Ыам ыйын 21 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэкпит байанайдаах булчуттара ытык – мааны ветераннарбытыгар анаан – минээн күндүлээбит кустарыттан буһарыллыбыт сибиэһэй миини амсайар дьоро түгэнэ бэрт сэргэхтик ааста.
Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар бастаан бука бары күргүөмүнэн ытык эбэбитигэр киирэн «Арчы» (сал. Рожина Н.Ф.) уонна «Доруобуйа» (сал. Ноговицына М.И.) түмсүүлэр салайыыларынан сиэри – туому толорон, алаадьынан күндүлээн – үгүс үтүөнү төлкөлөөн көрдөстүбүт.
Салгыы ытык-мааны күндү ыалдьыттарбытын саха маанылаах астарынан арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан, саламаатынан, сибиэһэй кус миининэн толору сандалы тула олордон, Надежда Федоровна Рожина алгыһынан самаан сайыны көрсө уруйдуу, үтүө санаа олохсуйдун диэн «Арчы», «Доруобуйа» түмсүүлэр анал сиэри-туому толордулар, саламанан төгүрүччү иилэн-күрүөлээн арчылаатылар.
Бүгүҥҥү тэрээһини Вера Фадеева «Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн», Дария Андросова, Рима Фадеева «Дьол ырыата», «Сайдыына» квартет «Эҕэрдэ ырыата» ылбаҕай ырыаларынан, Татьяна Цыденжапова дьүрүскэн хомуһунан туойан, «Үрүйэ» үҥкүү коллектива нарын үҥкүүлэринэн киэргэтэн биэрдилэр.
Күндү ыалдьыттарбыт саха маанылаах астарын уонна сибиэһэй кус миинин минньигэстик иһэ иһэ ирэ-хоро кэпсэттилэр, уруккуну санаһан, инникигэ санаалары кэпсэтэн бу күнү бииргэ үөрэ-көтө атаардылар, көрү-нары көҕүлүттэн туттулар, араас көрдөөх оонньууларга бэрт көхтөөхтүк кыттан, кыайыылаахтар анал бириистэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Ырыа-тойук, үҥкүү аргыстаах уйгулаах сайыммытын уруйдаатыбыт-айхаллаатыбыт.
Нэһилиэкпит байанайдаах булчуттара сибиэһэй кус миининэн күндүлээн ытык-мааны ветераннарбытын үөрдүбүккүтүгэр-көтүппүккүтүгэр уонна бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбатах ытык-мааны дьоммутугар дьиэлэринэн сылдьан байанай бэлэҕин үөрдэ-көтүтэ тиксэрбиккитигэр махтал тылларын аныыбыт. Ытык-мааны дьоммутугар истиҥ сыһыаҥҥыт, кыһамньыгыт үтүө үгэскэ кубулуйан сыл ахсын ветераннарбытын үөрдэ туруҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит. Байанайгыт тосхойо турдун!
Күндү доҕоттор, уйгулаах сайыммытыгар үктэнэр Ньукуолунунан өссө төгүл истиҥник эҕэрдэлиибит! Түмсүүлээх нэһилиэкпит түһүлгэтэ тэнийэ турдун, аан дойду үрдүнэн иллээх-эйэлээх олох олохсуйдун, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ дьоллоох олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Самаан сайыммыт куйаас, итии, быйаҥнаах күннэри бэлэхтээтин!