Муус устар 27 күнүгэр Аллара Бэстээххэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үйэлээх үбүлүөйдээх тэрээһинигэр биһиги нэһилиэктэн 35 киһилээх делегация киирэн кыттыыны ылла.
Улуус бары омуктарын, нэһилиэктэрин, тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрин кыттыылаах бырааһынньыктааҕы парадка холуоннанан нэһилиэкпит аатын дуорааннаахтык ааттатан, көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллэн Кыайыы болуоссатыгар диэри сэлэлии хаамтыбыт.
Өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх тэрээһин бырагырааматынан, “Сахабыт сирэ үйэлэргэ уруйдан, кэлэр кэмнэргэ айхаллан!” диэн элбэх омук кыттыылаах кэнсиэрэ ньиргийдэ. Бу кэнсиэргэ «Ситим» эр дьон вокальнай ансамбыла эҕэрдэ ырыанан кыттыыны ылла.
Мин дойдум
Бу далай, бу халлаан сарыала,
Сүрэҕи угуттуур күөх салгын,
Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа.
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Барыта мин дойдум — Сахам Сирэ.
Бу өлгөм үүнүүлээх алаастар,
Бу саһыл сыһыылар, толооннор,
Бу көмүс үктэллээх хайалар.
Бу мичил күн түһэн саатаабыт
Киэнтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,
Бу «кэхтэр» диэн тылы сатаабат.
Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут,
Бу айар үлэбит тэтимэ,
Бу ыллыыр ырыабыт көҥүһэ!
100 сыллаах остуоруйабыт үтүө холобурдарыгар олоҕуран саҥа саҕахтары арыйыаҕыҥ, саҥа сүүс сыл кирбиитигэр эрэллээхтик үктэниэҕиҥ! Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар бары биир санаанан сомоҕо буолуоҕун! Уруй-Айхал!