«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн».

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр үгэскэ кубулуйбут сылын ахсын ыытыллар, көмүс күһүҥҥэ аналлаах «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһинэ буолан ааста. Кылгас самаан сайыммыт устата араас дьэрэкээн сибэккилэрбитин, отторбутун-мастарбытын, битэмииннэх оҕуруот астарбытын бүөбэйдээн үүннэрэн улаатыннарбыт, буспут-хаппыт көлөһүммүт түмүгэ күһүн көстөр. Бу күһүҥҥү күлүмнэс күҥҥэ оҕуруот аһын арааһын, кэнсиэрбэлэри, тыа, хонуу бэлэхтээбит сиэнэр, тума буолар үүнээйилэрин, сибэкки эгэлгэтин тэлгэтэн быыстапка-дьаарбаҥка тэрилиннэ.

Дьаарбаҥка-быыстапкаҕа оҕуруот өлгөм үүнүүтүттэн үтүө үгэскэ кубулуйбут  нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар  анаан «Полка добра» акция тэрилиннэ. Быйыл бу акцияҕа олохтоох оскуола 1-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, оскуола коллектива, ону сэргэ нэһилиэк олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһиҥҥэ ыытыллыбыт күрэхтэр түмүктэрэ маннык буолла:

«Тиэргэним кэрэ сибэккилэрэ» — хаартысканан галерея күрэҕэ:

1 миэстэ — Габышева Александра Николаевна.

2 миэстэ — Мордискина Антонина Николаевна.

3 миэстэ — Габышева Яна Ильинична.

«Мааны мастар» — тэлгэһэ саадыгар бэйэ үүннэрбит мастарын, талахтарын көрдөрөр хаартысканан күрэх:

1 миэстэ — Габышева Александра Николаевна.

«Көмүс күһүн бэлэҕэ» — оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут карвинг бүлүүдэ күрэҕэ:

1 миэстэ — Ноговицына Наталья Гаврильевна.

2 миэстэ — Габышева Александра Николаевна.

«Сайын амтана» — доруобуйаны чэбдигирдэр айылҕа бэлэҕиттэн утах күрэҕэ:

1 миэстэ — Семенова Мария Матвеевна.

2 миэстэ — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын коллектива (директор Иванов Е.Н.)

3 миэстэ — Габышева Александра Николаевна.

«Минньигэс хаһаас» — барыанньа арааһын күрэҕэ:

1 миэстэ — Габышева Александра Николаевна.

«Бэйэ оҕуруотуттан астыахха»  — тута миэстэтигэр 5 мүнүүтэ иһигэр бэлэм буолар оҕуруот аһын арааһыттан оригинальнай бүлүүдэ күрэҕэ:

1 миэстэ — Габышева Александра Николаевна.

2 миэстэ — Ноговицына Наталья Гаврильевна.

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» — саамай улахан оҕуруот аһа — 2023 күрэх:

«Саамай улахан хаппыыста — 2023» кыайыылаҕынан буолла Габышева Александра Николаевна (3кг600гр).

«Саамай улахан кабачок — 2023» кыайыылааҕынан таҕыста Кычкина Лариса Лаврентьевна (3кг750гр).

«Саамай улахан хортуоппуй -2023» кыайыылааҕынан ааттанна Габышева Александра Николаевна (300гр).

Бу күн 15.400 солк. сууммаҕа атыыны тэрийэн «Саамай элбэх сууммалаах атыыны тэрийбит кыттааччы-2023» анал аат ананна Анна Гаврильевна, Михаил Ларионович Захаровтар дьиэ кэргэҥҥэ.

Бүгүҥҥү тэрээһини музыкальнай эҕэрдэлэринэн ситэрэн-хоторон киэргэттилэр:

Вера Фадеева Раиса Захарова репертуарыттан «Күһүҥҥү серенада» ырыанан.

«Ыллыкчаан» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла «Дьиэрэҥкэй», «Кыталыктар» үҥкүүнэн (сал. Рожин Х.М.)

«Оҕо саас» ырыанан Дария Андросова.

Ый кыыһа репертуарыттан «Олох эргиирэ» ылбаҕай ырыатынан Рима Фадеева.

Трио толоруутугар «Көмүс күһүн».

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бары түмсэн самаан сайыммытын атааран, көмүс күһүн араас элбэх бэлэхтэрдээх, өлгөм сир астардаах, элбэх битэмииннээх оҕуруот астаах үөрэн-көтөн мичилийэн тиийэн кэлбитин үөрэ-көтө көрүстүбүт.

Бу курдук өрүү түмсүүлээх буолуоҕуҥ, мэлдьитин активнай позициялаах инники күөҥҥэ, нэһилиэкпит сайдарын туһугар бары бииргэ үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ, айа-тута сылдьыаҕыҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *