«Идэһэ киэһэтэ -2023»

 Сэтинньи 24 күнүгэр култуура дьиэтигэр сылын аайы үгэскэ кубулуйбут түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар   «Идэһэ киэһэтэ -2023» диэн   быыстапка-дьаарбаҥка  тэрээһин ыытылынна.

Быыстапка- дьаарбанканы  Эҕэрдэ тыл тириэрдэн арыйда  “Мэҥэ нэһилиэгэ” тыа сирин тэриллиитин дьаһалтатын  баһылыгын солбуйааччы Иван Егорович Мохначевскай.

 Саамай  сыралаах, ыарахан үлэнэн ынах-сүөһү иитиитэ, көрүүтэ-харайыыта буолара саарбаҕа суох.  Ынах сүөһү — өбүгэбит төрүт дьарыга. Сүөһү биэрэр аһынан-үөлүнэн аһаан-сиэн олоробут. Сүөһүтэ суох олохпут айгырыыр кыахтаах, онон төһө кыалларынан сүөһүнү хото иитэ-харайа сатыахтаахпыт, онон дьиэ сүөһүтэ бары өттүнэн туһалаах.

 Сахабыт сирэ тымныытынан биллэр, ол онтон биһигини быыһыыр аспыт эт, үүт, сүөгэй, арыы, собо балык буолар, бу астар баар буоланнар биһиги маннык сэттэ ыйдаах, тохсунньу тоһуттар тыйыс тымныыларын этэҥҥэ туораан олордохпут. Быйыл сайыммыт барахсан куйаас күннэри буоларын курдук бэлэхтээн, от үүнэн,  кыстыыр отторун  булунан, көмүс күһүммүт сир аһын арааһыттан, эбэлэрбит, күөллэрбит күөх боллох көмүс хатырыктаах собонон күндүлээн, быйылгы кыстыкка бигэ эрэллээхтик үктэннибит.

Тэрээһин быыстапка – дьаарбанка ыытыллар кэмэ —  сэтинньи ыйга муҥха кэмэ буоларын быһыытынан, кыһыҥҥы хаһаас ас биир көрүҥэ — күөх боллох көмүс хатырыктаах собо барахсан күндү аспытыгар ананна. Нэһилиэкпитигэр баар 5 түөлбэ эрдэттэн биллэриллибит күрэхтэргэ бука бары күргүөмүнэн олус көхтөөхтүк кытыннылар:

“Аартык”түөлбэ олохтоохторо ( салайааччы Стручкова Сардана Степановна )

«Нагорнай» түөлбэ олохтоохторо ( салайааччы Васильева Яна Яковлевна )

«Лесной» түөлбэ олохтоохторо ( салайааччы Мордискина Антонина Николаевна )

«Сүрэх тыа» түөлбэ олохтоохторо ( салайааччы Ноговицына Наталья Гаврильевна )

«Сайдыс» түөлбэ олохтоохторо ( салайааччы Макарова Мария Ивановна).

Күрэхтэри сыаналыыр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: 

«Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччыта  Иван Егорович Мохначевскай

Нэһилиэкпит тыа хаһаайыстыбаҕа специалиһа Анастасия Ивановна Чалкина

Олохтоох орто оскуола повара Анастасия Васильевна Куприянова

  Былыр хас да күн инниттэн муҥха туһунан сурах чугас сытар нэһилиэктэргэ тарҕанара. Уонунан, сүүһүнэн киһи муҥха буолар сиригэр тоҕуоруһан кэлэллэрэ. Күрэх муҥханы өссө «күүлэй» муҥхата дииллэрэ. Бэйэтэ туспа бырааһынньык курдук тэриллэн барара. Ырыаҕа-тойукка, сүүрүүгэ-көтүүгэ күрэхтэһэллэрэ. Эдэр дьон билсиһэн, ыал буолар да түгэннэрэ элбэҕэ. Үксүгэр өр балыктаабыт кырдьаҕас киһи муҥханы салайар. Балык ханан элбэҕин күөлү көрөөт да эндэппэккэ билэр дьон эмиэ баар буолаллар үһү. Муҥханы ханан түһэрэллэрин дириҥиттэн, уу салахайыттан, күөл рельебыттан быһаараллар. Биир эбэҕэ 2-3 муҥханы тэҥҥэ түһэриэхтэрин сөп. Ол муҥхаланар эбэ улаханыттан, төһө балык баайдааҕыттан тутулуктаах. Ол гынан баран муҥхалааһыҥҥа бары кыттар дьон тэҥҥэ, тэрээһиннээхтик үлэлээтэхтэринэ, элбэх балыгы ылаллар диэн билэр дьон кэпсииллэр.

Өбүгэлэрбит балыктааһыҥҥа сиэри-туому тутуһаллара, элбэх үтүө үгэстэрдээхтэрэ күн бүгүҥҥэ дылы тиийэн кэллэҕэ. Сахалар күөл иччитин Туона баай, Күөх Боллох тойон диэн ааттыыллар. Сиэри – туому тутуһан муҥханы түһэриэх иннинэ эбэ иччититтэн көрдөһөн, саламалаах чэчири анньаллар, арыылаах алаадьынан, табаҕынан күндүлүүллэр,  хомуһуннаах тыллаах алгыс түстээн, алҕаан Күөх Боллох тойонтон көмүс  хатырыктааҕыттан  көрдөһөн бэриһиннэрэллэр.

Маны таһынан Саха киһитэ балыктааһыҥҥа атын үтүө үгэстэрдээҕэ. Ол курдук саха далбар хотуттара мааны таҥастарын сайбаччы кэтэн киэргэнэн кэлэллэрэ эбитэ үһү. Күн бүгүн билиҥҥи муҥхаларга кэрэ аҥардар муҥхаһыт эр дьону кытта тэҥҥэ үөрэ-көтө үлэлииллэр. Бу үтүө үгэһи  тэрээһиҥҥэ собо балыктан быыстапка саҕалыан иннинэ мааны далбар хотуттарбыт бэйэлэрин нарын илиилэринэн тутан – хабан тикпит сахалыы кыһыҥҥы соннорун кэтэн сэгэлдьиһэ хааман көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.

Олус кэрэ көстүүлээх, сахалыы кыһыҥҥы сонноох далбар хотуттарбыт бииртэн биир бэйэлэрэ талаан тарбахтарынан айан таһааран тикпит соннорун, киэргэллэрин сэргии , сэҥээрэ көрдүбүт.

Хас биирдии түөлбэ туруорбут быыстапкатыгар сыаналанна: 1. Собо балыктан астаммыт ас көрүҥүн арааһа. 2. Собо балыктан астаммыт ас көрүҥүн оригинальноһа. 3. Хас биирдии түөлбэ быыстапка турар сирин тупсаҕайдык киэргэтиитэ.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан күөх Боллох көмүс хатырыктаах собо балыктан ас арааһын күрэҕэр

1 миэстэни ылары ситистэ “Сүрэх тыа”түөлбэ ( салайааччы Ноговицына Н.Г. ). 2 миэстэҕэ таҕыста «Лесной» түөлбэ ( салайааччы Мордискина А.Н. ). 3 миэстэни ылары ситистэ «Нагорнай» түөлбэ ( салайааччы Васильева Я.Я. ). Кыайыылаахтар анал грамотанан, сэмэй бирииһинэн бэлиэтэннилэр.

Быыстапкаттан көстөрүнэн быйылгы мунхаҕа бөдөҥ лэчигирэс соболорунан баай байанай мичик гыммыт эбит диэн сыаналаатыбыт.  Бииртэн биир ис сүрэхтэн кыһаллан оҥоһуллубут, эриэккэстэн эриэккэс быйылгы күөх боллох көмүс хатырыктаах собо балыктан араас ас арааһын бэлэмнээбит бары түөлбэ олохтоохторугар истиҥ махтал тылларын аныыбыт.

Идэһэ — сүөһүнү бэйэ сииригэр анаан өлөрүллэрин ааттыыллар. Сахалар идэһэни өлөрөллөрүгэр элбэх сиэри-туому тутуһаллар. Оччоҕо эрэ ыал хаһаайыстыбата кэхтибэккэ үүнэр-сайдар, ууһуур-тэнийэр диэн өйдөбүл баар.  Онон сиэттэрэн кыһыҥҥы хаһаас тэринэргэ тоҕоостоох кэми мүччү туппакка  быыстапка – дьаарбаҥка кэмигэр ким баҕалаах  нэһилиэкпит үлэһит дьоно, хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ көрөн – истэн ииппит, төлөһүппүт сүөһүлэрин, убаһаларын, үрүҥ ас арааһыттан, муҥха сибиэһэй балыгын, ийэ сирбит иҥэмтэлээх үүнээйилэриттэн астаан – үөллээн аҕалбыт олохтоох продукцияларынан атыы – тутуу тэрийдилэр. Түгэни туһанан нэһилиэк олохтоохторо саха төрүт аспытын өрө тутан, кыһыҥҥы хаһаас эбинэн, ынах , убаһа этин уонна да атын сибиэһэй продукциялары үөрэ – көтө атыылаһан тарҕастылар.

«Уһун кутурук» — ынах сүөһү саамай уһун кутуругун быһаарар күрэх тэриллэн ыытылынна. Саха дьоно барахсаттар идэһэттэн, балыктан тугун да бырахпаттар эбит, аһы олус сыаналыыллар, аньыыргыыллар эбит. Бары билэрбит курдук сүөһү ынах кутуругуттан наһаа минньигэс миини буһаран туһаҕа таһааран сииллэрэ.

Бу күрэххэ  түөлбэ аайыттан көхтөөх кыттыыны ыллылар. Анаан- минээн аҕалбыт кутуруктары кээмэйдээһин түмүгэр ,саамай уһун кутуругу аҕалан көрдөрөн

1 миэстэни ылары ситистэ Дьяконова Е.В. ( “Сүрэх тыа”  түөлбэ), 2 миэстэ — Васильев А.Б. ( “Нагорнай” түөлбэ), 3 миэстэ —  Стручков И.В.( “Лесной” түөлбэ). Кыайыылаахтар анал грамотанан, сэмэй бириистэринэн бэлиэтэннилэр.

  Эрдэ биллэриллибит «Саамай Суон муос» түөлбэ аайыттан ынах сүөһү саамай суон муоһун быһаарар күрэх олус тыҥааһыннаахтык буолан ааста.

5 кыттааччы кыһаллан булан аҕалбыт муостары кичэллээхтик кээмэйдээн быһаарыынан түмүк маннык буолла:

1миэстэ — Ноговицына М.И. ( «Нагорнай»түөлбэ), 2 миэстэ — Гоголева Е.В. ( “Лесной”түөлбэ),3 миэстэ — Габышев Нь.В. ( “Аартык” түөлбэ) Кыайыылаахтар анал грамота, сэмэй бириис тутан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Быйыл сайыммыт барахсан быйаҥнаах куйаас күннэри бэлэхтээн, от чэлгийэ үүнэн, сүөһү, сылгы күөх алаастарга күөлэһийэ мэччийэн туруктара тупсан, төлөһүйэн, быйылгы кыстыкка киирбит идэһэ эмис сыалаах буолара саарбаҕа суох. Бары сүөһү, сылгы  биэрэр аһынан-үөлүнэн аһаан-сиэн олоробут. Сүөһүтэ суох олохпут айгырыыр кыахтаах, онон төһө кыалларынан сүөһүнү хото иитэ-харайа сатыахтаахпыт,  дьиэ сүөһүтэ бары өттүнэн туһалааҕын бары бэркэ диэн билэбит диэн туран

 «Саамай халыҥ сыалаах ынах этэ» —  күрэх ыытылынна.

Сүөһү төбөтүттэн туйаҕар дылы туһата хара баһаам буоллаҕа, ол туоһута  тэрээһиҥҥэ биирдиилээн  ыытыллыбыт күрэхтэр буолаллара саарбаҕа суох.Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон- сэргэ солун күрэхтэри үөрэ- көтө  көрдүлэр, ,тэҥҥэ долгуйдулар, биһирээтилэр, сэргэхсийдилэр. Бары да  оҥостон, кыайардыы бэлэмнэнэн кэлбит кыттааччылар  саамай халыҥ сыалаах диэн илдьэ кэлбит ынахтарын этин кээмэйдээһин кэнниттэн түмүк маннык таҕыста:

Саамай халыҥ сыалаах ынах этин хаһаайына 1 миэстэни ылары ситистэ. Дьяконова Е.В. ( “Сүрэх тыа” түөлбэ), 2 миэстэ ылары ситистэ Говоров Дь.Г. ( «Аартык» түөлбэ ), Кыайыылаахтарга анал грамота,сэмэй бириис туттарылынна.

Салгыы  ыһыылаах-хаһыылаах көрдөөх эстафета тэриллэн ыытылынна. Эстафетаҕа түөлбэ аайыттан хамаандаҕа  сааһыттан тутулуга суох 3 эр киһи, 2 кэрэ аҥар кыттан түөлбэлэрин чиэһин көмүскээтилэр. Эстафета маннык этаптарынан ыытылынна : 1 этап — хамаанданан кутурук сүлээһинэ, ыраастааһына, хомуйуу, 2 этап — собо балыгы хатырыктааһын, үөстээһин , 3 этап —  бары көмөлөөн пельмен оҥоруута , 4 этап — шары түһэрбэккэ илт уонна аҕал , 5 этап — уу таһыыта .

Түмүккэ самай түмсүүлээх, кыайыыга дьулуурдаах  «» түөлбэ хамаандата кыайыылааҕынан тахсан, 1 миэстэни ылары ситистэ «Нагорнай түөлбэ» 2 миэстэҕэ бэрт кыранан хаалан  таҕыста «Аартык» түөлбэ хамаандата уонна 3 бириистээх миэстэни ылары ситистэ “Сайдыс” түөлбэ хамаандата.

4 -5 миэстэни үллэһиннилэр «Сүрэх тыа» уонна «Лесной» түөлбэлэр хамаандалара. Кыайыылаах хамаанда бары кыттааччыларыгар анал грамоталар, сэмэй бириистэр, ону сэргэ көхтөөхтүк кыттыбыт хамаандалар бары кыттааччыларыгар анал грамоталар туттарылыннылар.

Тэрээһини түөлбэ аайыттан солун музыкальнай эҕэрдэлэр киэргэтэн , сэргэхситэн биэрдилэр:

Пелагея Окорокова ырыата “Хоптолор” ( «Сүрэх тыа»түөлбэ)

Вера Фадеева сольнай ырыата «Маҥнайгы хаар» («Аартык» түөлбэ)

Дмитрий Мордискин сольнай ырыата «Байанай» («Лесной» түөлбэ)

Рима Фадеева сольнай ырыата “Сахам сирэ”   ( «Сүрэх тыа» түөлбэ)

Петр Никитин  «Дьол вальса»( «Нагорнай» түөлбэ)

Олохтоох култуура дьиэтин коллективын толоруутугар сыанка «Идэһэ»

 Бу курдук “Идэһэ киэһэтэ — 2023” тэрээһиммит түөлбэлэрбит көҕүлээһиннэринэн элбэх кыттааччылаах олус сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ааста.    Ынах-сылгы  төрүүр-ууһуур  хордоҕойдорго, кырдалларга  бастаан  быкпыт  күөх  оттон  үүт  киирэр,  уруӊ  илгэ  үксүүр, уйгу-быйаӊ  дэлэйэр, күөх боллох көмүс хатырыктаах лэһигирэспит соботун амсайар үтүөкэн  кэмнэр өссө да  үүнэ – үксүү турдуннар! Быйылгы кыстыгы бука бары этэҥҥэ туоруоҕуҥ! Барыгытыгар доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт! Өссө төгүл бука бары кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар махтал сылаас тылларын аныыбыт, мэлдьи бу курдук бииргэ буолуоҕуҥ, үөрэ- көтө сылдьыаҕыҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *