Муҥха – саха норуотун өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр үтүө үгэһэ, элбэх дьону түмэ тардар балыктааһын биир улахан көрүҥэ буолар. Муҥханы халлаан тымныйдаҕына, күөл мууһа киһини уйар буоллаҕына дьон билигин да күргүөмүнэн муҥхалыы киирэр.
Ол курдук биһиги нэһилиэкпитигэр олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн сэтинньи 2 күнүттэн муҥхалааһын саҕаламмыта. Сайылык күөлгэ, Харбала, Дьоху күөл, Ньыла, Булгунньах, Нөөрүктээйи, Алаҕар эбэлэргэ кыһыҥҥы балыктааһын көхтөөхтүк тэрилиннэ. Ортотунан 50 дьон кыттыылаах муҥхалар буола тураллар. Муҥхаҕа куар кодтаах, вакцина ылбыт дьон барар күн сарсыардатыгар олохтоох дьаһалтаҕа кэлэн испиэһэктэнэн, билиҥҥи кэм толору ирдэбилин ааһан бараллар.
Муҥхаҕа нэһилиэкпит олохтоохторо эрэ буолбакка, атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарбыт кэлэн тэҥҥэ үлэлэһэн, айылҕалыын алтыһан, дойдуларын ыраас, сылаас салгынынан тыынан, күүс-уох эбинэн, өттүк харалаах, илии тутуурдаах үөрэн-көтөн, махтанан тарҕаһаллар.
Муҥхаҕа кэлбит балыктан сылын аайы буоларын курдук олохтоох дьаһалта нэһилиэкпит аҕам саастаах кырдьаҕастарыгар түөлбэлэринэн сибиэһэй балыгы түҥэтэллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда.
Нэһилиэкпитигэр муҥха салҕыы ыытыллара былааннанар.