Муус устар 19-23 күнүнээҕи нэһилиэкпит сонуннара

Нэһилиэк сүрүн сонуннарын «Мэҥэ нэһилиэгэ» Муниципальнай тэриллии баһылыга Куприянов Александр Валерьевичтыын кэпсэтииттэн интервьюта
Максим Горькай уонна Мэҥэ колхуоска,сопхуоска үлэлээбит дьоннор туһунан улуус үрдүнэн кинигэ тахсаары турар,онно тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үгүс көлөһүннэрин тохпут, үтүө суобастаахтык үлэлээбит ытык-мааны дьоммут туһунан ахтыы хомуйарга бары активнай кыттыыны ыларбыт сүрүн сорукпут уонна буолар. эбээһинэспит
Билиҥҥи кэм туругунан республика үрдүнэн баһаар барыыта наһаа элбээтэ. Сотору өҥүрүк куйаас туруо, бары баһаартан сэрэхтээх буолуохпутун наада уонна ону олохпут ирдиир.

Төрөөбүт нэһилиэкпит үбүлүөйдээх сылыгар  «Нэһилиэкпит историятын сэгэтэн» рубриканы сэргээн көрүҥ. Олох -дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтигэр араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт чулуу үлэһиттэр тустарынан истэргитигэр.
Балыктаах туһунан ырыаны сэргээн истиҥ. Скрябина Анисия Даниловна бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар.

«О5уруоччукка тэттик сүбэлэр»-рубриканы сэҥээрэн көрүҥ. Сайын аайы дьиэтин таһа араас сибэкки сытынан дыргыллар, оҕуруот аһын арааһын сөбүлээн үүннэрэр Захарова Анна Гаврильевна сүбэлэрин, кэпсээнин истэн элбэҕи иҥэриниэххит.
 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *