«Кэхтибэт кэс тыл уйата- Улуу Олоҥхо»

 Сэтинньи 15 күнүгэр М.П. Габышев аатынан оскуола үөрэнээччилэрин кытта «Олоҥхоһут — оскуолаҕа» бырайыагынан  уонна олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэнньэни кытта, улууспутугар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн ыытыллар «Уруйдан Улуу Олоҥхо, Манчаары Дойдутугар!» девизтээх «Кэс тыл уйата — Улуу Олоҥхо» -«Саха» НКИХ 3 төгүлүн тэрийбит «Олоҥхо баттл» телевизионнай бырайыагын муҥутуур кыайыылааҕа, СР култууратын туйгуна, тойуксут, Саха сирин үтүөлээх оһуохайдьыта Аксиния Степановалыын уонна алгысчыт, сиэри- туому тарҕатааччы, тойуксут, олоҥхону толорооччу, Саха сирин үтүөлээх оһуохайдьыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан оһуохайдьыта Денис Оконешниковтыын бэртээхэй көрсүһүү буолан ааста.

        Улуу Олоҥхобут – норуот тылынан уус-уран айымньы. Саха омук өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит олоҥхото сүүрбэһис үйэ кэннэки сылларыгар умнуллан, дьон сэҥээрбэт буола сылдьыбыттарын кэннэ, уран тыл айымньытын туһугар туруулаһар дьон баар буолан, хаттаан тыын ылар, өссө сайдар кыахтанна.

     Олоҥхоһут киһи айылҕаттан талааннаах тойуксут, алгысчыт, остуоруйаһыт, чабырҕахсыт уонна ону таһынан олоҥхоһут хас биирдии геройун саҥатын, тойугун тус-туһунан оруолга киирэн толороро буоларын  итэҕэттилэр биһиги ыалдьыттарбыт: Балыктаахпыт сиригэр-уотугар тойугунан доҕуһуоллаан, хоһоонунан хоһуйар, хомуһунан доҕуһуоллаан, Олоҥхо үтүө түһүлгэтин тэниттэ, дьоллоох дьоро чааска бэйэтин талаанын көрдөрдө бэйэбит биир дойдулаахпыт, нэһилиэкпит талааннаах ыччата, Саха Республикатын култууратын туйгуна, Республикатааҕы «Олоҥхо баттл» күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, “Кылаан Чыпчаал” аат хаһаайына Аксиния Степанова.

Дьоро күн долгутуулаах түгэнинэн Аксиния Степанова уһуйааччытыгар, үтүө сүбэһитигэр Афанасий Никифоровичка «Саха Республикатын уус уран самодеятельноһын ветерана» түөскэ аннньыллар анал бэлиэни, үөрүүлээх быһыыга — майгыга, истиҥ махталын тириэрдэн туран, туттарбыта буолла.

Салгыы  өрөөбүт уоһун өһүлэн, хоммут уоһун хоҥнорон, көмүс хобо күөмэйин оҥостон, сиэр — туом тула кэрэ  кэпсээнин үөрэ- көтө  көрөөччүлэргэ тириэртэ алгысчыт, сиэри- туому тарҕатааччы, тойуксут, олоҥхону толорооччу, оһуохайдьыт Денис Оконешников.

Аксиния Николаевнаҕа үһүс төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун, дэгиттэр талаанын арыйан кыайыылааҕынан тахсыбытынан эҕэрдэ тылларын тириэртилэр:

Бэйэтин эҕэрдэтин, алгыһын тириэртэ Саха республикатын култууратын туйгуна, «Мэҥэ нэһилиэгэ» уонна «Мөҥүрүөн нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиилэрин бочуоттаах гражданина Протодьяконов Афанасий Никифорович.

  Ыпсыылааҕы анааран, төлкөлөөҕү түстээн «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин дьаһалтатын аатыттан уонна амарах алгыһынан арыалланан, айыы күн санааҕа кыттыһан олохтоох култуура дьиэтин директора Кычкина Любовь Васильевна.

 Төлкөлөөх түһүлгэҕэ «Лесной» түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан түөлбэ салайааччыта Кычкина Мария Спиридоновна.

 Үтүө үгэһи утумнаан, саргылаах санаанан салайтаран аймах-билэ дьоннорун аатыттан Стручкова Сардана Степановна.

 Үтүө санаа умсулҕанын, бастыҥ санаа баараҕайын аныыбыт диэн оскуолатааҕы, бииргэ үөрэммит доҕотторун ааттарыттан учуутала Андросова Жанна Иннокентьевна.

Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр Сергей Зверев суруйуутугар «Батастаан Баатыр» олоҥхонон 4 кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччы Күннэйэ Цыпандина.

Ону сэргэ мэлдьи сүбэ-ама, өйөбүл буолар үтүө санаалаах ыччаппытыгар Денис Оконешниковка өйдөбүнньүк бэлэх туттарылынна.

Салгыы оһуохай түһүлгэтин арыйан, аргыый-наллаан үктэнэн, илии –илииттэн ылсыһан, төгүрүччү  тураммыт,   үөрэ- көтө      саҕалаан  бука бары саха омук таптыыр үнкүүтүгэр оһуохайга  көхтөөхтүк кытынныбыт.

Оһуохайы таһаардылар: Саха Республикатын култууратын туйгуна, Саха сирин үтүөлээх оһуохайдьыта Аксиния Степанова уонна Саха сирин үтүөлээх оһуохайдьыта, Саха Республикатын, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дархан оһуохайдьыта Денис Оконешников.

“Кэхтибэт кэс тыл уйата – Улуу Олоҥхо” тэрээһини бэрт сэргэхтик, иилээн- саҕалаан ыытта Петр Дохунаев.

    Махтал буоллун бүгүҥҥү тэрээһиммитин киэргэппит, дьону-сэргэни сэргэхсиппит саргылаах ыччаттарбытыгар Аксиния Степановаҕа, Денис Оконешниковка. Баҕарабыт эһиэхэ кэскиллээх үлэҕит кэҥээтин, үөрүүгүт өрөгөйө үрдээтин, үйэлээх олоххут уруйданнын!

Тэрээһиммитин сэҥээрэн, кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар- сэргэбитигэр махтал сылаас тылларын аныыбыт, бука барыгытыгар чэгиэн чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Мэлдьитин бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылаан иһиэҕиҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *