“Ааспыт кэмнэри өйдөөн-санаан аастахха” 

Алтынньы 8 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр, 1995 сыллаахха, Саха сиригэр культурнай революция саҕаламмытыттан, култуурнай сырдатар тэрилтэлэр төрүттэммиттэрэ 75 сылыгар уонна холхуоcнай театр тэриллибитэ 60 сылыгар аналлаах 39-с төгүлүн ыытыллыбыт култуура уонна спорт эстафетатын чэрчитинэн, биһиги нэһилиэкпит Наахараҕа тиийэн күрэхтэспит түгэннэрин уонна кэнсиэрин, Павел Васильевич Габышев уһулбут видеотын улахан экраҥҥа көрдөрүү тэрилиннэ.

Балыктаах уонна Наахара сүүмэрдэммит хамаандалара сытыы киирсиилэринэн видео киинэбит саҕаланна.

Кэнсиэр иннигэр нэһилиэкпит дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэ тылы тириэрпит олохтоох администрация сүрүн специалиһа Мохначевская Федора Аполлоновна.

31 сыл анараа өттүгэр буолбут сэргэх кэнсиэр Степан Ефремов суруйуутугар, биир көстүүлээх “Кийиит” комедиянан саҕаламмыт. Пьесаны туруорбуттар Татьяна Игнатьева уонна Вера Шишигина, комедияҕа итэҕэтиилээхтик оонньообуттар: Марфа Харитонова, Люция Харитонова, Руслан Мохначевскай, Владимир Габышев, Илья Владимиров уонна Антонина Прибылых.

Академический кэнсиэргэ кыттыыны ылбыт нүөмэрдэр: үнкүү бөлөҕүн толоруутугар “Кубалар” үҥкүү,

улуустааҕы эстафета хас да төгүллээх лауреата Мария Гоголева толоруутугар хомуска дьүһүйүү,

Любовь Дунаева толоруутугар соло “Алгыс ырыата”,

Уолаттар амсаамбылларын толоруутугар ырыа “Туойуоҕун үлэ киһитин”,

Егор Неустроев суруйуутугар уонна толоруутугар көрдөөх монолог,

үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар “Хатар” монгольскай үҥкүү,

улуустааҕы эстафета лауреата Петр Дохунаев толоруутугар “Чороон” уонна «Ньургуһуннар» ырыалар,

“Мүчүк” чабырҕахсыттар ансаамбылын толоруутугар “Олох күлүктэрэ”,

Акулина Черкашина уонна Любовь Дунаева толорууларыгар норуот матыыбыгар ырыа “Уой да уой”,

Петр Пестряков суруйуутугар, Владимир Габышев толоруутугар монолог “Таптал Платоновна”,

Аркадий Алексеев мелодиятыгар, Акулина Черкашина толоруутугар соло “Күөгэһэр лабаалар”,

бэтэрээн үҥкүүһүттэр толорууларыгар молдавскай үнкүү,

Ньургуйаана Скрябина толоруутугар “Төрөөбүт дойдум” фольклорнай композиция,

Анастасия Варламова мелодиятыгар, кыргыттар амсаамбылларын толоруутугар ырыа “Кыталыктар”,

улуустааҕы эстафета хас да төгүллээх лауреата Иван Прибылых толоруутугар “Бэлэх” уонна “Ньургуһуннар” ырыалар,

үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар “Дьол көлүччэтэ” үҥкүү.

Кэнсиэр декорациятын оҥорбут Илья Владимиров, баянынан доҕуһуоллаабыт Иван Прибылых, хоровой ырыалары бэлэмнээбит Аркадий Михайлов, фольклорнай нүөмэрдэри бэлэмнээбит Анисия Скрябина, үҥкүүлэри туруорбут уонна бэлэмнээбит Валерия Михайлова, уоту-күөһү оҥорбут Егор Сотников, кэнсиэри бэлэмнээбит Сардаана Стручкова, кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыыппыт Илья Габышев.

Кэнсиэр кэннэ Балыктаах уонна Наахара хамаандалара мас тардыһыы күрэхтэһиилэринэн видео киинэбит түмүктэннэ.

1995 сыллаах улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетын күрэхтэһиитин, кэнсиэрин улахан экран нөҥүө көрөн, күндүтүк саныыр дьоммут, нэһилиэкпит олохтоохторо, ыччаттара күрэхтэһиигэ уонна кэнсиэргэ көхтөөх кыттыыны ылбыттарыттан астынныбыт, долгуйа көрдүбүт, киэн тутуннубут! Төһө да 31 сыл анараа өттүгэр уһуллубут видео киинэ буоллар, бүгүҥҥү көрөөччүлэр, урукку кэми санаан, сэргээн сэҥээрэн, дуоһуйа сынньанан, бириэмэлэрин туһалаахтык атааран, астынан тарҕастылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤