«Оҕо көмүскэлин күнэ».

Самаан сайын кэлбитинэн, сайыҥҥы уһун сынньалаҥнар саҕаламмыттарынан  уонна аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүнэн, бэс ыйын 1 күнүгэр «Оҕо баар буолан!» бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста.

Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин бырааһынньыгынан мустубут нэһилиэкпит олохтоохторугар, оҕолорго, ыалдьыттарга бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр:

«Мин оҕо саадым», «Шире круг», «Үөрэнэ барабын» уонна Сарыал Харитонов «Ытанньах герой буолбат» ырыаларынан, флэш-моб үҥкүүнэн «Звездочка» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, салайааччы Елена Ивановна Стручкова.

2-с кылаас үөрэнээччилэрин толоруутугар «Дьэ ыллаан дьиэрэтин», кылаас салайааччыта Альбина Дмитриевна Рожина.

3-с кылаас үөрэнээччилэрин толоруутугар «Эйэ, дьол ырыата», кылаас салайааччыта Евдокия Михайловна Стручкова.

Бу үөрүүлээх күн мустубут кырачааннарбытыгар анаан бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран «Сайдыы» маҕаһыын (салайааччы Кириллин Николай Леонидович) минньигэс мороженнайынан күндүлээтэ, ону сэргэ Докторовтар дьиэ кэргэн оҕолорго анаан батутка оонньууну тэрийдилэр.

Салгыы оҕолорго анаан араас күрэхтэр тэрилиннилэр: 3 — 5 саастаах уолаттарга аналлаах  «Күүстээх Дэһээккин» күрэххэ кыайыылааҕынан Сарыал Харитонов — 1 миэстэ, Эрхан Ноговицын — 2 миэстэ буолан сэмэй бэлэхтэри туттулар.

Биирдиилээн 3 —  5 саастаах  кыргыттарга аналлаах «Отон хомуйуута» күрэххэ 1-кы миэстэ — Виолетта Васильева, 2-с миэстэ — Алена Мохначевская, 3-с миэстэ — Күннэй Охлопкова кыайыылаах тахсаннар бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Биирдиилээн 5 — 7 саастаах  уолаттарга аналлаах «Мас — рестлинг» күрэхтэһиигэ 1-кы миэстэни Сарыал Харитонов, 2-с миэстэни Амир Фадеев, 3-с миэстэни Дамир Андросов ситиһэннэр, кыайыы өрөгөйүн билэн, сэмэй бириистэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Биирдиилээн 5 — 7 саастаах  кыргыттарга аналлаах «Саарык» күрэххэ 1-кы миэстэ — Василина Васильева, 2-с миэстэ Сардана Харитонова, 3-с миэстэ — Алена Мохначевская, кыайыылааҕынан ааттанан бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Биирдиилээн 7 – 12 саастаах уолаттарга аналлаах саха национальнай оонньууларыттан биирдэстэрэ  «Ойбонтон уулааһын» күрэхтэһиигэ Арылхан Васильев кыайыы өрөгөйүн билэн, сэмэй бириис тутан үөрүүтэ үксээтэ.

Биирдиилээн 7 – 12 саастаах кыргыттарга аналлаах саха национальнай оонньуутун « Кириэс тэбии» күрэхтэһиитигэр 1-кы миэстэни Дайаана Сотникова, 2-с миэстэни Сардана Мохначевская, 3-с миэстэни Сайнаара Харитонова ситиһэн, сэмэй бириистэринэн бэлиэтэннилэр.

Салгыы түөлбэлэр икки ардыларыгар « Мин ийэбинээн» 3 этаптаах көрдөөх эстэпиэтэ бэрт сэргэхтик ааста.

1 этап — «Палочкалаах сүүрүү» түмүгэ: 1-кы миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ (сал. Дьяконова Е.В.), 2-с миэстэ — «Аартык» түөлбэ (сал. Стручкова С.С.), 3-с миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ (сал. Васильева Я.Я.).

2 этап — «Шаригы бэрсии» түмүгэ: 1-кы миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ, 2-с миэстэ — «Аартык» түөлбэ, 3-с миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ (сал. Макарова М.И.).

3 этап — «Көрдөөх волейбол» түмүгэ: 1-кы миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ (20,9 сөк.), 2-с миэстэ — «Аартык» түөлбэ (42,18 сөк.), 3-с миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ (55,70 сөк.), 4-с миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ (1 мүн. 51 сөк.). 3 этап түмүгүнэн 1,2,3 миэстэни ситиспит кыайыылаахтар анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр.

Сытыы киирсиилэрдээх, тыҥааһыннаах, ыһыылаах-хаһыылаах эстэпиэтэ уопсай түмүгэ маннык буолла: 1-кы миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ, 2-с миэстэ — «Аартык» түөлбэ, 3-с миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ, көхтөөх кыттыыларын иһин «Сайдыс» түөлбэ анал грамоталарынан, «ИП. Федотов» маҕаһыынын сертификаттарынан наҕараадаланнылар.

Аан дойду оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиммитигэр кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, төрөппүттэрбитигэр истинник махтанабыт. Олус астына дуоһуйа ыллаан — туойан, бэһиэлэйдик оонньоон — көрүлээн, сэргэхсийэн барбыккыт буолуо диэн эрэнэбит. Оҕолорбутугар, эһиэхэ баҕарабыт сайын устата дуоһуйа сынньаныҥ, сөтүөлээн, күҥҥэ сыламнаан, күүстэ – уохта мунньунуҥ. Маны сэргэ тэрээһиммитигэр күүс-көмө буолбут Нарыйа, Андрей Докторовтар дьиэ кэргэҥҥэ, урбаанньыт Николай Кириллиҥҥа сылаас махтал тылларын аныыбыт. Өрүү да бу курдук бука бары көхтөөх, түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *