Ахсынньы ый 18 күнүгэр «Көлүөнэ көрсүһэр түгэнэ» — нэһилиэкпитигэр кулууп тэриллибитэ 65 үбүлүөйдээх сылыгар ананар ырыаны – үҥкүүнү тэһииннии, бар дьону кэрэҕэ угуйа, сэргэх да киэһэни тэрийэ үөрүүгэ үөрүүнү тиэрдиһэ, араас сыллар уус уран самодеятельноһын кыттыылаахтара мустан олус сэргэх кэнсиэр буолан ааста!
1. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытын, нэһилиэкпит олохтоохторун, убаастабыллаах биир дойдулаахтарбытын арыылаах алаадьынан айах тутан уөрэ – көтө «Арчы» түмсүү алаадьылаах үҥкүүтүнэн эҕэрдэ кэнсиэрбит саҕаланна.
Кэнсиэрбит хас биирдии нүөмэригэр уус уран самодеятельность көрүҥнэригэр араас сылларга активнайдык кыттан, нэһилиэкпит култуурнай олоҕор дьоһун кылааттарын киллэрбит ытык – мааны дьоммут кыттыыны ылыллар. Өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх күммүтүгэр кулууп түбүктээх үлэтигэр тустаах үлэттэн быыс булан кыттан күүс – көмө буолар дьоммутугар махталбыт бэлиэтин ис сүрэхтэн хас биирдии кыттааччыларбытыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннубут.
2. Станислав Иванов Мэҥэ – Хаҥалас улууһун культуратын уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна.
3. «Айхаллан, алгыстаах ырыабар» ылбаҕай ырыаларынан «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла, кэнсэрбитин киэргэттилэр.
4. «Баай фольклорбут» диэн композициянан кыттыыны ыллылар хомоҕой тыллаах, «Мүчүк» фольклорнай ансаамбыла.
5. Уруккубутун санатар ураты нүөмэри «Балыксыт» диэн пантомиманы, бэлэхтээтэ «Балыктаах киэһэтэ» гимн буолбут ырыабыт автора , сцена ветерана Павел Габышев.
6. «Алгыс» вокальнай ансаамбыл ветераннара «Төрөөбүт дойду» ырыанан кыттыыны ылан, көлүөнэ көрсүһэр түгэнин бэлэхтээтилэр.
7. «Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин коллектива «Хомусчут кыргыттар» үҥкүүнэн биир дьикти алыптаах түгэни, Татьяна Дьяконова бэйэтин музыкальнай эҕэрдэтинэн кыттыыны ылан көрөөччү махталын ылыахтарын ыллылар.
9. Аида Кычкина « Сайылыгым ахтылҕана » авторскай ырыатынан кэнсиэрбитин киэргэттэ.
10. “Балыктаах киэһэтэ” үҥкүүнэн «Доруобуйа» түмсүү коллектива истиҥ эҕэрдэтин бэлэхтээтэ.
11. Автор Харитонова Марфа Александровна – Чөмчүүнэ толоруутугар уус уран ааҕыы «Ахтабын» көрөөччү биһирэбилин ылла.
12. “Эҕэрдэ үҥкүүнү” бэлэх ууннулар «Аартык» оскуола үлэһиттэрин үҥкүү бөлөҕө.
13. Көрдөөх кыргыттар «Три Клавы» сценкаларынан көрөөччү болҕомтотун тардан, сааланы сэргэхситтилэр.
14. Балыыһа коллектива «Морячка» үҥкүүнү өрө көтөҕүллэн дохсун ытыс тыас ортотугар үҥкүүлээн аастылар, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтүлэр.
15. «Чараҥ» вокальнай ансаамбыл «Чараҥ устун» ырыанан эҕэрдэҕэ кыттыстылар.
16. «Эрэл» түмсүү Кытай норуотун үҥкүүнү көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар.
17. Кыталы куо репертуарыттан «Эҕэрдэ ырыатын» бэлэхтээтилэр «Сайдыына» вокальнай ансаамбыла.
18. «Вальс» нарын үҥкүүнэн музыкальнай эҕэрдэлэрин бэлэхтээтилэр «Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин коллектива.
19. Бэйэтин музыкальнай эҕэрдэтин «Майа Алдан» ырыатынан тиэртэ Вера Фадеева.
20. Дария Андросова «Татыйаас» норуот ырыатынан эриэккэс эҕэрдэҕэ кыттыста.
21. «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр – күлүү бөлөҕө «Муочустаан оонньуур дуу?» сыанканы итэҕэтиилээхтик оонньоон урукку кэмнэри санаттылар.
22. «Алаас кыргыттара» үҥкүүнэн «Үрүйэ» үҥкүү бөлөҕө эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
23. Норуот матыыбыгар «Түүл » диэн ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна Саргылана Степанова.
24. «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр — күлүү бөлөҕө «Кэллэ да, бүттэ!» сыанканан эҕэрдэ истиҥин тириэртилэр.
25. Биир дойдулаахпыт Евдокия Баишева уус уран ааҕыынан эҕэрдэлээтэ.
26. Аскалон Павлов репертуарыттан «Эйиэхэ» ылбаҕай ырыатынан истиҥник эҕэрдэлээтэ Андрей Стручков.
27. «Ай-тыас» фольклорнай бөлөх «Дьөһөгөй» комопозицияны өрө көтөҕүллэн толордо.
28. Байанай бөлөх репертуарыттан «Дойдум сарсыардата»ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ Петр Дохунаев.
29. «Сайылык ахтылҕана» ырыанан дуэт Антонина, Иван Прибылыхтар истиҥ эҕэрдэлэрин бэлэх ууннулар.
30. Бырааһынньыктааҕы кэнсиэри «Мичээр» үҥкүү коллектива «Эҕэрдэ үҥкүүнэн» түмүктээ.
Нүөмэрдэр бары да бииртэн биир чаҕылхай буоланнар, дьон – сэргэ дуоһуйа, уруккуну санаан үөрэ-көтө көрдүлэр. Бары кыттыбыт бар дьоммутугар уонна ыҥырыылаах ыалдьыттарбытыгар, күндү көрөөччүлэрбитигэр, истиҥ истээччилэрбитигэр баҕарабыт ыстаал курдук кытаанах доруобуйаны, дьолу – саргыны, алгыс курдук амарах санааланыҥ, эҕэрдэ курдук эйэҕэс сүрэхтэниҥ! Айар дьулуурдаах, алгыс аргыстаах маннык үтүө түгэннэр Балыктаахха биһиэхэ мэлдьитин буола турдуннар, бары этэҥҥэ буолуоҕуҥ!