Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастарын күнүнэн.

Саха сирин Ил Дархана Егор Борисов ыйааҕынан кулун тутар 5 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастарын күнүнэн биллэриллибитэ. Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллан үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан кииҥҥэ «Якутия Мастеровая 2022» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Мэҥэ-Хаҥалас улууһун тарбаҕар талааннаах, удьуор уустарын түһүлгэтэ тэрилиннэ. Быыстапкаҕа таҥаһы төрүт үгэһинэн тигиигэ, мастан, туостан, тимиртэн, туойтан оҥоруу үлэлэргэ, кылтан-сиэлтэн оҥоһуктарга, куукуланы оҥоруу көрүҥнэригэр улууспут нэһилиэктэриттэн бастыҥ үлэлэр турдулар.

Буола турар быыстапка-дьаарбаҥкаҕа биһиги биир дойдулаахпыт, уран тарбахтаах, иэйиилээх иистэнньэҥ, саха сирин уус-уран оҥоһуктарын маастара Валентина Борисовна Березкина кыл-сиэл оҥоһуктарынан быыстапка туруорда.

Бүгүн кулун тутар 5 күнүгэр дойдубутугар норуоттар культурнай нэһилиэстибэлэрин сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Сахабыт Сиригэр норуот маастарын күнүгэр аналлаах үгэс буолбут сахалыы таҥастаах сэлэлии хаамыыга Валентина Борисовна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун делегациятыгар киирсэн кыттыыны ылла. Валентина Борисовна кэнники сылларга сахалыы моһуоннаах сону пропагандалыыр сыалтан бэйэтигэр анал кыһыҥҥы сахалыы сону оҥостон, ситэрэн, симэхтэринэн киэргэтэн кэппитэ кэрэхсэбиллээх, барыбытыгар холобур буолар биир тарбахха баттанар иистэнньэҥмит. Кэнэҕэһин сахабыт төрүт үгэһин сөргүтэн бөһүөлэкпит дьонун-сэргэтин сахалыы таҥастары, соннору тиктэн сыллата үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыаҕын диэн ыҥырабыт.

Ытыктабыллаах нэһилиэкпит норуот маастардара!
Сахабыт сиригэр норуот маастарын күнүнэн итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит! Ытык өбүгэлэрбит этэн хаалларбыт баар хайысхаларынан, үтүө үгэстэринэн, айымньылаах үлэҕитинэн, ураты дьарыккытынан дьону сэргэни көҕүлээн холобур буолаҕыт! Харах көрөн хайгыыр, дууһаны-санааны сөхтөрөр сыралаах, саха омук уратытын көрдөрөр айымньылаах үлэҕит куруук ситииһилээх буоллун, норуот уус-уран идэлэрин оннунан хаалларыыга уонна сайыннарыыга кэрэни үтүөнү үксэтэр элбэх дьоһун үлэлэри, тус бэйэҕэтигэр кытаанах доруобуйаны, дьолу-саргына баҕарабыт!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *