Муус устар 16 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Скрябина Анисия Даниловна нэһилиэк олохтоохторугар аналлаах «Доруобуйа – биһиги баайбыт» темаҕа маастар кылаас тэрийэн ыытта.
Маастар кылааһы интэриэһиргээн, истэ-көрө, билсэ кэлбит далбар хотуттары Анисия Даниловна буруолатан, сыт таһааран алҕаан, арчылаан саҕалаата.
Бу күн доруобуйаларын тупсарыныан, бөҕөргөтүнүөн баҕалаахтарга анаан Анисия Даниловна тэттик бэйэ тэлгэһэтин, оҕуруотун уонна айылҕа үүнээйиилэринэн доруобуйаҕа туһалаах убаҕас эмтэри, маастары дьиэ усулуобуйатыгар хайдах оҥорору, бэйэтин практикатыгар туһаммытын туһунан, ону сэргэ киһиэхэ барытыгар сөп түбэһэр доруобуйаҕа туһалаах эрчиллиилэри, нейробика ньымаларын көрдөрөн сиһилии кэпсээтэ, сүбэлээтэ.
Бу курдук Анисия Даниловна кэпсээбит олус интэриэһинэй сүбэлэрин, араас ньымаларын көрөн бириэмэ биллибэккэ ааста. Маастар кылааска кэлбиттэр бэйэлэригэр сөптөөх туһалаах рецептары тустарыгар туһанарга сурунан, астынан, махтанан тарҕастылар.
Убаастабыллаах Анисия Даниловна, «Доруобуйа – биһиги баайбыт» темаҕа маастар кылаас тэрийэн ыыппыккар нэһилиэкпит далбар хотуттарын, эдэр ийэлэрин ааттарыттан сылаас махтал тылларын аныыбыт. Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, үгүс үөрүүнү, дьоллоох-соргулаах уһун үйэни, нус-хас байылыат олоҕу, этэҥҥэ буолууну. Мэлдьитин инники күөҥҥэ сылдьаргын холобур оҥостобут, инникитин даҕаны дьон-сэргэ барҕа махталын мэлдьи ыла тур, биһигинниин бииргэ буол!