ППМИ — 2024.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин дьаһалтатын көҕүлээһининэн кэлэр 2024 сылга «Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа» (ППМИ-2024) бырайыагынан конкурска кыттыы саҕаламмытынан, нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолан ааста.

Мунньаҕы «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын  солбуйааччыта Мохначевскай Иван Егорович иилээн-саҕалаан ыытта. «Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа» (ППМИ-2024), ону тэҥэ эрдэ олохтоох дьаһалта специалистара бэлэмнээн ватсап ситим нөҥүө ыыппыт опростарын түмүгүн иһитиннэрдэ,  иннинээҕи 5 сыл устата нэһилиэккэ ППМИ программанан кыайыылаах тахсан тэриллибит үлэлэри сиһилии быһаарда. Мунньах кыттыылаахтара  эһиилги сылга ППМИ -2024 конкурсугар туруорсар бырайыактарын  тула аһаҕас кэпсэтиигэ кыттан, санаа атастаһыыта көхтөөхтүк тэрилиннэ. Эрдэ ыытыллыбыт ситим нөҥүө опроска 3 бырайыак куоластааһын түмүгүнэн инники күөҥҥэ таҕыста. Ол курдук бастакы  бырайыак — «Ийэ скверэ», иккис бырайыак — «Кылабыыһа териториятын кэҥэтии уонна күрүөлээһин», үһүс бырайыак — «Эргэрбит тутуулары (начальнай уонна орто оскуола дьиэлэрин) көтүрүү».

Түмүккэ мунньах кыттыылаахтарын куоластааһыҥҥа кыттыыларын түмүгэр, баһыйар куолаһы ылан үһүс бырайыак  — «Эргэрбит тутуулары (начальнай уонна орто оскуола дьиэлэрин) көтүрүү» талылынна. Ону тэҥэ утары үбүлээһин суумматын быһаарыыга 300 солкуобайынан хас биирдии нэһилиэкпит олохтооҕо кыттыһарын куоластааһынынан быһаардылар.

Бу курдук нэһилиэкпит олохтоохторо «ППМИ — 2024» конкурска бары биир киһи курдук көхтөөхтүк кыттарга быһаарынан, үөрэ-көтө тарҕастылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *