепелев толоруутугар соло «Санаарҕаама»

«Ай-тыас» фольклорнай бөлөх толоруутугар «Норуот ырыатынан попурри»  салайааччы Дария Андросова.

Көрөөччүлэри кытта иккис оонньууга ким саамай сымсатын, истигэнин быһаардылар. Бэрт сэргэх оонньууга илин – кэлин түсүһэн кыайыылааҕынан таҕыста Лилиана Трифонова.  Спонсор —  “Сайдыы” маҕаһыына. Салайааччы — Кириллин Николай Леонидович олохтообут бирииһин – сүүскэ кэтэр фонарь хаһаайынынан буолла.

Үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн толоруутугар Хотугулуу үҥкүү.

«Үлэ-дьол, үлэ-олох үөрүүтэ” хоһоонунан уус уран ааҕыы.

Бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ Туймаада Дьяконова. КэриКо тылыгар уонна мелодиятыгар «Махтанабын»

Көрөөччүлэри кытта 3 оонньууга кыттааччылар  төһө түргэн туттуулаахтарын  бэрэбиэркэлээтилэр. Көрөөччүлэртэн  этиллибит маллары ким тургэнник уонна түмүккэ ким элбэх малы хомуйан аҕалбыт  кыайыылаах буолла. Ол курдук кыайыылаах аатын ылары ситистэ Юра Ноговицын  уонна  спонсор, биир бастыҥ ыччаппыт, эдэр фермер Габышев Ньургун Владимирович олохтообут харчынан бирииһин тутта.

 «Звездочка” оҕо саадын эдэр үлэһиттэрин толоруутугар Флеш – моб.

Уолаттар вокальнай ансаамбылын толоруутугар «Доҕотторбор»

Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ылбыт  көрдөөх үҥкүү

Көрөөччүлэри кытта 4 көрдөөх оонньууга кыайыылааҕынан таҕыста    Юра Ноговицын                 уонна спонсор эдэр фермер Говоров Дьулус Геннадьевич олохтообут үрүҥ ас, эт ас наборун анал бирииһинэн наҕараадаланна.

  «Сайдыына» вокальнай ансаамбыл толоруутугар Христина Соколова репертуарыттан “Көмүс дорҕоон” салайааччы Рима Фадеева.

  Айыына Олесова толоруутугар соло  “_Эргиллии»

Көрөөччүлэргэ анаан 5 оонньуу бэрт сэргэхтик ыытылынна. Кыайыылааҕынан таҕыста Туйаарыма Дьяконова  уонна эдэр фермер Мохначевскай Илья Егорович олохтообут анал бирииһинэн — сибиэһэй идэһэттэн кэһии наборунан наҕараадаланна.

Рима Фадеева толоруутугар Варя Ларионова – Ый кыыһа репертуарыттан ырыа «Олох эргиирэ» 

 Биһиги нэһилиэкпит уостан туспэт ымыы буолбут ырыата – оскуола коллективын эдэр үлэһиттэрин толоруутугар “Балыктаах киэһэтэ” Павел Габышев тыла, Галина Шахурдина мелодията.

Эн эдэр ыччат, иннин диэки эрчимнээхтик, тэтимнээхтик үүнэн ис, сайдан ис , үрдуктэн үрдүккэ дьулус!Үтүөттэн үтүөҕэ талас! Кэрэттэн кэрэҕэ тардыс! диэн туран Ыччат гимн ырыатынан өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик кэнсиэр түмүктэннэ.

Кэнсиэри кыайа- хото иилээн – саҕалаан ыыттылар Нарыйа Докторова, Вадим Шепелев.

Бу курдук инники кэскиллэрбит – ыччаттарбыт бэртээхэй сынньалаҥ киэһэтин нэһилиэкпит олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар тэрийэн ыыттылар.

Махтал сылаас тылларын аныыбыт истиҥ истээччилэрбитигэр, күндү көрөөччүлэрбитигэр, бука бары кыттыыны ылбыт ыччаттарбытыгар уонна спонсордарбытыгар! Баҕарабыт бу курдук  мэлдьи бииргэ буолуоҕуҥ, нэһилиэкпит сайдарын туһугар бары биир санаанан иннибит диэки, сайдыы суолунан баран иһиэҕиҥ! Чэгиэн – чэбдик буолуоҕуҥ, үөрэ – көтө үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ, айа-тута сылдьыаҕыҥ!

                             

       

Комментарии 2

  • Ыччаттаргыт маладьыастар эбит, ситиьиини

  • Маладьыастар! Киһи көрөн эрэ үөрэр. Балыктаах ыччата үүнэн-сайдан, кэрэҕэ-үтүөҕэ талаһан ис!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *