«Кэрэ алыба»

Сэтинньи 17 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр Роман Гаврильевич Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэҥҥэ биир дойдулаахпыт, Саха Республикатын социальнай харалта туйгуна, Саха Республикатын социальнай харалта ветерана, өр сылларга социальнай эйгэҕэ үлэтин иһин Үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайына, сыана ветерана, улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетатын уус-уран быыстапкатын кыттыылааҕа  Ирина Даниловна Афанасьева уруһуйдаабыт хартыыналарынан «Кэрэ алыба» диэн ааттаах айар быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

         Ирина Даниловна уопсайа 123 араас уруһуй көрүҥэр үлэлэрдээх, араас таһымнаах быыстапкаларга, улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетатыгар элбэхтэ ситиһиилээхтик кыттыбытын туоһулуур – кини дипломнара, наҕараадалара. Ирина Даниловна ойуулаан мандардаан, айан-тутан таһаарбыт үлэлэрин дьон сөҕүүтүн-махтайыытын ылыахтарын ылла.

         Быыстапка аһыллыытын кэрэ-бэлиэ түгэнигэр бэйэлэрин санааларын үллэстэ, эҕэрдэ тылларын анаатылар:

1. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун социальнай харалта управлениетын начальнига Иван Иванович Шестаков;

2. «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллии салалтатын аатыттан Балыктаахтааҕы култуура дьиэтин директора Любовь Васильевна Кычкина;

3. Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр  түмэн специалиһа Николай Николаевич Соловьев;

4. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Анисия Даниловна Скрябина;

5. Ирина Даниловна кыыһа Татьяна Егоровна Игнатьева;

6. Егор Васильевич бииргэ үөрэммит доҕотторун ааттарыттан Марфа Ильинична Тихонова;

7. Егор Васильевич бииргэ төрөөбүт быраата Василий Васильевич Афанасьев дьиэ кэргэнинээн.

Бу бэлиэ түгэни Евдокия Баишева, Иван Прибылых, кыыһа Татьяна Игнатьева кэргэнинээн Айсаан Гоголевтыын ылбаҕай ырыаларынан, сиэнэ Айсен Игнатьев хомуска сахалыы матыыптарынан, Анисия Даниловна Скрябина авторскай хоһоонунан, Лилия Долгунова эҕэрдэ үҥкүүтүнэн ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

         Дьоро күн Ирина Даниловна дьиэ кэргэнэ бэлэмнээбит сандалы тула истиҥ-иһирэх кэпсэтиинэн түмүктэннэ.    

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *