Алтынньы 27 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр алта уордьаннаах Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун комсомолун өрөгөйдөөх күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин мунньах форматынан ыытылынна.
Мунньаҕы салайан ыытта 80 сыллааҕы комсомолец Любовь Кычкина.
Үөрүүлээх мунньах Федор Лобанов тылларыгар «Комсомол мин дьолум» ырыаны бука бары күргүөмүнэн толоруунан саҕаланна.
Мунньах 1 боппуруоһа: видеосюжеттарынан истиҥ эҕэрдэлэри көрүү тэрилиннэ.
Үгүс элбэх дьон, ордук аҕа уонна орто саастаах көлүөнэ дьылҕата комсомолу кытта ыкса сибээстээх. Комсомолга киирэн ыччат дойду олоҕун бары эйгэтигэр актыыбынайдык кыттара уонна бэйэтин дьылҕатын, дойду, норуот бүттүүнүн дьылҕатын иһин эппиэтинэстээҕин билинэрэ. Комсомол ветераннара норуоту кытта бииргэ аан дойду бүтүннүүтэ билиммит улуу державаларын тутуспуттарынан киэн туттар бырааптаахтар.
Бэйэтин эҕэрдэ тылын тириэртэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччыта Иван Егорович Мохначевскай.
Хас биирдии бүгүҥҥү кыттааччы, комсомол хамсааһыныттан, уопсастыбыннай үлэттэн туора турбакка үлэлээбит оччотооҕу хомсомуол сылларын сылаас тылларынан ахталлар.
Мунньах 2 боппуруоһа олус сэргэхтик ааста.Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥҥэ сөп түбэһиннэрэн «Комсомол чымыдаана» диэн комсомол араас кэмин кэрэһэлиир — кэпсиир, ол саҕанааҕы үлэни көрдөрөр матырыйааллары, атрибуттары, хаартыскалары, бэйэ оҥорбут оҥоһуктарын биир ситимҥэ киллэрэн тэриллибит быыстапка дьон сэҥээриитин ылыан ылла.
Быыстапкаҕа кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар махталбытын биллэрэн туоһу суруктары туттардыбыт. Баҕарабыт эһиэхэ доруобуйаны ,дьолу – соргуну, эдэр сааспыт чаҕылхай кэмин туоһута — комсомоллаабыт кэмнэргит сырдык сулус буолан, мэлдьи сырдыгынан сыдьаайа сырыттыннар.
Мунньах 3 боппуруоһа — комсомол күнүгэр аналлаах викторина тэрийэн ыытыы буолла. Мунньах бары кыттыылаахтара көхтөөхтүк кытыннылар.
Саамай элбэх сөптөөх эппиэти биэрэн 1 миэстэни ылары ситиһэн, Алаҕар нэһилиэгин «Ворошилов» аатынан колхоз Чурапчыттан Кэбээйигэ көһүү кыттыылаахтарын оччотооҕу оҕо сүрэҕэр хаалбыт ахтыыларынан “Сүрэххэ сөҥмүт өйдөбүл” (автор Скрябина А.Д. — ССРС култууратын туйгуна, Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ) кинигэтинэн наҕараадаланна Захарова Людмила Кирилловна.
2 миэстэ, кинигэ ананна Семенова Мария Матвеевнаҕа
3 миэстэ , кинигэ ананна Скрябина Анисия Даниловнаҕа
Мунньах 4 боппуруоһа бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук комсомолецтар ханнык да түгэҥҥэ ырыа-тойук аргыстаах сылдьалларын туоһулаан эҕэрдэ нүөмэрдэринэн мунньаҕы ситэрэн, киэргэтэн биэрдилэр:
Автор Анисия Скрябина толоруутугар уус-уран ааҕыы «Комсомол эрчимэ»
Ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ Ирина Афанасьева.
Туйаара Стручкова- Огдооччуйа репертуарыттан сыаҥка «Дьиэҕэ үлэ», оруолларга: эбээ- Тамара Дьяконова, сиэн уол- Егор Афанасьев.
бэйэтин музыкальнай эҕэрдэтин ырыанан тиэрэртэ Иван Прибылых.
Мунньах 5 боппуруоһунан — бары эдэр сылдьан сөбүлээн оонньоон ааспыт маассабай оонньууларбытын астына оонньоон , үҥкүүлээн аастыбыт.
Бу курдук комсомол күнүгэр аналлаах үөрүүлээх мунньахпытын бука бары көмөлөөн , ааспыт кэми ахтан – санаан , дуоһуйа Иван Гоголев тылыгар, Аркадий Алексеев мелодиятыгар “Аан дойду ыччатын сүрэҕэ” ырыаны күргүөмүнэн ыллаан түмүктээтибит.
Ытыктабыллаах комсомолецтарбыт! Эһиги айымньылаах үлэҕэ күүскүтүн холбооҥҥут, Сахабыт сирин сайдар суолугар кылааккытын киллэрсэҥҥит, ыарахантан чаҕыйбакка, үлэттэн куоппакка, олох хардыытынан дойдубут сайдарыгар күүскүтүн уурбуккут, санааҕытын холбообуккут сыаналанан үлэһит үтүөлэрэ буолан дьон махталын ылыаххытын ылаҕыт. Доруобай, дьоллоох буолуҥ эдэрдии эрчимнээх ытыктыыр дьоммут -комсомолецтарбыт!
Тэрээһиммитигэр кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар өссө төгүл махтал сылаас тылларын аныыбыт. Мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыҥ, чэгиэн чэбдик буолуҥ , этэҥҥэ сылдьыҥ!