Үтүө үгэскэ кубулуйбут 12 төгүлүн ыытыллар түөлбэнэн «Булчут кутаата – 2022» күрэх пандемиянан сибээстээн 2 сыл тохтобул кэнниттэн ыам ыйын 5 күнүгэр бэрт элбэх булт диэн баран муннукка ытаабыт, баай байанай барахсан абылаҥар ылларбыт булчут уолаттарбытын түмтэ.
Күрэх үөрүүлээхтик аһыллыытыгар «Булчут кутаата» күрэҕи аан бастаан төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бу күрэх нэһилиэккэ үтүө үгэскэ кубулуйарыгар төһүү буолбут дьоһун киһибит Егор Семенович Мохначевскай аал уоту аһатан алгыс тылын тириэртэ.
«Айылгы» кырдьаҕастар түмсүүлэрэ (салайааччы Рожина Н. Ф.) арыылаах алаадьынан, кырылыы кыынньар кымыһынан айах туттулар.
Рима Фадеева, Дария Андросова, Вера Фадеева ылбаҕай ырыаларынан, «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич киирии тыл этиитэ күрэх аһыллыытын ситэрэн – киэргэтэн биэрдилэр.
Буоларын курдук Егор Семенович кутаа уокка күөс өрөн, итии чэй оргутар түбүгэр түстэ, күрэхтэһии 5 түөлбэ хамаандалара кыттыылаах эстафетаттан саҕаланна. Эстафета 5 этаптаах ыытылынна. Старт толору экипировкалаах сүүрүү, үрэҕи туорааһын этаптан саҕаланан, салгыы 2 этапка кэлбит киһитин 20 м. сүгэн сүүрэн тиийэн экипировканы бэрсэн, салгыы 80 м. сүүрэн тиийэр, 3 этапка салгын саанан сыалы табыар дылы ытыы, 4 этап – сүүрэн тиийэн 100 м мэһэйдэри туораан, 5 этапка кыттааччы 200 м. сүүрэн тахсан сыыры таҥнары сүүрэн киирэн финишкэ кэлиэхтээх. Хамаандалар утуу – субуу бэрт тыҥааһыннаах, ыһыы – хаһыы арыаллаах эстафета хас биирдии этабыгар илин – кэлин түсүһэн күрэхтэстилэр.
Быйылгы эстафетаҕа 1 миэстэни «Лесной» түөлбэ, 2 миэстэни – «Сүрэх тыа» түөлбэ, 3 миэстэни – «Сайдыс» түөлбэ, 4 миэстэни – «Нагорнай» түөлбэ, 5 миэстэни – «Аартык» түөлбэ ылары ситистилэр. «Лесной» түөлбэлэр инники чорбойон бастакы миэстэни ситиһэллэригэр Михаил Захаров 2 этаптан инники түһэн кэлэн, салгын саатынан сыал ытыыга 3 сыалы үһүөннэрин субуруччу таба ытан уһулуччу үчүгэй көрдөрүүтэ хамаанда инники тахсан бастакы финишкэ кэлэригэр улахан төһүү буолла.
Салгыы хамаандалар кутаа оттон чэй оргутуутугар илин – кэлин түсүһэ күрэхтэстилэр. Түмүк маннык буолла. 1 миэстэ – «Сайдыс» түөлбэ, 2 миэстэ- “Лесной” түөлбэ , 3 миэстэ – “Аартык” түөлбэ , 4 миэстэ – “Сүрэх тыа” түөлбэ , 5 миэстэ – “Нагорнай” түөлбэ. Чэй оргутуутугар хамаандаттан иккилии кыттааччы төһө да ардахтаах силбик күн буоллар, тобуллаҕас толкуйдарынан, бэрт сатабыллаахтык туттан – хаптан биэдэрэлээх ууларын, мастарын бэлэмнэнэн айылҕаҕа, сиргэ-уокка сылдьа, дьаһана үөруйэхтэрин көрдөрөн бэрт сотору утуу–субуу биэдэрэлээх чэйдэрин оргутан кэбистилэр.
Хамаанда барыта кыттыылаах 5 мүнүүтэ иһигэр булт тематыгар сыһыаннаах боппуруостарга эппиэттээн боччумуран, түмсэн эппиэттии оҕустулар. 7 боппуруоска сөптөөх эппиэти биэрэн «Лесной» түөлбэ уолаттара 1 миэстэни ылары ситистилэр. 6 боппуруоска сөптөөхтүк эппиэттээн «Сайдыс» түөлбэ 2 миэстэни, 4 сөптөөх эппиэттээх “Аартык” түөлбэ уолаттара 3 миэстэни ылары ситистилэр. 4 миэстэни “Нагорнай” уонна “Сүрэх тыа” түөлбэлэр уолаттара эйэ – дэмнээхтик 3 сөптөөх эппиэттээх буолан үллэһиннилэр.
Уаз массыынаны хамаанданан соһон анаммыт миэстэҕэ илдьиигэ саамай бастыҥ көрдөрүүлээх «Сүрэх тыа» түөлбэ – 1 миэстэ, 2 миэстэ – “Сайдыс” түөлбэ , 3 миэстэ – “Лесной” түөлбэ, 4 миэстэ – “Аартык” түөлбэ, 5 миэстэ – “Нагорнай” түөлбэ ылары ситистилэр. Бу көрүҥҥэ бары хамаандалар бириистээх миэстэлэри аҕыйах сөкүүндэнэн аахсан үллэстибиттэрэ курэхтэһии хаамыытын сытыырхатан биэрдилэр.
Түмүккэ быйылгы эсафетаҕа эрэллээхтик 1 миэстэни “Лесной” түөлбэ ылары ситистэ. 2 миэстэ – “Сайдыс” түөлбэ, 3 миэстэ – “Сүрэх тыа” түөлбэ, 4 миэстэ – “Аартык” түөлбэ, 5 миэстэ – “Нагорнай” түөлбэ ылары ситиһэн, бириистээх миэстэҕэ тиксибит хамаандалар анал грамотанан, мэтээллэринэн, олохтоох дьаһалта уонна олохтоох култуура дьиэтэ олохтообут анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Олус интэриэһинэй, ыһыылаах – хаһыылаах эстафета кэнниттэн минньигэс астаах, ип итии хоһуоччугунан эмис эттээх миин, алаадьы, быырпах, итии чээй остуолга хоточчу тардыллан үөрэ – көтө эбиэттээн баран биирдиилээн күрэхтэр утуу – субуу бэрт сэргэхтик элбэх кыттааччылаах ыытыллан истилэр.
Ол курдук «Олорор хааһы» ытыы күрэххэ барыта 19 киһи кытынна. 1 миэстэ 22 очколаах Илья Шишигин, 2 миэстэ – 18 очколаах Семен Ноговицын, 3 миэстэ – 13 очколаах Роман Гоголев ылары ситистилэр. Кыайыылаахтарга Артемьев Сергей Михайлович сырдык аатын үйэтитэн оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут анал мэтээллэрин, грамоталары уонна анал бириистэри туттарда Бимба Бимбаевич Цыденжапов.
«Олорор куобаҕы» ытыы күрэххэ барыта 17 кыттан күрэхтэһии бэрт сытыытык ааста. 1 миэстэ – 25 очколаах Айтал Васильев, 2 миэстэ – 17 очколаах Бимба Цыденжапов, 3 миэстэ – 16 очколаах Илья Шишигин ылары ситиһэн, «М.Горькай» совхоз Балыктаахтааҕы отделениетын тутуу биригээдэтин тутааччыта, биригэдьиирэ, коммунистическай үлэ ударнига, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, байанайдаах булчут Стручков Василий Игнатьевич сырдык аатын үйэтитэн оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут анал мэтээллэрин, грамоталарын, анал сыаналаах бириистэрин үөрэ – көтө туттулар.
«Экстрим» — ытыы күрэҕэр барыта үөрэ – көтө 15 булчут уолаттарбыт кыттыбыттарыттан 1 миэстэ – Дмитрий Захаров, 2 миэстэ – Иван Гурьев, 3 миэстэ – Николай Цыпандин ылары ситиһэн, Цыпандин Николай Алексеевич сырдык аатын үйэтитэн кэргэнэ Августина Иннокентьевна, кыыһа Күннэйэ Николаевна Цыпандина олохтообут анал мэтээллэринэн, грамоталарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
«Биатлон» – сүүрэн кэлэн баран мишень ытыыта күрэххэ барыта 9 кыттааччыттан 1 миэстэ – Егор Лихонди, 2 миэстэ – Егор Чалкин , 3 миэстэ – Сергей Харитонов ылары ситиһэн РСФСР үтүөлээх юриһа Сотников Михаил Михайлович сырдык аатын үйэтитэн, Бродников Илья Николаевич олохтообут анал мэтээллэри, анал кубоктары, грамоталары, бириистэри үөрэ- көтө туттулар.
18- 54 сааһыгар диэри эр дьоҥҥо сүүрүү күрэҕэр 12 кыттааччыттан 1 миэстэ- Петр Андросов , 2 миэстэ — Игорь Стручков, 3 миэстэ – Ньургустаан Макаров ылары ситиһэн, «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин депутаттара олохтообут анал мэтээллэрэ, грамоталара, харчынан бириэмийэлэрэ туттарылыннылар.
55 сааһыттан үөһэ ветераннарга сүүрүү күрэхтэһиитигэр 1 мэстэ – Захаров Дмитрий Михайлович, 2 миэстэ – Стручков Игорь Васильевич, 3 миэстэ – Цыденжапов Бимба Бимбаевич ылары ситиһэн, биир дойдулаахпыт Мохначевскай Ефим Лонгинович сырдык аатын үйэтитэн, оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут анал мэтээллэрин, грамоталарын, анал бириистэрин үөрэ – көтө туттулар.
Салгын саатынан ытыы күрэҕэр барыта 19 булчут уолаттарбыт кыттыыны ылбыттарыттан 1 миэстэ – 21 очколаах Гаврил Сотников, 2 миэстэ – бастаан 18 онтон 13 очколаах Прокопий Иванов, 3 миэстэ – бастаан 18, онтон 12 очколаах Вячеслав Мохначевскай ылары ситиһэн, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа Мохначевскай Илья Аполлонович сырдык аатын үйэтитэн, Мохначевскай Егор Семенович оҕолорунаан олохтообут анал мэтээллэрин, грамоталарын, анал бириистэрин – барыларыгар саа боторуоннарын үөрүүлээх быһыыга- майгыга туттардылар.
МЦ сааны бириэмэҕэ ыһыы уонна хомуйуу күрэххэ 8 кыттыбыттыттан 1 миэстэ – Егор Лихонди, 2 миэстэ – Егор Чалкин, 3 миэстэ – Айтал Васильев ылары ситиһэн, Цыпандин Владимир Алексеевич сырдык аатын үйэтитэн, оҕолоро олохтообут анал мэтээллэрин, грамоталарын, сыаналаах бириистэрин үөрүүлээх быһыыга – майгыга туттулар.
Ыччат сылынан нэһилиэкпит талааннаах тимир ууһа Александр Катакинов анаабыт анал бирииһин сертификатын Катакинова Саргылана Дмитриевна үөрүүлээх быһыыга-майгыга Александр Мохначевскайга туттарда.
Күрэхтэһии спонсора олохтоох эдэр фермер Габышев Ньургун Владимирович бэйэтин хаһаайыстыбатыттан тыыннаах кус оҕолорун анал бириис быһыытынан «Олорор хааһы» уонна «Олорор куобаҕы» ытыыга күрэхтэһии чемпионнарыгар Илья Шишигиҥҥа уонна Айтал Васильевка анаата.
Бу курдук төһө да күнү быһа ардах – хаар түстэр быйылгы 12 төгүлүн ыытыллыбыт «Булчут кутаата» күрэх бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ааста. Биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын үйэтитэн, анал бириистэри олохтообут спонсордарбытыгар, күрэхтэһии бары кыттааччыларыгар, күрэх тэрээһинигэр кыттыыны ылбыт бары дьоммутугар ис сүрэхтэн тахсар сылаас истиҥ тыллары аныыбыт.