Сонуннар

Кулун тутар 18, 19, 20 күннэригэр мас тардыһыытыгар Саха Республикатын спордун маастара, Саха республикатын физическай культура уонна спорт туйгуна, «Саха Республикатын спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга кылаатын иһин», «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайына, Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна Андрей Николаевич Винокуров 55 үбүлүөйдээх сааһыгар аналлаах Республиканскай мас тардыһыытыгар «Мэҥэ кубога» күрэхтэһии буолан ааста.

Күрэхтэһиигэ кэлбит спортсменнары нэһилиэкпит «Арчы»(сал.Рожина Н.Ф.), «Доруобуйа» (сал.Ноговицына М.И.) общественнай түмсүүлэр алаадьынан, арыылаах саламаатынан, кымыһынан айах тутан, арчылаан үөрэ- көтө көрүстүлэр.

Күрэхтэһиигэ барыта 137 спортсмен 19 улуустан күөн көрүстүлэр.

Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытын түгэнигэр Андрей Николаевич олоҕун, спортивнай үлэтин, ситиһиилэрин билиһиннэрдэ Балыктаах орто оскуолатын учуутала Стручкова Татьяна Артуровна.

Бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тириэртилэр:

1. «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Куприянов Александр Валерьевич.

2. «Мэҥэ -Хаҥалас улууһа» МТ аҕа баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Свинобоев Мирон Анатольевич. Ону сэргэ Андрей Николаевичка «Мэҥэ -Хаҥалас улууһун спорт уонна ыччат политикатыгар кылаатын иһин» анал бэлиэни дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда.

3. Манчаары Баһылай аатынан Саха төрүт оонньууларын киинин директора, «Ил түмэн» государственнай мунньах депутата, Саха сирин мас тардыһыытын Федерациятын президенэ Васильев Геннадий Анатольевич. Ону сэргэ Саха сирин мас тардыһыытын федерациятын юбилейнай бэлиэтин туттарда: Винокуров Андрей Николаевичка, Сергучев Дмитрий Петровичка, Быганов Николай Семеновичка. Өссө биир үөрүүлээх түгэнинэн буолла: Шишигин Илья Егорович Саха төрүт оонньуулар ассоциациятын (Сахаада спорт) маастарын бэлиэтинэн наҕараадаланыыта.

4. «Мэҥэ -Хаҥалас улууһа» МТ спорт управлениетын начальнига Захаров Константин Анатольевич.

5. «Мэҥэ -Хаҥалас улууһа» МТ спорт управлениетын специалиһа, Мэҥэ -Хаҥалас улууһун мас тардыһыыга кылаабынай тренерэ Попов Алексей Артемович.

6. «Майа сэлиэнньэтэ» МТ аҕа баһылыга Тихонов Дмитрий Иванович. Маны сэргэ Дмитрий Иванович күрэхтэһии 70 кг ыйааһыннаах спортсменнарга абсолютнай киирсиигэ анал бириис — убаһа туруорарын иһитиннэрдэ.

7. «Мэҥэ -Хаҥалас улууһа» МТ үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Никифоров Николай Лукич.

8. Андрей Николаевич биир бириэмэҕэ мас тардыһыыга утумнаахтык дьарыктаммыт доҕотторун аатыттан эҕэрдэ тириэртэ Сотников Вячеслав Егорович, Төҥүлү орто оскуолатын дириэктэрэ.

9. «Балыктаах эр бэртэрэ» ватсап түмсүү. Салайааччы — Бурцев Михаил Викторович.

10. Прибылых Марина Семеновна, педагогическай үлэ ветерана, Андрей Николаевич ийэтин Анна Христофоровна дьүөгэлэрин аатыттан эҕэрдэ сурук, сэмэй бэлэх туттарда.

11. Күрэхтэһии кылаабнай судьуйата, Баһылай Манчаары оонньууларын 2 төгүллээх абсолютнай чемпиона, боксаҕа Советскай союз спордун маастара Шарин Дмитрий Иннокентьевич.

12. Михаил Прокопьевич Габышев аатынан Балыктаах орто оскуола директора Мохначевская Айталина Михайловна.

13. Бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ спорт ветерана Скрябин Илья Ильич.

14. Аймах-билэ дьонун аатыттан эҕэрдэ тириэртэ Стручков Игорь Игоревич.

15. «Сүрэх тыа» түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан эҕэрдэ, сэмэй бэлэх туттарылынна.

Үөрүүлээх аһыллыы «Ыллыкчаана» образцовай үҥкүү ансамбылын оҕолоро «Дьиэрэҥкэй» үҥкүүнэн, «Ситим» эр дьон вокальнай ансамбль «Айхаллан алгыстаах ырыабар» музыкальнай эҕэрдэнэн ситэриллэн, киэргэтиллэн биэрдэ. Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыыта Андрей Николаевич харда тылынан түмүктэннэ.

2 күннээх күрэхтэһии түмүгэ маннык буолла:

Дьахталларга

50кг

1 миэстэ — Алексеева Анастасия (Мэҥэ-Хаҥалас)

2 миэстэ — Иванова Саяна (Уус-Алдан)

3 миэстэ — Протопопова Мария (Нам)

55кг

1 миэстэ — Дьячковская Татьяна (Чурапчы)

2 миэстэ — Винокурова Сахалита (Уус -Алдан)

3 миэстэ — Корнилова Мария (Дьокуускай)

60кг

1 миэстэ Томская Татьяна (Мэҥэ -Хаҥалас)

2 миэстэ — Варламова Галина (Таатта)

3 миэстэ — Андреева Сардаана (Горнай)

65кг

1 миэстэ — Павлова Мира (Мэҥэ -Хаҥалас)

2 миэстэ — Михайлова Светлана (Үөһээ Бүлүү)

3 миэстэ — Бродникова Кэрэчээнэ (Мэҥэ -Хаҥалас)

65+ кг

1 миэстэ — Молукова Светлана (Дьокуускай)

2 миэстэ — Сивцева Сайына (Уус-Алдан)

3 миэстэ — Васильева Мария (Таатта)

Эр дьон (ветераннар)

65кг

1 миэстэ — Дмитриев Александр (Үөһээ Бүлүү)

2 миэстэ — Неустроев Иван (Амма)

3 миэстэ — Сергучев Дмитрий (Мэҥэ -Хаҥалас)

75кг

1 миэстэ Гладков Анатолий (Нам)

2 миэстэ — Матаннанов Афанасий (Нам)

3 миэстэ — Бубякин Еремей (Уус — Алдан)

85кг

1 миэстэ — Марков Максим (Мэҥэ -Хаҥалас)

2 миэстэ — Винокуров Иван (Чурапчы)

3 миэстэ — Попов Николай (Мэҥэ -Хаҥалас)

85+ кг

1 миэстэ — Федоров Иван (Мэҥэ -Хаҥалас)

2 миэстэ — Герасимов Александр (Мэҥэ -Хаҥалас)

3 миэстэ — Егоров Василий (Уус — Алдан)

Эр дьон

60кг

1 миэстэ — Ховров Станислав (Уус — Алдан)

2 миэстэ — Никифоров Иван (Мэҥэ -Хаҥалас)

3 миэстэ — Осипов Анатолий (Горнай)

65кг

1 миэстэ — Саввин Дмитрий (Модун)

2 миэстэ — Александров Айаал (Горнай)

3 миэстэ Григорьев Ариан (Үөһээ Бүлүү)

70кг

1 миэстэ — Стручков Алексей (Мэҥэ -Хаҥалас — Балыктаах)

2 миэстэ — Бояров Эдуард (Мэҥэ -Хаҥалас)

3 миэстэ — Удин Евгений (Модун)

75кг

1 миэстэ — Никаноров Валерий (ХИФУ)

2 миэстэ — Сдвижков Борис (Модун)

3 миэстэ — Лазарев Михаил (Нам)

80кг

1 миэстэ — Борисов Семен (Горнай)

2 миэстэ — Иванов Василий ( Горнай)

3 миэстэ — Семенов Юрий (Чурапчы )

90 кг

1 миэстэ — Кутуков Алексей (Нам)

2 миэстэ — Куприянов Алексей (Өлүөхүмэ)

3 миэстэ — Свешников Андрей (ЧГИФКиС)

105кг

1 миэстэ — Макеев Дмитрий ( Модун)

2 миэстэ — Рустамов Сулейман (Дьокуускай)

3 миэстэ — Сыроватский Арылхан (Уус- Алдан)

105+ кг

1 миэстэ Попов Евгений (Өлүөхүмэ)

2 миэстэ — Варламов Семен (Мэҥэ — Хаҥалас)

3 миэстэ — Барашков Олег (Нам)

Ыччаттар:

65кг

1 миэстэ — Охлопков Игнат (Уус — Алдан)

2 миэстэ — Иванов Ким (Мэҥэ -Хаҥалас — Балыктаах)

3 миэстэ — Романов Артур (Үөһээ Бүлүү).

Күрэхтэһии бары кыайыылаахтарыгар анал мэтээл, грамота, бириистэр туттарылыннылар. Ону сэргэ биирдиилээн спортсменнарга анал бириистэр туттарылыннылар. Күрэхтэһии кыайыылаахтарын наҕараадалааһын түгэнин сиһилии https://youtu.be/prnuaJHjDys ссылканан киирэн көрөргүтүгэр.

Бу республиканскай тэрээһиҥҥэ спортсменнары итии аһылыгынан хааччыйыыга саамай активнай кыттыыны ыллылар: Кычкина Мария Спиридоновна, Мордискина Антонина Николаевна, Степанова Саргылана Романовна, Мохначевская Христина Иннокентьевна, Докторова Нарыйа Ивановна, Макарова Мария Ивановна, Березкина Валентина Борисовна, Куприянова Варвара Николаевна, Иванова Татьяна Егоровна, 11 кылаас төрөппүттэрэ (атыылааччы Попова Анна Владимировна), Колесова Мария Павловна, олохтоох оскуола коллектива ( директор Мохначевская Айталина Михайловна) , «Бигэ» маҕаһыын (урбаанньыт Бродников Илья Николаевич).

Бука бары тэрээһиҥҥэ кыттыбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар, итии аһылыгынан хааччыйбыт дьоммутугар, спортсменнары айах тутан көрсүбүт бары Далбар Хотуттарбытыгар: «Доруобуйа» түмсүү (сал. Ноговицына М.И.) «Арчы» түмсүү (сал. Рожина Н. Ф.), медицинскэй өҥөнү тэрийбит Сотникова Акулина Федоровнаҕа, олохтоох дьаһалта коллективыгар (баһылык Куприянов Александр Валерьевич), күрэхтэһии спонсордарыгар: Габышев Ньургун Владимировичка, Березкин Алексей Николаевичка, Кычкин Павел Николаевичка, Ноговицын Александр Прокопьевичка, Трифонов Егор Иннокентьевичка, Дохунаева Александра Петровна дьиэ-кэргэнигэр, Цыпандин Владимир Владимировичка, Березкина Валентина Борисовнаҕа, Захаров Михаил Михайловичка, «Балыктаах эр бэртэрэ» түмсүү коллективыгар (сал. Бурцев Михаил Викторович), олохтоох оскуола 2003 сыллаах выпускниктарыгар, 2004-2006 сылларга олохтоох оскуоланы бутэрбит уолаттарга, нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр: М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуола, «Звездочка» оҕо уһуйаана, олохтоох ОДьКХ, кыра тэрилтэлэр коллективтарыгар, «Шишкин дом» хампаанньа салайааччыларыгар М.В. уонна И.П. Даниловтарга, «Юпитер» тэрилтэ салайааччытыгар Федотов Г. Т., Андрей Николаевич төрөппүттэригэр Анна Христофоровна, Николай Семенович дьиэ кэргэнигэр, бары аймах-билэ дьонноругар ис сүрэхтэн тахсар махтал тылларын аныыбыт, мэлдьи бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ, барыгытыгар доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.