Муус устар 2 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр «Ситим» Эр дьон вокальнай ансаамбыл коллектива төрүттэммитэ 20 сылын бэлиэтии, дьоро киэһэҕэ ыраахтан-чугастан араас кэмҥэ ыллаабыт уолаттар түмсэн ырыа алыбын кэнсиэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.
Дьоро киэһэ «Доруобуйа», «Арчы» түмсүүлэр алгыһынан уонна кырылыы кыынньар кымыһынан айах тутан, эдэр ыччат үҥкүүнэн арыйбыттара бэрт солуннук көһүннэ.
Дьоро киэһэ Саха сиригэр Аҕа күнүгэр сөп түбэһиннэрэн тэриллибитэ өссө долгутуулаах, өрө көтөҕүүлээх буолла. Үбүлүөйдээх саастарын туолбут ытык-мааны дьоммутугар “Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Александр Валерьевич Куприянов эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Ол курдук “Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибиттэрин туһунан свидетельстволары уонна Саха Республикатын «Аҕа лигата» общественнай түмсүү «Аҕа статуһун үрдэтиигэ уонна дьиэ кэргэн бөҕөргөөһүнүгэр кылаатын иһин» мэтээлинэн наҕараадаланнылар 80 сааһын туолбутунан Лихонди Анатолий Васильевич, 75 сааһын туолбутунан Мохначевскай Егор Семенович.
Ону таһынан “Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитин туһунан свидетельствоны анаата: 70 сааһын туолбутунан Дьячковскай Степан Филаретовичка, 60 сааһын туолбутунан Стручков Игорь Васильевичка.
Тэриллибитэ 20 сылын туолбут «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыл коллективын, салайааччытын олохтоох дьаһалта аатыттан “Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Куприянов А.В., М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын профсоюһун председателэ Молукова С.С., олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба салайааччыта Ноговицын И.Н. уонна профсоюз председателэ Харитонов С.С., ССРС култууратын туйгуна, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина А.Д., олохтоох култуура дьиэтин директора Кычкина Л.В., «Айылгы» кырдьаҕастар сэбиэтин председателэ Рожина Н.Ф., нэһилиэк Аҕа сүбэтин салайааччыта Захаров М.М., Доллу нэһилиэгин култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Максимова Н.П., Балыктаах бөһүөлэгин түөлбэлэрин салайааччылара, «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбылын коллективын аймах-билэ дьоннорун аатыттан Захарова М.А., төрөппүт оҕолорун ааттарыттан Гаврильева А.И. эҕэрдэлээтилэр уонна эҕэрдэ, махтал суруктарын, бэлэхтэрин туттардылар.
Ол курдук ытыс тыаһынан Саха Республикатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствота махтал суруктарын Прибылых И.Н., Афанасьев Е.В., Стручков Д.Г., Кычкин С.С., Никитин П.С., Стручков Я.К. туттарылынна.
Саха Республикатын «Аҕа лигата» общественнай тэрилтэтэ бочуотунай грамотатынан Рожин Х.М., Стручков А.В., Владимиров И.В., Андросов Д.Д., Иванов Д.Ю., Дохунаев П.В., Осипов Р.П. наҕараадаланнылар.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуура үлэһиттэрин профсойууһун председателэ Э.М.Павлова илии баттааһыннаах грамотанан, харчынан бириэмийэнэн наҕараадаланнылар Прибылых И.Н., Стручков Я.К.
«Туймаада» государственнай ырыа ансаамбыл салайааччыта, биир дойдулаахпыт Пинигина Светлана Матвеевна «Сахам сирэ барахсан» Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах «Туймаада» ырыа ансаамбыл кэнсиэригэр билиэттэри утары уунан, соһуччу түгэни бэлэхтээтэ.
Ону тэҥэ үөрүүлээх түгэнинэн биир дойдулаахпыт, «Туймаада Саханефтегаз» акционернай общество производственнай департаменын директора Кычкин Иннокентий Зиновьевич «Ситим» ансаамбыл коллективыгар анаан баян бэлэх туттарда.
«Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыл коллектива чиэстээһин кэнниттэн 20 сыл устата ылламмыт, дьон сүрэҕэр хатаммыт уруккуну-хойуккуну санатар кэрэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Ону сэргэ Вера Фадеева, Антонина Прибылых, Рима Фадеева, Дария Андросова, Алексей Прибылых, Геннадий Афанасьев, «Сайдыына» квинтет кэнсиэри ылбаҕай ырыаларынан киэргэтэн, ситэрэн биэрдилэр. Бу киэһэни иилээн-саҕалаан ыытта Татьяна Стручкова.
Ити курдук «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыл коллектива төрүттэммитэ 20 сыллааҕы үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ өрө көтөҕүүлээхтик ааста.
“Ситим” ансаамбыл коллективын өссө төгүл олохтоох култуура дьиэтин коллективын аатыттан эҕэрдэ тылларын уунабыт! Айар үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Дьоллоох, доруобай буолуҥ!