Республикабыт үрдүнэн сылын аайы тэриллэн ыытыллар «Кыһын Саха Сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн, ахсынньы ый 1 күнүгэр нэһилиэкпитигэр саҥа дьыллааҕы күөх харыйа уота күлүмүрдүү сандаарар үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста.
Саҥа дьылы көрсөөрү, елка маһын туруордубут, араас өҥнөөх оонньууру онно тиһэн ыйаатыбыт. Бары бииргэ мустаммыт, кэрэчээн харыйабытын киэргэтэн биэрдибит.
Харыйабыт уота чаҕылыйа сандаарыан иннинэ, эрдэттэн бэйэ илиитинэн оҥоһуллубут оонньуурдары ис сүрэхтэн оҥорон, аҕалан ыйыырга акция биллэриллибитэ. Көрөрбүт курдук, кыралыын-улаханныын акцияҕа кыттыһан, «Звездочка» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ, төрөппүттэрэ уонна начальнай, орто, үрдүкү кылаас оҕолоро, төрөппүттэрэ, нэһилиэк олохтоохторо, ол курдук Габышева А.Н. уо да атыттар сүрдээҕин кыһаллан оҥорон аҕалбыт үгүс элбэх оонньуурдарынан, киэргэллэринэн лаглайбыт харыйабытын симээбиттэрэ көрөргө кэрэтиэн. Акцияҕа кыттыбыт бары көхтөөх оҕолорбутугар, дьоммутугар сылаас махтал тылларын аныыбыт. Эһиил эмиэ көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит!
Бу аптаах түгэҥҥэ Тымныы кыһын оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын харыйабыт уотун күлүмүрдэтэ оонньото, сандаарда тиийэн кэлбиттэрин мустубут оҕолор, нэһилиэк олохтоохторо үөрэ-көтө, уруйдуу-айхаллыы, ытыс тыаһынан көрүстүлэр !
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн, бүгүн Саха Сирин бары муннуктарыгар тэрээһиннэр буола туралларынан, Саҥа дьыл тыына барыбытыгар эрдэттэн билиннин, сүргэбитин көтөхтүн, сырдык санааны сахтын диэн туран истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ Тымныы кыһын оҕонньор.
Эҕэрдэ эһиэхэ, кырачаан дьоҥҥо! Элэккэй эйэҕэс, эдэркээн оҕолоор! Эҕэрдэ эһиэхэ, үөрүүлээх күнүнэн диэн туран бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ сиэн кыыс Хаарчаана.
Кэрэчээн кэрэ елкабыт сандаарар түгэнинэн, үөрүүлээх күҥҥэ сиэн кыыс Хаарчаана, тэрээһиҥҥэ кэлбит оҕолордуун, үөрэ -көтө үҥкүүлээн, нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннулар.
Үөрүүлээх тэрээһин бэлиэтин, Тымныы кыһын оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын уонна бүгүҥҥү доҕотторун кытта, бары бииргэ көхтөөхтүк күргүөмүнэн күөх харыйа уотун уматтылар. Харыйа уота чаҕылыйа араас уотунан оонньоон, кыралыын – улаханныын барыбыт сүргэтин көтөхтө.
Харыйабыт уота чаҕылыйа умайбыта кэрэтиээн! Саҥа Сыл салаллан Саргыны аҕаллын! Үчүгэй Сыл үүнэн үтүөнү үксэттин! Кэлэр Сыл киэркэйэ кэрэнэн сыдьаайдын диэн бэйэтин алгыһын тириэрдэн туран,Тымныы кыһын оҕонньор анаан- минээн аҕалбыт кэһиитин түҥэттэ.
Кэрэчээн харыйабыт уота сандаарыччы умайан, Саргылаах Саҥа дьыл салаллан иһэрин биллэрэн, барыбытыгар Саҥа дьыл тыына билиннэ, сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Бука барыгытыгар барҕа махтал буоллун! Эһиэхэ өссө анаан минээн, ахсынньы 31 күнүгэр, саҥа 2025 сыл буолар түүнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр сиэн кыыспынаан Хаарчааналыын эҕэрдэлии кэлиэхпит. Нэһилиэкпит олохтоохторо, аныгыс кэлэрбитигэр, саҥа 2025 сылы көрсө ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттан, үөрэн-көтөн өрө көтөҕүллүүлээхтик кулуупка кэлэн, көрсөргө бэлэм буолаарыҥ диэн истиҥ санааларын тириэртилэр Тымныы кыһын оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын.
Күндү доҕоттоор! Тымныы кыһын оҕонньорбут сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын Дьокуускай куоракка салгыы айаннаатылар, онтон биһиги ахсынньы 31 күнүгэр олохтоох култуурабыт дьиэтигэр көрсүөхпүт, көрү-нары көҕүлүттэн тутуохпут диэн эрэннэрэ атаара хааллыбыт.
«Күлүмүрдээ, лаглайбыт күөх харыйа!» саҥа дьыллааҕы күөх харыйабыт уота күлүмнүүр, сандаарар үөрүүлээх түгэнигэр кэлэн кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар, бары оҕолорго ис сүрэхтэн махтал сылаас тылларын аныыбыт. Баҕарабыт бука барыгытыгар доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар, чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну!