Алтынньы 19 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Саха сиригэр ийэ күнүн көрсө күн күбэй ийэлэргэ аналлаах «Күн тэҥэ – күн күбэй ийэбит!» итии чэйдээх, сандалы тула бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ бэлиэ түгэнэ буолан ааста.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһа «Мичээр» үҥкүү коллективын эҕэрдэ үҥкүүнэн саҕаланна.
Ийэ… Аан дойдуга туох барыта иилээх саҕалаах, ол тэҥэ ким барыта төрөппүт ийэлээх. Бу орто дойдуга, бу аан ийэ сиргэ саамай кэрэ тыл – Ийэ. Күн сирин күндү киһитэ, аан дойду аанньала – Ийэ. Ийэ суолтата туохха да тэҥнэммэт сүдү күүстээх, дириҥ ис хоһоонноох барҕа баай өйдөбүл. Ийэҕэ оҕо дьоло, ситиһиилээх буолара, олоххо бэйэтин миэстэтин булан, үлэлээн, дьиэ кэргэн тэринэн, ыал –күүс буолара, бу Ийэҕэ саамай үрдүк наҕараада уонна махтал дии саныыбыт. Бу дьоро күҥҥэ күн күбэй ийэлэрин, ийэлэр күннэринэн ыраахтан чугастан төрөппүт оҕолоро ис сүрэхтэн эҕэрдэлии кэллилэр.
«Сайдыс» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Геннадий Афанасьев уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар. Күн — күбэй ийэлэргэ Күннэйэ Николаевна кыыһынан Танялыын музыкальнай эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
«Лесной» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Мария Кычкина уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар. Күн — күбэй ийэлэргэ Елена Турантаева ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна.
«Сүрэх тыа» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Гаврил Дьяконов уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар. Күн — күбэй ийэлэргэ эҕэрдэ нүөмэрдэрин бэлэх ууннулар Петр Дохунаев, Иван Прибылых.
«Нагорнай» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ кырачаан Аяна Васильева уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар. Күн — күбэй ийэлэргэ «Ыллыкчаан» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылын кырачаан иитиллээччилэрэ «Орончикан» үҥкүүнэн эҕэрдэлэрин тириэртилэр. (салайааччы Мария Кычкина)
«Аартык» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Дьулус Говоров уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар. Күн — күбэй ийэлэргэ ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна Иван Прибылых.
Салгыы бырааһынньыктааҕы минньигэс астаах сандалы тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэлэрин алгыс тылларын, эҕэрдэлэрин, музыкальнай ырыаларын тириэртилэр:
Бу дьоро күҥҥэ кэлбит күн күбэй ийэлэрбит тэриллэн ыытыллыбыт араас оонньууларга көхтөөхтүк кыттан сэргэхсийдилэр:
Урукку кэминээҕи музыканан, ону сэргэ аныгы ырыаларга доҕуһуоллатан үҥкүүлээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, астына сынньаннылар:
Нэһилиэкпитигэр бу күн олус долгутуулаах күн буолла. Ол курдук тэрээһиҥҥэ төһө да кыттыыны кэлэн ылбаталлар, элбэх ыччаппыт аныгы сиэринэн, ыраахтан олорон дьиэлэригэр доставка оҥорон күн күбэй ийэлэригэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунан долгуттулар, уйадыттылар, үөртүлэр, дьоллоох түгэни бэлэхтээтилэр.
Бүгүҥҥү тэриллибит үөрүүлээх түгэнтэн ийэлэрбит барахсаттар үөрбүттэрин, долгуйбуттарын, дьолломмуттарын көрөр астыгыан, оҕолор эһиги ийэлэргитигэр истиҥ-иһирэх эҕэрдэни, соһуччу үөрүүлээх түгэни бэлэхтээбиккитигэр барҕа махтал буоллун!
Күндү ийэлэрбит! Баҕарабыт холумтаҥҥыт куруук сылаас буоллун, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар дьаҥ-дьаһах сыстыбатын, ыарыы ыалласпатын, туппуккут тупсан истин, күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын. Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр кэлэн кыттыыны ылбыт күн күбэй ийэлэрбитигэр сылаас махтал тылларбытын аныыбыт. Мэлдьи бу курдук инники күөҥҥэ сылдьын, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!