«Самаан сайыны уруйдуур үрүҥ тунах ыһыах».

Бэс ыйын 21 күнүгэр Мэҥэ нэһилиэгин олохтоохторугар, дьоһун-мааны ыалдьыттарыгар Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии 150,  нэһилиэкпитигэр Аҕа сылларыгар аналлаах Үрүҥ тунах ыһыах ыытылынна.

Сарсыардаттан ыһыахтыыр сиргэ киириигэ «Арчы», «Доруобуйа»  түмсүү  далбар хотуттара  дэйбииринэн ыраастаныы сиэрин – туомун толорон, ыһыахха кэлбит бары ыалдьыттары үөрэ-көтө көрүстүлэр.

Быйылгы ыһыахпыт түөлбэлэринэн фотозоналарга хаартыскаҕа түһүүттэн саҕаланна. Ол кэннэ бары тоҕуоруһа мустаннар, сэлэлээн хааман кэлэн ыһыах аһыллыытын сиэрэ — туома ыытыллар киин түһүлгэтигэр муһуннулар.

Ыһыах  алгыһа – бу үрдүкү айыыларга уонна сир – дойду иччилэригэр үҥүү, сүгүрүйүү, аар айылҕаттан быйаҥы, саҥа кэлэр дьылга оҕо – уруу, сүөһү – ас дэлэйэригэр көрдөһүү, күүс – уох ылыы буолар. «Самаан сайыны уруйдуур үрүҥ тунах ыһыах» аһыллыытыын сиэрэ-туома 9 сиринэн тупта уматыыттан саҕаланна. 27 дэйбиирдээх, 9 ситиилиилээх дьахталлар алгыс түһэр түһүлгэтин киртэн – хахтан түптэ унаар буруотунан ыраастаатылар, хара дьайы үрүҥ сылгы сиэлинэн дэйбиирдээн үтэйдилэр. Алгыс түһэр үтүө түһүлгэтин тойук добун дорҕоонунан, айыы намыын хамсаныытынан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа дабайар ытык аартыгы «Арчы» үҥкүүнэн арыйдылар.

Ыраастаммыт кэскиллээх түһүлгэҕэ эрэкэ – дьэрэкэ оҕолор эҕэрдэлээн нэлэй – маҥан аартыгы тэлэритэн сүүрдүлэр.

Айыы ыраас көтөрө кыталык барахсан, Аар Айыылартан алгыһы түһэрэргэ төрүт түһүлгэбитин үтүөнэн түстээннэр, үҥкүүлээн дайдылар.

Үөрүүлээх  күндү күнү  Алгысчыт Баайаҕантай Кулан Хаан уҥа өттүгэр тоҕус  уолан дьону уктан,  хаҥас өртүгэр сэттэ арылы кындыа кыыһы хаайан, арҕаа аартыгынан киирэн аал уоту оттон, уйгу – быйаҥ, үрүҥ  тунах ыһыах алгыһын түстүүрүгэр, бука бары уоскуйан, чуумпуран биэрэн, көрүстүбүт, налыйан, намырыйан,  дьоһуннанан  алгыһы  түстээтибит.

Ыһыах сиэрин ситэрэн, кымыс үрдүн охторуу сиэрэ-туома буолла, Алгысчыт Баайаҕантай Кулан Хаан кыынньар кымыһы «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин аҕа баһылыгар Куприянов Александр Валерьевичка утары уунан,төрүттэрбит маанылаах астарынан күндүлээтэ. Ыһыах аһыллыытыгар мустубут бары дьоммутун 27 далбар хотуттар алгыстаах арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан,сибиэһэй сылгы этинэн күндүлээтилэр.

Саха омук үйэлээх күнүгэр уйгулаах олохпут үөрүүтүн «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич бар дьонугар эҕэрдэ тылын анаата уонна наҕараадалары туттартаата.

«Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» анал бэлиэнэн наҕараадаланнылар:

Саха норуотун национальнай культуратын, үгэс буолбут сиэрин- туомун сайыннарыыга уонна харыстааһыҥҥа боччумнаах кылаатын иһин нэһилиэкпит киэн туттар, ытыктыыр биир дойдулаахпыт, «Мэҥэ аат» анал бэлиэ хаһаайына Баайаҕантай Кулан Хаан Сэргэй Уола;

Винокуров Андрей Николаевич —  нэһилиэкпит элбэх ыччатын мас тардыһыыга уһуйбут, улуус, республика, Россия чемпионнарын үүннэрэн таһаарбыт, Балыктаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала, Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна, Саха Республикатын физическай культураҕа уонна спортка туйгуна, «Мэҥэ аат», «Мэҥэ Хаҥалас улууһугар физическай культура уонна спортка кылаатын иһин», «Саха Республикатыгар спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга кылаатын иһин», «Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыччаты эт – хаан өттүнэн сайыннарыыга кылаатын иһин» анал бэлиэлэр хаһаайыннара, нэһилиэк бастыҥ общественнига, уус – уран самодеятельность активнай кыттыылааҕа.

«Нэһилиэк бочуотун кинигэтигэр» киллэриллибитин туоһулуур  удостоверение туттарылыннылар: Колесова Степанида Ивановнаҕа – 38 сыл устата эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык бухгалтерынан үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык – мааны  ветераммыт, «Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай – экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэ хаһаайына;

Стручков Дмитрий Гаврильевичкаолохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба оператора, нэһилиэк общественнай, спортивнай олоҕор активнай кыттааччы, «сцена ветерана», «Мэҥэ Хаҥалас улууһугар физическай культура уонна спорт сыла» анал бэлиэлэр хаһаайына;

Винокуров Андрей АндреевичкаТимир Пинегин аатынан «Парус» спортивнай комплекс инструктора, мас тардыҺыытыгар Россия Чемпиона, Мэҥэ Хаҥалас, Республика мас тардыһыыга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Быйыл мас тардыһыыга  Саха Сирин  уонна Российскай Федерация Спорт маастарын нуорматын чаҕылхайдык толорбут нэһилиэкпит киэҥ туттар кэскиллээх ыччата.  

Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Ытык ыал» анал бэлиэтэ үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарылынна 50 сыл эн – мин дэһэн, сүбэ – ама, ил – эйэ эҥэрдэһэн, сарын сарыннарыттан өйөһөн олорор нэһилиэкпит киэҥ туттар ытык – мааны дьиэ кэргэнигэр Антонина Сергеевна, Валентин Семенович Кычкиннарга.  Антонина Сергеевна, Валентин Семенович 3 оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, эһээтэ.

Саха Республикатын олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба  Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын грамотатынан наҕараадаланнылар: Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба управлениета төрүттэммитэ 65 үбүлүөйдээх сылынан, улууска олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба сайдыытыгар үтүө суобастаах үлэтин иһин,  производствоҕа үрдүк көрдөрүүтүн иһин Гоголев Андрей Михайлович — олохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба электросварщига;

Саха Республикатын олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба  Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын грамотатынан наҕараадаланнылар: Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба управлениета төрүттэммитэ 65 үбүлүөйдээх сылынан, улууска олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба сайдыытыгар үтүө суобастаах үлэтин иһин,  производствоҕа үрдүк көрдөрүүтүн иһин Оконешников Петр Петрович — олохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба ремонтник — слесэрэ.

Ыһыах үөрүүлээх чааһыгар үбүлүөйүнэй саастарын туолбут ытык-мааны кырдьаҕастарбыт наҕараадаланнылар: 75 сааһын туолбут үбүлүөйдээх кэминэн Мохначевскай Валерий Ефимович– «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга уһун сылларга эҥкилэ суох үлэлээбит ветеран суоппар, кэлин сылларга «Коммунтехсервис» тэрилтэҕэ автобус суоппарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир ытык – мааны  бэтэрээнэ, Саха Республикатын автомобильнай транспорын бочуоттаах үлэһитэ, Валерий Ефимович кэргэнинээн Наталья Петровналыын 50 сыл ыал буолан иллээхтик бииргэ олорбуттарын туоһута,  Мэҥэ  — Хаҥалас улууһун « Ытык ыал »  бэлиэ хаһаайына, элбэх оҕо  амарах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.

70 саастарын туолбут — Фадеева Вера Михайловна – «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үтүө суобастаахтык үлэлээбит ытык – мааны  киһибит, нэһилиэк уус — уран самодеятельноһын актыыбынай кыттыылааҕа, икки оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, нэһилиэкпит биир ытык – мааны  бэтэрээнэ;

Сотникова Галина Прокопьевна– «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үтүө суобастаахтык ветеринарынан үлэлээбит, 3 уол оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир бастыҥ ытык – мааны  бэтэрээнэ.

65 сааһын туолбут Катакинов Яков Андреевич –» Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үгүс сылларга, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир ытык – мааны  бэтэрээнэ,  амарах аҕа, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.

60 сааһын туолбут Куприянов Николай Егорович«Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үгүс сылларга, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир ытык – мааны  бэтэрээнэ.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андросов Иннокентий Иннокентьевич эҕэрдэ тылын тиэртэ уонна наҕараадалары туттартаата:

Саха Республикатыгар олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыыга үтүө суобастаахтык, көдьүүстээхтик бииргэ үлэлээһин уонна тус кылаатын иһин Саха Республикатын Бырабыытылстыбатын уонна Саха Республикатын  олохтоох салайыныы боппуруостарыгар департаменын махтал суругунан наҕараадаланна Гоголева Елена Васильевна — «Мэҥэ» нэһилиэгин тыа сирин тэриллиитин кылаабынай специалиһа.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба управлениета төрүттэммитэ 65 үбүлүөйдээх сылынан, улууска олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба сайдыытыгар эҥкилэ суох үтүө суобастаах үлэтин иһин Ноговицын Александр Дмитриевич- олохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба машинист — оператора;

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба управлениета төрүттэммитэ 65 үбүлүөйдээх сылынан, улууска олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба сайдыытыгар эҥкилэ суох үтүө суобастаах үлэтин иһин Ноговицын Николай Семенович — олохтоох олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба машинист — оператора.

Бэлиэ түгэнинэн сиэттэрэн, баҕа санааҕыт барҕара туоллун, ыра санааҕыт ыпсан истин диэн музыкальнай нүөмэрдэринэн эҕэрдэлээтилэр:

«Көй дорҕоон» фольклорнай бөлөх толоруутугар «Дьүрүһүй хомуһум».

 «Талба»  үҥкүү ансаамбылын толоруутугар «Дэйбиирдээх  үҥкүү», салайааччы Сардана Стручкова.

Балыктаахпыт бөһүөлэгин   ыһыаҕын   уруйдаах  түһүлгэтигэр күн бүгүн нэһилиэкпит туох, хайдах дьаһанан олорорун сыл анал бэлиэлэринэн сирдэтэн сырдатан аастыбыт.

Дойду бэрэсидьиэнэ  Владимир Путин 2024 сылы «Дьиэ кэргэн» сылынан биллэрбитэ. Бу быһаарыныы дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыырга, өйүүргэ, киэҥник тарҕатарга итиэннэ элбэх өрүттээх өйөбүлүнэн ыал бары араҥата туһанарыгар күүс – көмө, тирэх буоларыгар ылыныллыбыта. Биһиги нэһилиэкпитигэр уопсайа 116 дьиэ кэргэн олорор, онтон 35-с саастарыгар дылы 5 ыал төрүттэнэн, төрөөбүт дойдуларыгар, Балыктаахха олохсуйан, нэһилиэкпит сайдыытыгар олук буолан этэҥҥэ үлэлии – хамсыы сылдьаллар. Нэһилиэкпит сайдарын туһугар эдэр, дьиэ кэргэттэр эбиллэ, үксүү турдуннар. Саха ыалын олоҕо чөл туруктаах, уйгу – быйаҥ олохтоох буоллун. Хас биирдии саха ыала сылаас оһохтоох, итии чэйдээх, оҕо чугдаарар саҥатынан дьоллоох, Аҕам саастаах дьоммут алгыстаах сүбэтинэн өйөбүллээх буоллун диэн туран бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр:

«Мин ийэбинээн» үҥкүүнэн нэһилиэкпит эдэр ийэлэрэ.

Олохтоох олох -дьаһах коммуннальнай хаһаайыстыба коллективын толоруутугар «ырыабын ыллыыбын».

Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылы «Оҕо саас сылынан» биллэрбитэ. Онон үүммүт сылга хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааска, сылааска улаатыахтаах, оҕону иитиигэ, оҕо доруобуйатыгар улахан болҕомтону ууруунан  эрэ муҥурдаммакка, оҕо дьарыктаах буолуутугар, ону сэргэ улууспутугар Үөрэҕирии 150 сылын көрсө дириҥ суолталаах, араас таһымнаах үлэлэр, тэрээһиннэр ыытыллан кэллилэр.

Бу кэрчиги сырдаттылар «Звездочка» оҕо уһуйаанын (сэбиэдиссэй Кычкина А.С.) уонна М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын (директор Иванов Е.Н.) коллективтара.

Мэҥэ — Хаҥалас улууһугар, улууспут аҕа баһылыга Дмитрий Тихонов 3 сылга Тыа хаһаайыстыбатын сылын биллэрбитэ. Онно олоҕуран тыа хаһаайыстыба араас салааларыгар саҥа сүүрээннэри тобулан, дьиэ кэргэн түмсүүтүнэн, бар дьоммут сүбэтинэн, Ил дархаммыт өйөбүлүнэн, салгыы үлэ-хамнас ситимнээхтик тэриллэр. Үрүҥ тунах ыһыах маанылаах түһүлгэтигэр күннэтэ үлэни өрө тутар, туруу үлэһит дьоммутун, киэҥ тутта ааттаан аастыбыт.

«Хаххах» өҥөнү оҥорор тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ төрүт дьарыгы илдьэ сылдьар тыа хаһаайыстыбата инникилээх буоларын туһугар күннэтэ сыралаһан үлэлиир. Быйыл кэпэрэтиип материальнай- техническай базатын бөҕөргөтөр сыаллаах Ил дархаммыт Айсен Николаев олохтообут бырагырааматыгар тиксэн, МТЗ- 81.1 тыраахтар техниканы тутан үөрүүлэрэ үксээтэ, салайааччы Маргарита Ивановна сатабыллаах дьаһалынан бу саҥа техника этэҥҥэ үлэлээн, кэпэрэтиипкэ эрэ буолбакка нэһилиэк сайдыытыгар улахан төһүү күүс буоллун.  Бу сыл 37 ыал  сүөһүтүн,  уопсайа 160 төбөнү, онтон 73 ынах сүөһүнү уонна  субан сүөһүнү кыстатан  8 үлэһит күннэтэ көрөн – истэн, кыстыгы этэҥҥэ туораабыттара хайҕаллаах. Билиҥҥи туругунан, 21 ыал сүөһүтэ, 52 төбө, ол иһиттэн 49 ыанар ынах уонна 22 ньирэй «Мараҕа» сайылык күөх хонуутугар этэҥҥэ үктэнэн, 2 ыанньыксыт, 1 арыыһыт, 1 бостуук, 1 ньирэй көрөөччү уонна осеменатор Катакинова Маргарита Васильевна  биир иллээх коллектив буолан ,үрүҥ илгэни үрүлүтэ үлэлии – хамсыы сылдьаллар. Түгэнинэн туһанан «Хаххах»кээпэрэтиб коллективыгар сыралаах үлэлэригэр үрдүк көрдөрүүлээх, таһаарыылаах түмүктэри, үлэҕитигэр күннэтэ көрсөр мэһэйдэртэн толлубакка, биир сомоҕо буолан иннигит диэки дьулуһан иһэргитигэр диэн дохсун ытыс тыаһынан алгыспытын тиэртибит.

Үлэттэн толлубат, киэҥ — холку санаалаах, олоххо дьулуурдаах, киэн туттар нэһилиэкпит Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар төһүү буолар, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэр, тыа хаһаайыстыбатын уустук үлэтиттэн толлон турбакка, кыһыҥҥы тымныылары, сайыҥҥы куйааһы  аахсыбакка, биир күн өрөөбөккө хорутуулаахтык үлэлии – хамсыы сылдьар үс фермер уолаттарбыт  Ньургун Габышевы, Дьулус Говоровы, Илья Мохначевскайы дохсун ытыс тыаһынан уруйдаан түһүлгэҕэ көрүстүбут.. Эһиги нэһилиэкпитигэр эрэ буолбакка, бүтүн сахабыт сиригэр үрүҥ илгэ, эмис эт, үрдүк хаачыстыбалаах олохтоох ас — үөл дэлэйэригэр сүҥкэн кылааккытын киллэрсэргитинэн астынабыт, биһириибит. Утум  салҕаныахтаах диэн санааттан урбаанньыт «Ньургун Габышев» крестьянскай бааһынай хаһаайыстыбата( салайааччы Ньургун Габышев) , урбаанньыт «Дьулустаан Говоров» крестьянскай бааһынай хаһаайыстыбата ( салайааччы Дьулустаан Говоров) ,«Иҥэһэ» крестьянскай бааһынай хаһаайыстыбата ( салайааччы Илья Мохначевскай) бука бары дьиэ кэргэнинэн түмсэн, төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьан оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин үлэҕэ сыһыаран, иитэн – такайан, үөрэтэллэрэ барыбытын үөрдэр, сайдыы салгыы барыахтааҕын кэрэһэлиир. Нэһилиэкпит дьонугар, чуолаан эдэр ыччакка үтүө холобур буолаҕыт. Күн ахсын түбүктээх үлэни өрө тутан дьарык оҥостон үүнэ – сайда туруҥ!  Эһиги сыралаах улэҕитин үрдүктүк сыаналыыбыт. Нэһилиэккит аатын өрүү ааттата сылдьаргытынан киэн туттабыт! Баҕарабыт дьиэҕитигэр — уоккутугар табыллыыны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини! Чэгиэн туругу, дьолу-соргуну! диэн сылаас алгыспытынан киэҥ тутта атаардыбыт.

Бу кэрчиги эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэттилэр:

Трио толоруутугар Анна Барашкова тылыгар уонна матыыбыгар «Мин дойдум».

«Сайдыына» вокальнай ансаамбыл толоруутугар Марфа Куличкина тылыгар, Валерий Ноев матыыбыгар «Күөрэгэй».

Нэһилиэкпитигэр аҕа баһылыкпыт Александр Валерьевич Куприянов  2024 сылы «Аҕа сылынан» биллэрбитэ. Онно тирэҕирэн,  дьиэ кэргэҥҥэ оҕо  иитиитигэр эрэ буолбакка, уопсастыбаҕа аҕа оруолун,  аатын үрдэтиигэ аналлаах тэрээһиннэр, араас таһымнаах дьаһаллар ылыллан үлэ – хамнас тиһигин быспакка тэриллэр. «Аҕаларбыт биһиэнэ — Нэһилиэкпит киэҥ туттуута» диэн рубрика хас пятница аайы тахсар нэһилиэкпит сонуннарыгар аҕаларбыт тустарынан сыл устата сырдатыллан кэллэ. Ону сэргэ аҕаларбытыгар туһаайыллар араас дьаһаллар, тэрээһиннэр, чиэстээһиннэр сыл түмүктэниэр диэри былааннаахтык тэриллэн ыытыллыахтара. Бу курдук сылбыт анал бэлиэлэринэн салайтаран, сиэттэрэн бары биир санааҕа түмүллэн, үлэлиирбит, айарбыт – тутарбыт туһунан сырдатан аастыбыт. Ханнык да тэрээһиҥҥэ аҕаларбыт биһиэннэрэ мэлдьи биир киһи курдук түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк кытталлар.

50 – н тахса сыл уостан түспэккэ ылланан кэлбит, нэһилиэкпит визитнай карточката буолбут  Галина Шахурдина  матыыбыгар, Павел Габышев тылыгар «Балыктаах киэһэтэ» ырыаны нэһилиэкпит аҕалара уонна инники кэскиллэрбит — ыччаттарбыт дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолугар толордулар.

Саамал үрүҥ тунах ыһыах сайа охсор дьикти салгыныттан,  саха киһитин күннээҕи айар – тутар олоҕуттан оһуор тэҥэ оргууй айыллан, алгыс курдук арыллан тахсан, айыыһыт алгыстаах түһүлгэбитигэр илгэлээх иэримэ дьиэбитин истиҥ иэйиинэн иҥэрдин, айылгылаах алаһа дьиэбитин алыптаах алгыһынан толордун диэн туран, саха эрэ кутун туппут 3 көлүөнэ толоруутугар «Оһуор үҥкүүтэ»ыһыах үөрүүтүн үрдэтэн биэрдэ.

Самаан сайыны уруйдуур үрүҥ тунах ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта алгыс оһуохайынан түмүктэннэ. Оһуохайы таһаарда Баайаҕантай Кулан Хаан Сэргэй Уола.

Салгыы түһүлгэлэринэн,урууларынан, түөлбэлэринэн кырылыы кыынньар кымыс, эмис сибиэһэй сылгы этин амсайан , ирэ — хоро кэпсэтэн баран, күнүс 14:00 чаастан кэнсиэр түһүлгэтигэр Саха Государственнай «Туймаада» ансаамбыла (салайааччы биир дойдулаахпыт, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР култуураҕа уонна ыччат политикатыгар туйгуна, Мөҥүрүөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Пинигина С. М.) эҕэрдэ кэнсиэрин нэһилиэкпит олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар бэлэх ууннулар. Бииртэн биир уостан түспэт ылбаҕай ырыаларын дьон-сэргэ астына-дуоһуйа иһиттилэр, тэҥҥэ ыллаан, үҥкүүлээн сэргэхсийдилэр. Эҕэрдэ кэнсиэр түмүгэр Пинигина Светлана Матвеевнаҕа «Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат иҥэриллибитинэн биир дойдулаахтарын ааттарыттан эҕэрдэ сурук, анал бэлиэ туттарылынна.

Быйылгы ыһыахпыт тэрээһинигэр күүс-көмө буолбут дьоннорбутугар: «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин (баһылык Куприянов А.В.), «Звездочка» оҕо уһуйаанын (сэбиэдиссэй Кычкина А.С.), Олохтоох олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба (начальник Ноговицын И.Н.), М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын (директор Иванов Е.Н.), «Хаххах» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативын (салайааччы Скрябина М.И.) коллективтарыгар, «Үс фермер» түмсүү уолаттарыгар Габышев Н.В., Говоров Дь.Г., Мохначевский И.Е., «Талба» үҥкүү ансаамбылын (салайааччы Стручкова С.С.), «Доруобуйа» түмсүү (салайааччы Ноговицына М.И.), «Эрэл» түмсүү (салайааччы Бродникова П.Г.), 3 көлүөнэ үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүгэр, «Мичээр», «Үрүйэ» үҥкүү, «Көй дорҕооно» фольклорнай бөлөх, «Сайдыына» вокальнай ансаамбыл коллективтарыгар, ыһыах алгыһын түстээбит алгысчыппытыгар Баайаҕантай Кулан Хаан Сэргэй уолугар, ыһыах аһыллыытын сиэрин-туомун иилээн-саҕалаан ыыппыт Татьяна Стручковаҕа, Вадим Шепелевка уонна нэһилиэкпит бары түөлбэлэрин олохтоохторугар, түөлбэ салайааччыларыгар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махтал тылларын аныыбыт. Чэгиэн-чэбдик буолуоҕуҥ, бары тутуспутунан сайда-үүнэ туруоҕуҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *