Ньукуолун күнүн көрсө — дьоһун бэлэх.

Саха аймахха Ньукуолун күнэ олус суолталаах күнүнэн биллэр. Ньукуолун күнүн көрсө нэһилиэкпит булчут эр дьоннорун көҕүлээһиннэринэн бүгүн ыам ыйын 20 күнүгэр ытык-мааны дьоммутугар — тыыл ветераннарыгар уонна сэрии сылын оҕолоругар бука барыларыгар баай байанайдарын бэлэҕиттэн сибиэһэй кус түҥэтэн кырдьаҕастарбытын үөртүлэр-көтүттүлэр.

Кэлэн иһэр Ньукуола таҥаранан, күөх сайыммытыгар үктэнэр күммүтүнэн бука барыгытыгар истиҥ эҕэрдэ! Уйгу-быйаҥ сайын кэллин, бары этэҥҥэ буолуоҕуҥ!

Бу үтүө дьыалаҕа кыттыспыт нэһилиэкпит булчут эр дьонноругар барҕа махтал тылларын аныыбыт. Ытык-мааны дьоммутугар истиҥ сыһыаҥҥыт, кыһамньыгыт үтүө үгэскэ кубулуйан сыл ахсын ветераннарбытын үөрдэ туруҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит. Байанайгыт тосхойо турдун!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *