Дьабыыл нэһилиэгэр “Сулустаах эстэпиэтэ”

Сэтинньи 3 күнүгэр Дьабыыл нэһилиэгэр, “Айар тутар дьоҕурдаах, сайдар-үүнэр дьоннордоох Мэҥэм сирин туойабын!” девизтээх, культура сылын чэрчитинэн, улуус бэтэрээннэрин 13-һүс төгүлүн ыытыллыбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕам саастаахтарын «Сулустаах эстэпиэтэ» бэстибээлэ буолан ааста.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар эҕэрдэлэрин тириэртилэр: Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Решетникова Евдокия Саввична, дьүүлүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Скрябина Мария Прокопьевна, Дьабыыл нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михайлова Клара Егоровна. 

Дьабыыл нэһилиэгэр кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр, үтүө үгүс дьоннордоох «Төҥүлү», «Мөҥүрүөн», «Араҥас», «Дьабыыл», «Доллу», “Мэҥэ” нэһилиэктэрин “Мэҥэ Хаҥалас” улууһун аҕам саастаахтарын «Сулустаах эстэпиэтэ» кыттыылаахтара, бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэринэн ыллаан – туойан, үҥкүүлээн, сыанкалаан, хоһоон ааҕан, уус-уран кэнсиэрдэрэ үрдүк таһымҥа аастылар. 

«Сулустаах эстэпиэтэ» бэстибээлин дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр: Скрябина Татьяна Николаевна — СР социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, Скрябина Мария Прокопьевна — ССРС култууратын туйгуна, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина, Охлопкова Ньургуяна Прокопьевна — Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын информационнай-методическай отделын (ИМО) сүрүн методиһа.

Нэһилиэкпит ытык – мааны бэтэрээннэрэ 7 ирдэнэр нүөмэрдээх концертнай программаларын иэйэн – куойан туран, ол курдук: «Арчыына” үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар “Хаар үҥкүүтэ” (салайааччы Надежда Рожина),

Петр Никитин толоруутугар ырыа,  И. Федосеев тыла, В. Андросов дьүрүлэ, “Мин алаас уолабын”

ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уонна Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ааптар Анисия Скрябина толоруутугар, чабырҕах “Тобуруокаппыт биһиэнэ”

Балыктаах орто оскуолатын учууталларын толоруутугар Л. Андросова хоһооннорунан уус-уран ааҕыы “Киэҥ туттабын, махтана туойабын Мэҥэбин” (салайааччы Сардаана Молукова),

сыанка “Чемпионат”, оруолларга: Ньургун Боотур — Егор Афанасьев, Аанчык Чооруосова — Вера Фадеева, Американка — Елена Кычкина, Китаянка — Мария Захарова,

Антонина, Иван Прибылыхтар толорууларыгар Е. Апросимов тыла, Т. Апросимова дьүрүлэ “Суолам кыыһа”

«Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбылын толоруутугар ырыа, А. Бродников тыла Х. Максимов матыыба, “Айхаллан үлэ киһитэ”, (салайааччы СР култууратын туйгуна Иван Прибылых), бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри анаан, көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын ортотугар толордулар.

Кэнсиэри кыайа-хото салайан ыытта Дария Чукрова.

Дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан лауреат үрдүк аатын ылары ситистилэр: ааптар, ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уонна Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анисия Скрябина, (чабырҕах “Тобуруокаппыт биһиэнэ”)

«Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла (А. Бродников тыла, Х. Максимов матыыба, “Айхаллан үлэ киһитэ”, салайааччы Иван Прибылых),

Антонина, Иван Прибылыхтар, (дуэт Е. Апросимов тыла, Т. Апросимова дьүрүлэ “Суолам кыыһа” ),

Дипломант үрдүк аатын сүктүлэр: Петр Никитин ( И. Федосеев тыла, В. Андросов дьүрүлэ «Мин алаас уолабын»),

М. П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын учууталларын бөлөҕө (Л. Андросова хоһооннорунан уус-уран ааҕыы “Киэҥ туттабын, махтана туойабын Мэҥэбин”, салайааччы Сардаана Молукова),

«Арчыына” үҥкүү бөлөҕө (“Хаар үҥкүүтэ” салайааччы Надежда Рожина).

Нэһилиэкпит бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Кычкина Елена Кимовна грамотанан бэлиэтэннэ.

Бүгүҥҥү тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, бэтэрээннэр, көрөөччүлэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Улуустааҕы “Сулустаах эстэпиэтэ” уус-уран көрүү бэстибээлгэ нэһилиэкпит чиэһин көмүскээбит, кэнсиэр нүөмэрдэрин бэлэмнээбит ытык-мааны бэтэрээннэрбитигэр олохтоох култуура дьиэтин коллективын аатыттан сылаас махтал тылларын аныыбыт. Бу курдук, нэһилиэкпит сайдарын туһугар, бары биир сомоҕо буолан, үлэлиэҕин, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылаан иһиэҕиҥ! Дьоллоох буолуҥ! Доруобай буолуҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤