Убаастабыллаах нэһилиэкпит бука бары күн күбэй ийэлэрэ!
🌷🌷🌷🌷🌷🌷🌷🌷🌷
Кэлэн иһэр Ийэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран,👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻 алтынньы 1️⃣9️⃣ күнүгэр,🕰️ күнүс 1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан_ олохтоох култуура дьиэтигэр🏛️
🌸🌼🌸🌼🌸🌼🌸🌼🌸
«Күн тэҥэ — күн күбэй ийэбит!»
итии чэйдээх, сандалы тула (бука бары аспытын, иһиппитин бэйэбит илдьэ кэлэбит) бырааһынньыктааҕы тэрээһиммитигэр үөрэ- көтө көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт
🌷🌷🌷🌷🌷🌷🌷🌷🌷
ПРОГРАММАҔА:
🌼 Истиҥ эҕэрдэлэр
🌼Түөлбэлэринэн күн күбэй ийэлэригэр оҕолор истиҥ, иһирэх эҕэрдэлэрэ👏🏻
🌼 Ырыа- тойук 🎤
🌼 Иһирэх кэпсэтии 🤗
🌼 Маассабай оонньуулар🤹🏻♀️
🌼Үҥкүү-битии 💃🏻🕺🏻💃🏼
🌸🌼🌸🌼🌸🌼🌸🌼🌸
Кэлиҥ, сылдьыҥ дуоһуйа сынньаныҥ!
🌸🌼🌸🌼🌸🌼🌸🌼🌸
⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐
Үлэ — үөрүү, үлэ — дьол
Үлэ — үүнэр, сайдар суол!
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара!
Алтынньы 1️⃣5️⃣ күнүгэр,
киэһэ 1️⃣9️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан,
олохтоох култуура дьиэтигэр 🏛️
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр аналлаах
⭐⭐⭐ «АЙХАЛ ЭЙИЭХЭ, ҮЛЭҺИТ КИҺИЭХЭ!»⭐⭐⭐
эҕэрдэ кэнсиэргэ бука барыгытын ыҥырабыт 🙌
⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐⭐
Кэлиҥ! Көрүҥ! Сэргээҥ!
✴️✴️✴️✴️✴️✴️✴️✴️✴️
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара!
✳️✳️✳️✳️✳️✳️✳️✳️✳️
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, киэһэ 19:00 чаастан, олохтоох култуура дьиэтигэр 🏛️
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт.
✴️ Тэрээһин хаамыыта:✴️
🚩 Аһыллыыта, ырыа-тойук;
🚩 Тэрилтэлэр, нэһилиэк ветераннарын икки ардыларыгар «Өркөн өй» — ток шоу күрэх;
🚩 Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
✳️✳️✳️✳️✳️✳️✳️✳️✳️
Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара, оскуолабыт үөрэнээччилэрэ!
Олохтоох култуура дьиэтэ уонна М.П. Габышев аатынан орто оскуола коллектива холбоһуктаах тэрийиитинэн 🍁🌻🌞🍂🍒
«Күһүн, күһүн — көмүс күһүн!»🌞🌻🍁 бырааһынньыкка ыҥырабыт 🙌🥳
🌻 Буолар кэмэ: Балаҕан ыйын 20 күнэ, 2024 сыл.
🌻 Буолар сирэ: М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолата, спортзал.
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
🌻🌞🌻 ХААМЫЫТА:🌻🌞🌻
🕒 15ч.00м.-16ч00м. — мустуу, бэлэмнэнии;
🕓 16ч.00м. — бырааһынньык үөрүүлээх аһыллыыта.
🍒 Кылаастар, биирдиилээн нэһилиэк олохтоохторо кыттыылаах күһүҥҥү атыы-тутуу, дьаарбаҥка;
🍒 Араас темаҕа маастар-кылаастар;
🍒 Оонньуулар;
🍒 Ону сэргэ быйылгы бэйэ үүннэрбит оҕуруот аһыттан:
🥳 «Саамай улахан кабачок» 🍆
🥳 «Саамай улахан хаппыыста» 🥬
🥳 «Саамай улахан моркуоп» 🥕
🥳 «Саамай улахан сүбүөкүлэ» 🧅
🥳 » Саамай улахан тыква»🍑
анал ааттар, сэмэй бириистэр туттарыллыахтара🎁 (ким баҕалаах бары кыттар)👍
Бу күн тыыл ветераннарыгар, сэрии сылын оҕолоругар анаан сылын аайы ыытыллар 🍅🥒🥕 «Полка добра» 🍒🥔акция тэриллэр! 🙌 ❤️
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂 🍁🍂
Бары бииргэ түмсэммит, бүтүн нэһилиэгинэн үтүө үгэһинэн, көмүс дуйдаах күһүммүтүн үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ! 🙌🥳
Кэлиҥ! 👐 Сэргээҥ! 🙌 Сэргэхсийиҥ!
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
🥳 Болҕойуҥ! 🥳Болҕойуҥ!🥳 Болҕойуҥ! 🥳
🟡🟢🟣🟡🟢🟣🟡🟢🟣
Сайын кэллэ, сайа көрдө, 🌳🌼☀️
Салгын сыта саба биэрдэ, 🌈🫶💨
Оҕо-аймах күлэн-үөрэн, 👶🏻👧🏻🥳
Оонньоон-көрүлээн үөрдэ-көттө. 🤗
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара. кырачаан оҕолорбут!
Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт 🙌🥳🎈
🎉 Буолар сирэ: Начальнай оскуола площадката 🚩🎢⛱️
🎉 Буолар кэмэ: Бэс ыйын 1️⃣ күнэ
2️⃣0️⃣2️⃣4️⃣с.,
күнүс 1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан.
🎉 ПРОГРАММАҔА:
🌟 1. Эҕэрдэ нүөмэрдэр👏🏻 💃🏻🕺🏻;
🌟 2. 3️⃣ — 5️⃣, 5️⃣ — 7️⃣,
7️⃣ — 1️⃣2️⃣ саастаах кыргыттарга, уолаттарга бириистээх оонньуулар 🏃🏻♀️
🌟3. «Мин ийэбинээн» — түөлбэлэр икки ардыларыгар (3 ийэ оҕотунаан) көрдөөх эстафета👩🏻👶🏻👯🏻♀️🏃🏻♀️🏃🏻♂️
🔶 Палочкалаах сүүрүү;
🔶 Көрдөөх волейбол;
🔶 Шаригы бэрсии.
🟡🟢🟣🟡🟢🟣🟡🟢🟣
Бары күрэхтэр кыайыылаахтарыгар сэмэй бэлэхтэр🎁 туттарыллыахтара
🟡🟢🟣🟡🟢🟣🟡🟢🟣
🎊 Күндү оҕолор, төрөппүттэр! 🎊
Эрдэттэн тэринэн, оҥостон кэлэн активнайдык кыттаргытыгар ыҥырабыт🙌🥳🙌
Олохтоох култуура дьиэтэ🏛️
Оһуо-оһуо-оһуокай,
Оһуокайдыыр оһуокай.
Эһиэ-эһиэ-эһиэкэй,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй.
Убаастаьыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара!
Ыам ыйын күнүгэр,
күнүс : чаастан,
олохтоох култуура дьиэтигэр
Ыам ыйын 25 күнүгэр Саха сиригэр оһуохай күнэ аан маҥнайгынан бэлиэтэнэринэн «Бары бииргэ — оһуохайга!» тэрээһиҥҥэ барыгытын ыҥырабыт
Сахалыы таҥастаах кэлэҥҥит күн үҥкүүтэ оһуохайга көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар
Олохтоох култуура дьиэтэ
🚩🚩🚩 БОЛҔОЙУҤ 🚩🚩🚩
Ыам ыйын 5️⃣ күнүгэр,
1️⃣0️⃣:0️⃣0️⃣ч. Орто Эбэҕэ
14-с төгүлүн ыытыллар түөлбэнэн🔥 «Булчут кутаата — 2024» 🔥күрэҕэр нэһилиэкпит олохтоохторун ыҥырабыт🙌
🔴 Хамаанда састааба: Түөлбэттэн уопсайа 5 киһи + 1(14-18саастаах) оскуола оҕото кыттыыны ылар.
🔴 Эстафетаҕа ирдэнэр: Хамаанда бары булчут таҥаһа🧍🏻, уһун остоох саппыкы👢(эва уҺун остоох саппыкы көҥүллэммэт), рюкзак🎒, тыллаах толору патроннаах патронташ💥, салгын саата🔫 (ботуруона), 10л. биэдэрэ, 1 сүгэ🪓, 1 быһах 🔪, испиискэ🔥(араас уматык туттуллубат)
Хамаанда чилиэттэрэ оҕоттон ураты бары охот билеттээх буолаллара ирдэнэр.
Эрдэттэн мас бэлэмнээһин штраф 1️⃣ мин.
🔸 1️⃣0️⃣:3️⃣0️⃣ч. Күрэх үөрүүлээх аһыллыыта.
🚩 ЭСТАФЕТА
🔷 1 этап: Үрэхтэн 200м толору экипировкалаах сүүрүү🏃🏻♂️.
🔷 2 этап: Толору экипировкалаах сүүрүү🏃🏻♂️50м, МЦ саа🔫 ыһыыта, хомуйуута.
🔷 3 этап: Кэлбит киһитин 20м. сүгэн сүүрүү🏃🏻♂️🧎🏻♂️, экипировканы бэрсии, 80м. салҕыы сүүрүү🏃🏻♂️.
🔷 4 этап: Сүүрүү-100м🏃🏻♂️, салгын саатынан сыал ытыыта🎯🔫 (сыалы табыар дылы оҕо ытар 3 мишень 10 м, переломка саа).
🔷 5 этап: Сүүрүү🏃🏻♂️, мэһэйдэри туорааһын🚧-100м.
🔹 6 этап Сүүрүү🏃🏻♂️ 200м. (финиш🏁)
🚩 ЧЭЙ ОРГУТУУТА:
( хамаандаттан 2 киһи кыттар биир оҕо уонна улахан киһи)🙋🏽♂️🙋🏻♂️🔥
🚩 БИРИЭМЭҔЭ БОППУРУОСКА ЭППИЭТ
(хамаанда барыта кыттара көҥүллэнэр)🙋🏻♂️🙋🏽♂️🙋🏻♂️🙋🏽♂️🙋🏻♂️💡
🚩 УАЗ МИКРО МАССЫЫНАНЫ СОҺУУ 50 м.
(биир киһи уруулга олорор) 🙋🏻♂️🚐🏃🏻♂️🏃🏻♂️🏃🏻♂️🏃🏻♂️
🚩 КАНАТ ТАРДЫҺЫЫТА ХАМААНДАНАН
🔸 1️⃣2️⃣:0️⃣0️⃣-1️⃣3️⃣:0️⃣0️⃣ч.🔸
🚩 ЭБИЭТ
(миискэлээх, иһиттээх кэлэҕит)🍵🥄
🔸🔹🔸1️⃣3️⃣:0️⃣0️⃣ч. 🔸🔹🔸
🚩 Биирдиилээн күрэхтэһиилэр:
🚩Артемьев Сергей Михайлович сырдык кэриэһигэр “Олорор хааһы ытыы”(дробь №5).
🚩Стручков Василий Игнатьевич сырдык кэриэһигэр “Олорор куобаҕы🐇 ытыы”(дробь №5).
🚩 Цыпандин Николай Алексеевич сырдык кэриэһигэр “Экстрим -🔫 ытыы”(дробь №5).
🚩 Сотников Михаил Михайлович сырдык кэриэһигэр “Биатлон”⛷️(дробь №5). (сүүрэн кэлэн баран мишень ытыыта). .
🚩Цыпандин Владимир Алексеевич сырдык кэриэһигэр “МЦ сааны 🔫⏱️ бириэмэҕэ ыһыы уонна хомуйуу»».
🚩Артемьев Николай Никитич сырдык кэриэҺигэр «Тэриэлкэ ытыы»🥏🥏🥏(дробь №5)
🚩 “Салгын саанан ытыы”🔫🔫🔫(саа, ботуруон бэйэҕититтэн).
🚩 «Ох саанан ытыы🏹» Кыайыылаахтарга ИП Кириллин Николай Леонидович туруорбут бириистэрэ туттарыллыахтара.
🚩Көрүҥ аайы Трифонов Гаврил Прокопьевич сырдык кэриэһигэр анал бириистэр ананыахтара.
🔸Биирдиилээн күрэхтэргэ охотбилет, саа докумуона ирдэнэр.
🔸Биир киһи 2 көрүҥҥэ кыттара көҥүллэнэр.
✅ Уопсай түмүк түһүмэх очкотунан📝, бириэмэтинэн⏱️
тахсар🙌
Кыайыылаахтарга 🥇🥈🥉 анал мэтээллэр, бириистэр🎁 туттарыллыахтара👏🏻🥳
🚩🚩🚩 Күрэххэ активнай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт 🚩🚩🚩
✴️✳️✴️✳️✴️✳️✴️✳️✴️
Муус устар 2️⃣7️⃣ күнүгэр,
киэһэ 1️⃣9️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан,
олохтоох култуура дьиэтигэр🏛️
Тапталлаах Республикабыт күнүгэр, ону сэргэ кэлэн иһэр Аан дойдутааҕы үҥкүү бырааһынньыгын көрсө үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт🙌🥳
✳️✴️✳️ ПРОГРАММАҔА:
🚩 Республика күнүгэр аналлаах үөрүүлээх чаас:
🔷 истиҥ эҕэрдэлэр;
🔷 ырыа — тойук.
🚩 «Үҥкүү кэрэ ыллыгынан» — бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр.
✴️✳️✴️✳️✴️✳️✴️✳️✴️
Кэлиҥ! Сылдьыҥ! Сэргээҥ! Биһигинниин бииргэ буолуҥ!
Киириитэ: босхо
❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара!
Муус устар 1️⃣6️⃣ күнүгэр,
күнүс 1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан,
олохтоох култуура дьиэтигэр🏛️
ССРС култууратын туйгуна, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Скрябина Анисия Даниловна ыытар
«Доруобуйа-биһи баайбыт» — маастар кылааһыгар кэлэн көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Бу күн эһиэхэ анаан Анисия Даниловна маастар кылааска — норуот эмин хайдах оҥорору, киһиэхэ барытыгар сөп түбэһэр эрчиллиилэри, быыһыгар сэргэхсийэр оонньуулары, нейробика ньымаларын көрдөрүөҕэ🙌 кэпсиэҕэ 🙌 сүбэлиэҕэ 🙌
❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️❇️
«Доруобуйа-биһи баайбыт» — маастар кылааска күүтэбит🙌
Кэлиҥ🙌 Сылдьыҥ🙌 Сэргээҥ🙌
Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
МУУС УСТАР 5️⃣ күнүгэр☀️,
КИЭҺЭ 1️⃣6️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан🕓
Олохтоох култуура дьиэтигэр🏛️
Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас, нэһилиэкпитигэр Аҕа сылларын чэрчитинэн, СР Аҕа уонна уол оҕо анал күннэригэр аналлаах «УОЛ АҔАТЫНААН» үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт 🙌🥳
🔺🔻 ПРОГРАММАҔА: 🔻🔺
🚩 Тэрээһин үөрүүлээх чааһа💥
🚩 «УОЛ АҔАТЫНААН»👨🏻🤝👨🏻
«Звездочка» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэригэр аналлаах күрэх🙌🥳
🚩 Кыайыылаахтары наҕараадалааһын🥇🥈🥉🎁
КЭЛИҤ🙌 СЫЛДЬЫҤ🙌 БИҺИГИННИИН БИИРГЭ БУОЛУҤ🙌
Болҕойун❗️Болҕойун❗️Болҕойун❗🌸🌸🌸🌸🌸🌸🌸
Тыйыс тымныы кыһыммытын этэҥҥэ туораан, күүтүүлээх сандал сааспытын уруйдуу көрсө, 🎊🎉💫🎊🎉💫🎊
муус устар 6️⃣ күнүгэр, күнүс 🌞 1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ ч. 🙌🏼🙌🏼🙌🏼
«Сандал сааһы уруйдуубут!»
кыһыны атаарыы бырааһынньыгар олохтоох култуура дьиэтин 🏛️ таһыгар ыҥырабыт.
🌼🌞🌼🌞🌼🌞🌼🌞🌼
Эһигини күүтэллэр:
🔹Сандал сааһы уруйдуур ырыа-тойук, көр-нар.
🔸 «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан!» түөлбэлэр икки ардыларыгар бэйэ, айылҕа уонна байанай бэлэҕиттэн хаһаас тоҥ ас аргыстаах толору астаах сандалы күрэҕэ;
🔹 «Биһиги сааскы ⛄ доҕорбут» —
дьиэ кэргэнинэн тута миэстэтигэр хаар киһи ⛄⛄⛄оҥоруу күрэҕэ;
🔸 «Аһас шоу» 👨🏻💼🧑🏻💼👨🏻💼 биирдиилээн дьоҥҥо курэх;
🔹 «Гори, гори ясно» илиинэн оҥоһуллубут чуучала күрэҕэ;
🔸 «Сандал сааһы🛷🛷🛷 көрсөбүт» түөлбэлэр икки ардыларыгар киэргэтиллибит салааска күрэҕэ;
🔹Тута миэстэтигэр көрдөөх конкурстар!🤹🏻♀️🎭⛹🏼♀️ (Ким баҕалаах кыттар)
🔸Ыччаттар көҕүлээһиннэринэн шашлык🍢🍢🍢
🔹Атыы- тутуу дьаарбаҥката🍕🌮🥫
🌞🌼🌞🌼🌞🌼🌞🌼🌞
Күрэх кыайыылаахтара анал грамотанан, 📜📜📜🎁🎁🎁сэмэй бириистэринэн наҕараадаланыахтара.
🌞🌼🌞🌼🌞🌼🌞🌼🌞
Кырыа кыһыммытын атаарар үөрүүлээх🎉🎊 бырааһынньыкпытыгар биирдиилээн дьон кэлэн, атыы-тутуу дьаарбаҥкаҕа көхтөөхтүк кыттыһаргытыгар, минньигэс астаргытын атыылыыргытыгар ыҥырабыт.
🌈🌈🌈🎊🎊🎊
Күндү нэһилиэкпит олохтоохторо,
кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттаан!
Кырыа кыһыммытын бары
бииргэ атаарыаҕыҥ, сандал
сааспытын уруйдуу көрсүөҕүҥ!!!
✨✨✨✨✨✨✨✨✨
🌟🌟🌟🌟🌟🌟🌟🌟🌟
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо!
Өрөспүүбүлүкэҕэ анал байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйүүр сыаллаах «ХАРЫСХАЛ» акция тэриллэринэн, нэһилиэкпит олохтоохторун
кулун тутар 2️⃣8️⃣ күнүгэр,
күнүс 1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан
олохтоох култуура дьиэтигэр 🏛️
⚜️ «ХАРЫСХАЛ» ⚜️акцияҕа кэлин, илиигит сылааһынан харысхаллары оҥорууга кыттыһыҥ🙌
Акцияны иилээн-саҕалаан ыытыаҕа:
Саха сирин уус-уран оҥоһуктарын маастара Валентина Борисовна Березкина.
Харысхал оҥорууга илдьэ кэлэр малгыт:
🔴 10-наах сап
🔴 момент клей
🔴 чараас кожа кырадаһыга
🔴 сырдык өҥнөөх сиэл (баар буоллаҕына)
🔴 кыптыый
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
«ХАРЫСХАЛ» акцияҕа кэлэн көхтөөхтүк кыттан, бэйэҕит кылааккытын киллэрэргитигэр ыҥырабыт🙌
🌺Убаастабыллаах Балыктаах бөһүөлэгин олохтоохторо!
🌟 Кулун тутар 31 күнүгэр киэһээ 18:00 ч. олохтоох култуура дьиэтигэр, сааһы көрсө «Эдэр саас» — диэн тэттик кэнсиэрпитигэр ыҥырабыт😊 Бу эрэ күн эһиэхэ анаан умнуллубат ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх, бириистэрдээх көрдөөх оонньуулардаах киэһэни бэлэхтиэхпит🥳🥰
Ыллам ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ эдэр сулустар:
⭐Куйаар Уола
⭐Семен Абрамов
⭐Амги
✅Киирии билиэтинэн оонньонуоҕа биһиги спонсорбыт «TourBerry» турагенствоттан СЕРТИФИКАТ НА АВТОРСКИЙ ТУР В ТУРЦИЮ🤩
Сертификатка киирэр:
✅Проживание в отеле 4-5 звезд в г. Сиде, Кэммэр или Белек, 8 дней и 7 ночей.
✅Питание на базе завтраков
✅Путешествие в Каппадокию
✅Обзорная экскурсия по Анталии
✅Экскурсия в Памуккале
✅Сопровождение гида
✅Трансфер на протяжении отдыха
🎫Киирии билиэт 500 солк.
🎫Билиэттэр концерт саҕаланыан иннинэ атыыланыахтара.
😊Долгуйа күүтэбит🥳
🔊🔊🔊 Истиҥ, көрүҥ, сэргээҥ,📢 сэргэҕэлээҥ📢 Убаастабыллаах күндү🤣 күлүүктэрбитин, дьээбэлээҕи сэҥээрээччилэрбитин «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар“ көр-күлүү бөлөҕүн туруоруутунан дьиибэ-дьээбэ
🎭🎭 🎭🎭🎭🎭🎭
«Бэтиэхэ киэҺэтэ -2024» кэнсиэригэр💃💃💃 муус устар 1️⃣ күнүгэр
киэһээ 1️⃣9️⃣чаастан
олохтоох култуура дьиэтигэр ыҥырабыт!
🎭🏛️🎭🏛️🎭💃🏃🏻♀🎼🎤
оскуола оҕолорун, студеннары, нэһилиэкпит бары олохтоохторун бу кэрэ, дьоро киэһэҕэ кэлиҥ, сылдьыҥ, көрүҥ диэн күүтэбит!
Киириитэ: 100 солкуобай.