Алтынньы 14 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө «Ийэ баар — аан дойду аанньала» эҕэрдэ бэлиэ түгэнин дьоро киэһэтэ буолан ааста.
Ийэ киһиэхэ саамай дьоло, күндүтэ — төрөппүт оҕото этэҥҥэ сылдьара, хас биирдии ийэни уйадыта долгутар оҕо истиҥ сыһыана, сылаас тапталларын, махтал истиҥ тылларын аныыра. Бу дьоро киэһэ нэһилиэкпит күн күбэй ийэлэрин ис сүрэхтэн эҕэрдэлии ыраахтан чугастан төрөппүт оҕолоро кэллилэр.
«Аартык» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Ньургун Габышев уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар.
Кырачаан Оливия Постникова эбээ туһунан эҕэрдэ хоһоон бэлэх уунна.
«Лесной» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Игорь Дьяконов уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар.
«Сайдыс» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Гаврил Дьяконов уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар.
«Сүрэх тыа» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Павел Винокуров уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар.
«Нагорнай» түөлбэ күн — күбэй ийэлэрин бары төрөппүт оҕолорун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ Вадим Шепелев уонна оҕолор тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн күндү ийэлэригэр бэлэх ууннулар.
Бу дьоро тэрээһини эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэтэн-ситэрэн биэрдилэр:
«Мичээр» үҥкүү коллективын толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүүтэ» (салайааччы Лилия Долгунова.)
Балыктаах орто оскуолатын алын сүһүөх кыргыттарын толорууларыгар Петр Одорусов тылыгар, Николай Бойлохов мелодиятыгар «Биһиги маамабыт».
«Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх толоруутугар норуот ырыаларынан попурри (салайааччы Дария Андросова).
Улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетатын хас да төгүллээх лауреата, дипломана Вера Фадеева толоруутугар Далаана репертуарыттан «Кэрэ куо».
Кыргыттар ийэлэрин кытта толорууларыгар үҥкүү «Ийэбэр».
Рима Фадеева, Дария Андросова толорууларыгар дуэт Далаана репертуарыттан «Дьол ырыата».
Трио толоруутугар Далаана репертуарыттан «Чэмэлиинэ».
Татьяна Цыденжапова толоруутугар хомуска сахалыы матыыптар.
«Эркин» уолаттар ансаамбылларын толоруутугар Петр Сергучев тылыгар уонна мелодиятыгар «Ыллыыбын эһиэхэ анаан».
«Үрүйэ» үҥкүү коллективын толоруутугар «Алаас кыргыттара».
Туяра Стручкова – Огдооччуйа репертуарыттан сценка «Дьиэҕэ үлэ», оруолларга – Татьяна Иванова, Яна Васильева.
Гаврил Дьяконов толоруутугар «Ийэбэр».
Рима Фадеева толоруутугар Ника репертуарыттан «Күөрэгэй көрө».
«Сайдыына» ырыа бөлөҕүн толоруутугар Милена Борисова репертуарыттан «Ийэбэр» (салайааччы Рима Фадеева).
Нэһилиэкпитигэр бу күн олус долгутуулаах күн буолла. Ол курдук тэрээһиҥҥэ төһө да кыттыыны кэлэн ылбаталлар, элбэх ыччаппыт аныгы сиэринэн, ыраахтан олорон дьиэлэригэр доставка оҥорон күн күбэй ийэлэригэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунан долгуттулар, уйадыттылар, үөртүлэр, дьоллоох түгэни бэлэхтээтилэр.
Күндү доҕоттоор! Ийэлэрбит барахсаттар үөрбүттэрин, долгуйбуттарын, дьолломмуттарын көрөр астыгыан, оҕолор эһиги ийэлэргитигэр истиҥ-иһирэх эҕэрдэни, соһуччу үөрүүлээх түгэни бэлэхтээбиккитигэр барҕа махтал буоллун!
Күндү ийэлэрбит! Баҕарабыт холумтаҥҥыт куруук сылаас буоллун, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар дьаҥ-дьаһах сыстыбатын, ыарыы ыалласпатын. Туппуккут тупсан истин, күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын, аламай күҥҥүт сыдьаайа тыктын, алаһа дьиэҕитигэр дьол, таптал уйаланнын, ыччат дьоҥҥут ымыылаах буоллуннар, бэйэ бэйэҕэ өйөбүллээх буолуҥ, таптыыр, таптатар дьолун билиҥ, оҕолоргут, сиэннэргит ситиһиилэринэн кынаттанан, олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин, кэскили эрэ түстээтин, үөрүү үктэллээх, дьоллоох олох аргыс буоллун, дьол-соргу тосхойдун!