«Айымньылаах айан аартыгынан» диэн «Аһаҕас чымыдаан» күннэрэ!

✳️✳️✳️ Ааспыт кэми өйдүөҕүҥ, саныаҕыҥ, ахтыаҕыҥ ✳️✳️✳️
2️⃣0️⃣2️⃣1️⃣ сыл сэтинньи 9️⃣ – ахсынньы 1️⃣ күннэрэ нэһилиэкпитигэр «Айымньылаах айан аартыгынан» диэн «Аһаҕас чымыдаан» күннэрэ!
Бөһүөлэкпит киэҥ эйгэҕэ аата дуорааннаахтык ааттанарыгар төһүү буолбут күн бүгүнүгэр диэри уостан түспэккэ ылланар «Балыктаах киэһэтэ» ырыа 🎼🎹🎤🪗🎤 айыллыбыта 5️⃣0️⃣ сылыгар ананар!
✳️ Сыала-соруга:
«Балыктаах киэһэтэ» ырыа айыллыбыт кэмин, кэрэһэлиир-кэпсиир ол саҕанааҕы нэһилиэк култуурунай-маассабай үлэтин көрдөрөр матырыйааллары, ахтыылары (киинэ, аудио)📼📹🎞️, хаартыскалары📸🖼️, атрибуттары түмэн🚩, биир ситимҥэ киллэрэн, дьон-сэргэ болҕомтотугар таһаарыы.🤗
«Чымыдаан» матырыйааллара ахсынньы 4️⃣ күнүгэр «Балыктаах киэһэтэ» ырыа 50 сылыгар аналлаах тэрээһин сценарийыгар 📝 түмүллүөхтэрэ.
✳️ Усулуобуйата:
Аҕалбыт матырыйаалларгытын «Сайдыы» маҕаһыыҥҥа🏠 турар чымыдааҥҥа 👝 уган иһэҕит, аттыгар журнал учета 📋🖊️ баар, ону толороҕут.
PS: киирбит матырыйааллары сканердаан, копируйдаан баран (в целости, сохранности) төнүннэрэри мэктиэлиибит.
Убаастабыллаах Балыктаахпыт олохтоохторо!
Бука барыгытын тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *