Алтынньы 1 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах «Истиҥ көрсүһүү» итии чэйдээх сандалы тула сынньалаҥ тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар «Мэҥэ нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта Мохначевскай Иван Егорович эҕэрдэ тылын, үбүлүөйдээх саастарын туолбут ытык-мааны ветераннарга эҕэрдэ сурук, өйдөбүнньүк бэлиэ туттартаата:
Алтынньы ый 1 күнүгэр 80 сааһын томточчу туолла убаастабыллаах, ытык-мааны киһибит, үлэ ветерана, 2 уол оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, Винокурова Анна Христофоровна күн бүгүн, Дьокуускайга бэлиэтии олорор түгэнигэр, эҕэрдэ сурукпутун, анал бэлиэбитин оҕолорунан ыыттыбыт.
Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 75 үбүлүөйдээх саастарын туолбут ытык-мааны ветераннарбытыгар:
Гоголева Мария Иннокентьевнаҕа – үлэ ветерана, фольклорист- хомусчут, нэһилиэк уус- уран самодеятельноһын актыыбынай кыттыылааҕа, хас да төгүллээх лауреата, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун культура уонна спорт эстафетатын быыстапкатын хас да төгүллээх лауреата.
Олесова Мария Дмитриевнаҕа – үлэ ветерана, элбэх оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Стручков Василий Дмитриевичка – үлэ ветерана, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбит опыттаах тракторист, элбэх оҕо тапталлаах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.
Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 70 саастарыгар үктэммит ытык-мааны дьоһун дьоммутугар:
Мохначевская Валентина Андреевнаҕа – үлэ ветерана, элбэх оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ,элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Скрябин Василий Васильевичка – үлэ бэтэрээнэ, Чекист Петров аатынан бириэмийэ лауреата, «Максим Горькай», “Мэҥэ” совхозтарга эҥкилэ суох үлэлээбит ветеран суоппар, участковай балыыһаҕа өр сылларга «Суһал көмө» солбуллубат суоппара, Саха Республикатын автомобильнай транспорын бочуоттаах үлэһитэ.
Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 65 саастарыгар үктэммит убаастабыллаах, ытык-мааны дьоммутугар:
Говоров Александр Гаврильевичка – үлэ ветерана, уһун сылларга «Максим Горькай», “Мэҥэ” совхозтарга, эҥкилэ суох үлэлээбит ветеран суоппар, элбэх оҕо тапталлаах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.
Цыпандин Афанасий Алексеевичка – үлэ ветерана, «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбит ытык-мааны ветераммыт.
Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 60 саастарыгар үктэммит юбилярдарбытыгар:
Андросов Иннокентий Николаевичка – үлэ бэтэрээнэ, «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит ветеран суоппар, элбэх оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.
Говоров Геннадий Гаврильевичка – үлэ ветерана, Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын Ил Түмэн «Тыа хаҺаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иҺин» бэлиэ хаһаайына, элбэх оҕо тапталлаах аҕата, эйэҕэс эһээтэ.
Заровняева Валентина Дмитриевнаҕа – үлэ ветерана, элбэх уол оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Никитина Мария Иннокентьевнаҕа – педагогическай үлэ ветерана, Саха Республикатын «Кыра саастаах оҕолору иитиигэ кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, тапталлаах күн күбэй ийэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Бу күн ытык-мааны ветераннарбытын эҕэрдэлээн, бэйэлэрин сылаас илиилэринэн оҥорбут сэмэй бэлэхтэрин дохсун ытыс тыас ортотугар туттардылар нэһилиэкпит орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ.
Ону сэргэ Балыктаах бөһүөлэгин түөлбэлэрин салайааччылара эҕэрдэ тылларын, сэмэй бэлэхтэрин үөрэ-көтө туттардылар:
«Лесной» түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит дьоһун-мааны дьоннорбутугар эҕэрдэ суруктар, анал сертификаттар туттарылыннылар:
Татьяна Васильевна Дьяконова, Роман Иннокентьевич Гоголев дьиэ кэргэнигэр.
Анисия Даниловна, Иннокентий Дмитриевич Скрябиннар дьиэ кэргэҥҥэ.
«Аартык» түөлбэ салайааччыта Сардаана Степановна Стручкова эҕэрдэ суругун, сэмэй бэлэҕин анаата үбүлүөйдээх сааһын туолбут Говоров Геннадий Гаврильевичка.
«Сүрэх тыа» түөлбэ аатыттан Наталья Гаврильевна Ноговицына эбээ эппиэтинэстээх үрдүк аатын сүкпүт эдэр эбээлэргэ Лилия Васильевнаҕа, Прасковья Ивановнаҕа эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттартаата.
«Сайдыс» түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан түөлбэ салайааччыта Макарова Мария Ивановна үбүлүөйдээх саастарын туолбут Говоров Александр Гаврильевичка, Никитина Мария Иннокентьевнаҕа, Заровняева Валентина Дмитриевнаҕа эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри анаата.
Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк общественнай үлэтигэр активнайдык кыттан кэлбит ытык-мааны ветераннарбытыгар олохтоох култуура дьиэтин коллективын аатыттан сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар:
«Төрүт үгэһи илдьэ сылдьар уһуйааччы» анал аат иҥэрилиннэ Протодьяконов Афанасий Никифоровичка.
Дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан, сыллата ыытыллан кэлбит «Булчут кутаата — үйэлээх бырайыак» анал аат иҥэрилиннэ Мохначевскай Егор Семеновичка.
«Бастыҥ наставник» анал аат иҥэрилиннэ Скрябина Анисия Даниловнаҕа.
«Тыа ыалын тиэргэнэ — саҥа бастыҥ бырайыак» анал аат иҥэрилиннэ Александра Николаевна, Павел Васильевич Габышевтар дьиэ кэргэҥҥэ.
«Тэрээһин аайы бастыҥ музыкальнай эҕэрдэ» анал аат иҥэрилиннэ Фадеева Вера Михайловнаҕа.
«Төрүт үгэскэ олоҕуран элбэх тэрээһини тэрийсибит» анал аат иҥэрилиннэ Рожина Надежда Федоровнаҕа.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһын музыкальнай нүөмэрдэринэн киэргэттилэр:
«Үрүйэ» үҥкүү коллективын толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүү», (сал. Лилия Долгунова).
Павел Семенов репертуарыттан «Көмүс күһүн» ырыаны бэлэх ууннулар «Сайдыына» вокальнай ансаамбыл, (сал. Рима Фадеева).
«Кэрэ куо» ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ Вера Фадеева.
«Үрүйэ» үҥкүү коллективын толоруутугар «Алаас кыргыттара».
Дария Андросова, Рима Фадеева толорууларыгар «Дьол ырыата».
Ника репертуарыттан «Күөрэгэй көрө» ырыаны бэлэхтээтэ Рима Фадеева.
Бырааһынньыктааҕы минньигэс астаах сандалы тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэлэрин алгыс тылларын, эҕэрдэлэрин, музыкальнай ырыаларын тириэртилэр:
Бу дьоро күҥҥэ кэлбит ыалдьыттар тэриллэн ыытыллыбыт араас оонньууларга көхтөөхтүк кыттан сэргэхсийдилэр:
Урукку кэминээҕи музыканан, ону сэргэ аныгы ырыаларга доҕуһуоллатан үҥкүүлээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, астына сынньаннылар:
Бу курдук «Истиҥ көрсүһүү» тэрээһиммит сэргэхтик ааста. Ытык-мааны ветераннарбыт, күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ, эдэрдии эрчиминэн, сэргэхтик туттан-хаптан, чугас дьоҥҥут, оҕолоргут, сиэттэргит сылаас тапталларынан кынаттаныҥ, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьыҥ!