Ньукуолуну көрсө.

Саха дьонугар былыр-былыргыттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх бырааһынньык. Бу күн уһун тымныы кыһыны туораан, этэҥҥэ күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар. Биһиги өбүгэлэрбит бу күн айылҕаҕа тахсан сири-дойдуну аһатан, айыыһыттарыгар сүгүрүйэн туран, салама ыйаан баҕа санааларын этэллэрэ, инники олохторун түстүүллэрэ. Ыам ыйын 21 күнүгэр нэһилиэкпитигэр үтүө үгэскэ кубулуйбут Ньукуолуну көрсөр күн бэрт тэрээһиннээхтик, сэргэхтик буолан ааста.

Сарсыардаттан саҕалаан нэһилиэкпит булчут эр дьоннорун көҕүлээһиннэринэн ытык-мааны дьоммутугар — тыыл ветераннарыгар Черкашин Е.Н., Заровняева В.Г., Стручков И.Е., Габышева П.П. уонна сэрии сылын оҕолоругар Куприянова Р.Н., Габышева М.И., Максимова Д.А., Харитонова М.П., Габышева М.Н., Протодьяконов А.Н., Винокуров Н.С., Винокурова А.Х., Ноговицына Е.В. бука барыларыгар баай байанайдарын бэлэҕиттэн сибиэһэй кус түҥэтэн ытык кырдьаҕастарбытын күндүлээтилэр.

Күнүс 14:00 чаастан олохтоох култуура дьиэтигэр Ньукуолуну көрсөр үөрүүлээх, күүтүүлээх тэрээһин эҕэрдэ нүөмэрдэринэн саҕаланна:

«Эрэл» түмсүү коллективын толоруутугар «Саламалаах үҥкүү», салайааччы Прасковья  Бродникова.

Вера Фадеева толоруутугар Варя Аманатова репертуарыттан «Алаас кыыһа».

 «Үрүйэ» үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар «Чороонноох үҥкүү», салайааччы Лилия Долгунова.

Вера Фадеева толоруутугар Варя Ларионова-Ый кыыһа репертуарыттан «Кэрэ Куо».

«Сайдыына» вокальнай ансамбль толоруутугар «Хомус тыаһа», салайааччы Рима Фадеева.

Ыам ыйа – иэйэхсит ыйа. Ньукуолун күн иэйэхсит хотун сиргэ түһэр, онон сибээстээн салама ыйааһынын, дьиэни – уоту, тэлгэһэни, хотону ыраастааһын, арчылааһын сиэрин — туомун сөптөөхтүк туттан  туһанары иилээн-саҕалаан билиһиннэрэн кэпсээтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Мэҥэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Мүчүк” фольклор ансаамбыл салайааччыта Анисия Даниловна Скрябина.

Салҕыы ытык-мааны дьоммутугар анаан саха омук сиэринэн саламааттаах, арыылаах алаадьылаах, көөнньөрүллүбүт кымыс утахтаах, нэһилиэкпит эр бэртэрэ байанайдаах булчуттар анаан-минээн күндүлээбит кустарыттан буһарыллыбыт сибиэһэй мииннээх, итии чэйдээх сандалы тула ырыа – тойук, ааспыты ахтан сэлэһэн истиҥ кэпсэтии, араас көрдөөх оонньуулар тэрилиннилэр.

Бу күн мустубут ытык-мааны дьоммут үөрэ-көтө кэпсэтэн, эҕэрдэ тылларын этэн, ылбаҕай ырыаларын ыллаан, көрдөөх оонньууларга көхтөөхтүк кыттан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, сэргэхсийэн тарҕастылар.

Сандалыны иилээн-саҕалаан ыытта олохтоох култуура дьиэтин директора Любовь Васильевна Кычкина.

Күндү доҕоттор, уйгулаах сайыммытыгар үктэнэр Ньукуолунунан өссө төгүл истиҥник эҕэрдэлиибит! Түмсүүлээх нэһилиэкпит түһүлгэтэ тэнийэ турдун, аан дойду үрдүнэн иллээх-эйэлээх олох олохсуйдун, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ дьоллоох олоҕу, этэҥҥэ буолууну ис сүрэхтэн баҕарабыт. Самаан сайыммыт куйаас итии быйаҥнаах күннэри бэлэхтээтин! Тэрээһиммитигэр күүс-көмө буолбут, чуолаан сибиэһэй кустары кэһии ууммут нэһилиэкпит булчут эр дьонноругар, минньигэс кус миинин буһарбыт Куприянов А.В, Ноговицын И.Н., Андрей Гоголевка, Петр Оконешниковка, быырпаҕы бэлэмнээбит Макарова М.И., тэрээһиммитин сэҥээрэн кэлэн кыттыыны ылбыт бары уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарбытыгар сылаас махтал тылларын аныыбыт. Мэлдьи бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ, бука бары чэгиэн-чэбдик сылдьыаҕыҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *