«Мэҥэ нэһилиэгэ Хорообукка».

Олунньу 17 күнүгэр 67-с төгүлүн ыытыллар «В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафета» фестивалын кыттыылаахтара — Мэҥэ нэһилиэгэ күлүмүрдүү устар Суола үрэх сүүрүктээх, үгүс үтүө дьоннордоох, үтүөҕэ талаһар ыччаттардаах Хорообут нэһилиэгэр ыалдьыттаата.

         Бу күн эстафета балаһыанньатынан Балыктаах, Хорообут бөһүөлэктэрин сүүмэрдэммит хамаандалара Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто оскуолатыгар уонна спорткомплекс уораҕайыгар  күөн көрсөн уопсайа 10 көрүҥнэргэ илин-кэлин түсүһэн күрэхтэстилэр. Түмүккэ 20-19 очкону ылан 1 очконан баһыйан олохтоохтор инники таҕыстылар. Биһиги нэһилиэкпит кэскиллээх ыччаттара мас-рестлинг көрүҥэр 6-1, хапсаҕайга 4-0, канат тардыһыытыгар 3-0 кыайаннар дьоннорун-сэргэлэрин үөртүлэр.

         Киэһэ 19:00 чаастан Хорообут култууратын дьиэтигэр лып курдук саалга мустубут көрөөччүлэргэ, дьүүллүүр сүбэҕэ «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн – дойду бөҕө тирэҕэ!»  диэн девизтээх 67-с төгүлүн ыытыллар Василий Константинович Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетатын бэстибээлин кыттыылааҕа, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут сүүһүнэн уот лаампалаах Балыктаах бөһүөлэгин уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрэ буолла.

Мэҥэ нэһилиэгин уус-уран самодетяельноһын кэнсиэрин түмүгэ маннык буолла:

Дипломант аатын сүктүлэр:

Хор толоруутугар Иван Брызгалов – Айанаас тыла, Владимир Кузьмин матыыба «Сахам сирэ» ырыа, салайааччы Иван Прибылых.

«Сайдыына» вокальнай ансаамбыл толоруутугар Марфа Куличкина тыла, Валерий Ноев матыыба «Күөрэгэй» ырыа, салайааччы Рима Фадеева.

Владимир Габышев ааҕыытыгар Василий Ойурскай суруйуутунан «Сүрэҕим ыалдьар» монолог.

«Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх толоруутугар «Чаабы-чыыбы чабырҕах», салайааччы Дария Андросова.

Антонина, Иван Прибылыхтар толорууларыгар Григорий Павлов тыла уонна матыыба «Баҕарыам этэ…» ырыа.

«Көй дорҕооно» фольклорнай бөлөх толоруутугар «Дьүрүһүй хомуһум» композиция, салайааччы Дария Андросова.

«Оһуор үҥкүүтэ», үҥкүүнү бэлэмнээтилэр Сардана Стручкова, Христофор Рожин, Лилия Долгунова.  

Лауреат үрдүк аатын ыллылар:

«Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыл толоруутугар Роман Плотников тыла, Дмитрий Санников матыыба «Күүлэй күнэ» ырыа, салайааччы Иван Прибылых.

«Мичээр» үҥкүү коллективын толоруутугар «Танец гор» грузинскай үҥкүү, үҥкүүнү бэлэмнээтилэр Игорь Стручков, Лилия Долгунова, Христофор Рожин.

Мария, Дьулус Кычкиннар дьиэ кэргэн толоруутугар «Хотугу дойдум суһума» үҥкүү.

Маны таһынан бииртэн биир ирдэнэр нүөмэрдэри ситиһиилээхтик көрдөрөн, көрөөччүлэр сылаас ытыс тыаһынан астына-дуоһуйа көрүстүлэр:

Хор толоруутугар Павел Габышев тыла, Галина Шахурдина матыыба «Балыктаах киэһэтэ» ырыа, салайааччы Иван Прибылых.

Айыына Олесова толоруутугар Ангелина Файрушина репертуарыттан «Баҕа санаам» ырыа.

Квартет толоруутугар Марфа Куличкина тыла, Аркадий Алексеев матыыба «Герой Попов туһунан» ырыа, салайааччы Иван Прибылых.

«Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин ансаамбылын толоруутугар «Ульчанки», салайааччы Сардана Стручкова.

«Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр-күлүү бөлөҕүн толоруутугар сыаҥка «Ватсап ситимэ», оруолларга – Антонина Прибылых, Иван Молуков, Тамара Дьяконова, Петр Оконешников, Татьяна Иванова.

Трио толоруутугар Анна Барашкова тыла уонна матыыба «Мин дойдум» ырыа.

Петр Дохунаев толоруутугар «Байанай» бөлөх репертуарыттан «Дойдум сарсыардата» ырыа.

«Үрүйэ» үҥкүү коллективын толоруутугар «Сир симэхтэрэ», салайааччы Лилия Долгунова.

М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын учууталларын, нэһилиэк ыччаттарын толоруутугар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин төрүттэммитэ 150 сылыгар аналлаах саха биллэр поэттарын хоһооннорунан «Учуутал үрдүк аатыгар» дьүһүйүү, салайааччылар Дьячковская А.Ф., Молукова С.С., Говорова А.Н. 

«Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх толоруутугар норуот ырыаларынан попурри «Дьөһөгөй», салайааччы Дария Андросова.

«Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн – дойду бөҕө тирэҕэ!»  диэн девизтээх уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрин иилээн-саҕалаан ыыттылар Татьяна Стручкова, Андрей Винокуров.

         Кэнсиэри дириҥ ис хоһоонноох презентационнай матырыйаал ситэрэн-хоторон биэрдэ. Презентацияны көрдөрдө Сарана Артемьева, видеоҕа устууга үлэлээтэ Егор Васильевич Сотников, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттэ Мария Колесова.

Быйылгы уус-уран кэнсиэргэ мэлдьитин буоларын курдук музыкальнай аппаратуранан, араас өҥнөөх уотунан-күөһүнэн күүс-көмө буолбут ыччаппытыгар Алексей Березкиҥка нэһилиэкпит олохтоохторун ааттарыттан истиҥ махтал тылларын аныыбыт. Быйыл да световой оформление, аппаратура, микрофон үлэлээһинэ таһыма үрдүк, чаҕылхай буолан кэнсиэрбитин сүрдээҕин киэргэттэ.

 Мэҥэ нэһилиэгин уус-уран кэнсиэрин дьүүллүүр сүбэ  3.98 баалынан сыаналаата.

67-с төгүлүн ыытыллар «В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафета» фестивалыгар нэһилиэкпит чиэһин көмүскээбит спортсменнарбытыгар, эстафета уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарыгар, күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар олохтоох култуура дьиэтин коллективын аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Бу курдук куруутун маннык биир санаанан, көхтөөхтүк кыттан нэһилиэкпит туһугар үлэлии-хамсыы сылдьыаҕыҥ.  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *