Муус устар 29 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр үлэ, эйэ, күөх маай бырааһынньыгын көрсө, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах сылын аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйбут биир дойдулаахтарбытын үйэтитэр сыаллаах «Мэҥэм дьоһун дьоно» ааҕыылар, ону сэргэ нэһилиэкпит коллекционердарын быыстапката туруоруллан истиҥ, иһирэх тэрээһин буолан ааста.
«Мэҥэм дьоһун дьоно» ааҕыыларга уопсайа 7 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук Захарова Мария Алексеевна «Киэн тутта, махтана саныыбыт»- аҕаларын Захаров Михаил Егорович туһунан, Габышев Эрсан, Балыктаах орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ «Норуот кутун туппут салайааччы.» — абаҕаларын Габышев Петр Егорович туһунан, Попов Матвей, Балыктаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ «Республика бастыҥ хортуоппуй үүннэрээччитэ — Цыпандин Владимир Алексеевич.»- эһэлэрин туһунан, Прибылых Ксения Васильевна, Дьяконова Евдокия Васильевна «Күн күбэй ийэбитинэн киэн туттабыт.» — ийэлэрин Шарина Анастасия Ивановна туһунан, Мохначевская Прасковья Ивановна «Мохначевский Иван Павлович» — эһэлэрин туһунан, Барабанова Анастасия Михайловна «Мин тапталлаах дьонум, ийэлээх аҕам» — төрөппүттэрин туһунан сүрдээх интириэһинэй дакылааттары ааҕан дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр.
Бу биэчэри нэһилиэкпит ураты дьарыктаах дьоно хатыламмат сыаналаах коллекцияларынан дьон-сэргэ көрдөрүүтүгэр таһааран тэрээһини ситэрэн-толорон, киэргэтэн биэрдилэр.
Бырааһынньыктааҕы биэчэри Вера Фадеева, «Сайдыына» ансаамбыл ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр.
Үгэскэ кубулуйбут «Мэҥэм дьоһун дьоно» ааҕыыларга кыттыбыт, нэһилиэкпит ураты дьарыктаах коллекционердарбытыгар барыларыгар көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу сурук туттарылынна.
Кэлэр кэнчээри ыччатарбытыгар холобур буолар «Мэҥэм дьоһун дьоно» ааҕыы өссө да үүнэ-сайда, тупса турдун, инникитин элбэх истээччилээх киэн далааһыннаах тэрээһин буола турдун.